История

Урукку программа тугу кэпсиирий?

Бэс ыйын 29 күнэ 1960 сыл. Дьокуускай ипподрома, сүүрүү саҕаланыыта киэһээ алта чаас. Программаҕа суруллубутунан, бастакынан сүүрэр суолга эстафета 3х1600 диэн дистанция.

Саха сирин ат сүүрүүтүгэр арааһа бастакытын уонна бүтэһигин ыытыллыбыт сүүрүү буолуо. Манна суруллубутунан, үстүү ат тахсар, Чурапчыттан Уланчик, Стрела, Хоройор. Кинилэри кытта «Водник» ДСО хамандаттан Ленка, Молния, Ветерок. Бу сүүрүүгэ Чурапчы Уланчигар сүүрдээччи Свинобоев диэн сурулла сылдьар, арааһа Иннокентий Саввич-Тыыннаахап буолуон сөп.

Бастакынан кэлбит Чурапчы хамаандатын бириэмэтэ – 5 мүнүүтэ 50 сөкүүндэ лоп курдук. Мантан салгыы өссө үс эстафетнай сүрүү буолбут. Ол гыннар, бу бириэмэни ким да куоһарбатах. Төрдүс сүүрүүгэ Уус Алдан хамаандата Скороспелка, Тииҥнэй, Сылгыһыт – 5 мүнүүтэ 51,8 сөкүүндэ көрдөрөн иккистээбит. Баар-суоҕа икки дэһээтэйинэн хаалан, Таатта хамаандата үһүс буолбут – 5 мүнүүтэ 52 сөкүүндэ.

Бу эстафета сүүрүүгэ олус да хатыһыылаах илиҥ кэлин түсүһүү тахсыбыт. Салгыы бу программаны көрдөххө, аны мэһэйдээх сүүрүүлэр кэлэллэр. Туох ханнык мэһэйдэрин этэр кыах суох, сурукка ол туһунан туох да бэлиэтээһин суох. Онон сэрэйэн эрэ көрөбүт.

Дьэ, манна эмиэ түөрт сүүрүү ыытыллыбыт. Бириэмэлэрин көрдөххө, Чурапчы Дыллыктайа 2 мүнүүтэ 05,2 сөкүүндэ көрдөрүүлээх бастыҥ быһыылаах. Иккис Мэҥэ Хаҥалас Тюбетейкалара 2 мүнүүтэ 06 сөкүүндэ.

Бу бэрт ураты сүүрүүлэр тугу кэпсииллэрий? Сахабыт сирин ат сүүрүүтүгэр араас хайысхалар боруобаланан көрбүттэрин көрдөрөр. Маннык дааннайдары биһиги, бэйэтин кэмигэр олус кичэйэн архыыбы хомуйбут Алексеев Алексей Георгиевич-Амма Өлөксөйүн өҥөтүнэн билэр тустаахпыт.

Михаил Мордовской-Михута.

Бэрдьигэстээх, Горнай

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252739
Бүгүн : 211