«Дьулурҕан» туһунан

1999 сыллаахха оччотооҕу “Республика бүттүүнэ-Вся республика” хаһыат (кылаабынай редактор Г.А. Бочкарева) спорка сыһыаннаах «Дьулурҕан» диэн балаһата аан бастаан бэчээттэммитэ. Манна сүрүннээн республика спорка олоҕо, үтүө үгэстэрэ, бастыҥ спортсменнара уонна тренердэрэ, физическэй култуураны көҕүлээччилэр, спорт көрүҥнэринэн федерациялар ыытар үлэлэрэ сырдатыллан киирэн барбыта. Бу иннинэ маннык тиэмэҕэ анал бэчээтэ суох олорбут республика дьоно «Дьулурҕаны» үөрүүнэн көрсүбүттэрэ уонна төһө кыалларынан көмөлөһөн барбыттара.

Дьэ, онон, сыыйа-баайа, «Дьулурҕан» Саха сирин бэчээтигэр бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, өрүү кэтэһэр ааҕааччылаах хаһыат буола үүнэн тахсыбыта.

Онтон 2000 сылтан редакция салалтатын көҕүлээһининэн хаһыат спорка, чөл олоххо уонна туризмҥа анаан түөрт балаһанан сыһыарыы таһаарар буолбута. Бу бэйэтэ туһугар хорсун санаа этэ. «Дьулурҕан» — республикаҕа сахалыы тылынан тахсар маҥнайгы спортивнай хаһыатынан билиниллибитэ. Онон суруйар, сырдатар ходуһата кэҥээбитэ, аналлаах да, общественнай даҕаны корреспонденнар ыстатыйалара элбэхтик хото бэчээттэнэнэр кыахтаммыта.

«Дьулурҕан» хас биирдии нүөмэрэ биһиэхэ туох эрэ күндү бэлэх курдук сыаналанар. Бэйэбит суруйан, бэлэмнээн, оҥорон, айан таһаарар дьоҥҥо хаһан баҕарар буоларыныы, наһаа чугастык ылыныллар. Үлэбитигэр син биир спорка курдук, кыайыы үөрүүтэ, хотторуу хомолтото барыта баар. Айан таһаарбыппытыттан барытыттан астыныыны-дуоһуйууну ылабыт диир кыахпыт суох. Өссө ардыгар кыахпытын ситэ туһаммаппыт дуу диэн санаа киирэр. Ол гынан баран, маннык, дьоҥҥо наадалаах үтүө дьыаланан дьарыктана сылдьарбытынан киэн туттабыт.

«Дьулурҕан» бастакы күнүттэн икки үлэһиттээҕэ, билигин “Аар Тайҕа” диэн булчуттарга анаммыт чааһынай хаһыаты бэлэмнээн, оҥорон таһаарар суруналыыс Геннадий Бечеряков уонна мин. Кэлин араас сылларга суруналыыстар Степан Юмшанов, Сергей Муксунов, Людмила Попова, Виктория Федотова, Айтана Аммосова айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ.

2002 сыллаахха «Дьулурҕаны» төрөтөн таһаарбыт “Республика бүттүүнэ-Вся республика” хаһыат тохтотуллан, биһигини республика баар-суох улахан хаһыата “Саха сирэ” бэйэтин хонноҕун анныгар ылбыта. Онон, “ханна тиийэн-түгэнэн сылдьабыт?” диэн мунаахсыйбыт дьоҥҥо иккис тыын киирбитэ.

Хаһыат кылаабынай редактора Наталья Ивановна Харлампьева:

«Дьулурҕан» биһиги дьиэ кэргэммитигэр ситэн-хотон, борбуйун көтөҕөн иһэн киирдэ. Биһиги хаһыаппыт редколлегията бу, спорду сырдатар сыһыарыы саха дьонугар туһатын, наадатын өйдөөн туран, бэйэтигэр ылла. Этэргэ дылы, ааттыын дьулурҕаннаах сырыылаах саҥа сыһыарыыбыт “Саха сирэ” хаһыат кынатын анныгар саҥа кирбиилэргэ дабайа турдун!” — диэн алҕаабыта, ситиһиини баҕарбыта.

Бу кэм устата «Дьулурҕан» кэтэһиилээх ааҕааччыларыгар күндү кэһиилээх ыалдьыт буолан дьиэлэригэр киирэн кэллэ. Биһиги хаһыаппыт биир уратыта диэн, тастан кэлбит суруктарга, ааптардарга болҕомто ууруу, төһө кыалларынан кинилэр үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ таһаарыы буолар. Итиэннэ дьон аҥардас хаһыакка бэйэлэрин суруйууларын эрэ ыытан таһааттарыынан муҥурдамматтарын, ону таһынан редакция ыытар үлэтигэр көмөлөһөллөрүн ситиһэ сатыыбыт. Элбэх куонкурустары, ыйытыктары, викториналары тэрийэбит. Ол курдук, футболу, шайбалаах хоккейы, тустууну, дуобаты таптааччыларга араас сыаналаах бириистэри туттаран, хаһыат тэрийэр дьоҕурдааҕын уонна ааҕааччыларын кытта араас ньыманан сибээстэһэрин көрдөрдүбүт.

Ити курдук, “Саха сирэ” хаһыат иһинэн барыта уон биэс үлэлээн баран, 2017 сыл сайыныттан «Дьулурҕан» аны “Киин куорат” хаһыат иһинэн бэчээттэнэн тахсар.

«Дьулурҕан» дьэ, ити курдук салаллан, 18-c сылын сахалыы тыллаах ааҕааччы улахан сэҥээриитин, киэҥ биһирэрбилин ылан, бэчээттэнэн тахса турар итиэннэ билиҥҥи күөнтэһиилээх олоххо ааҕааччытын ахсаана элбииригэр дьулуһар. Балаһаттан саҕалаан, сыһыарыы буолан, аны туспа спортивнай хаһыат буолар ыра санаата олоххо киирдэ!

Петр ПАВЛОВ, «Дьулурҕан» редактора.

242615
Бүгүн : 5