Соснин кыайда дуу, Максимов дуу?
Бүгүн, Алдаҥҥа, Саха сирин спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр V спартакиада төрдүс күнүгэр биатлоҥҥа күрэхтэһии саҕаланна. Сарсыардаттан манна хаар кыдамныыр, сытыы тыаллаах. Ону ол диэбэккэ, спортсменнар туох баалларын күрэхтэстилэр.
Биатлоҥҥа сприҥҥэ кыргыттар уонна дьахталлар 6 км, онтон уолаттар уонна эр дьон 9 км ким түргэнник хайыһардыырын уонна бэргэнник ытарын быһаарыстылар.
Холобур, эр дьоҥҥо спорт маастара Николай Максимов (Амма) уонна Михаил Соснин (Алдан) икки ардыларыгар сытыы киирсии буолла. Бастакынан биэтэккэ, эрдэ сүүрбүтүн быһыытынан, Соснин кэллэ. Комментатор эппитинэн, кини үчүгэй бириэмэни көрдөрдө. Сотору буолаат, фиништиир көнөҕө Максимов таҕыста уонна туох баарынан түһүнэн кэбистэ. Комментатор тута эппитинэн, Николай бириэмэтэ ордук диэтэ.
Ол гынан баран, көрөөччүлэр ортолоругар, кэпсэтии күөдьүйдэ. Сорохтор Соснин кыайда дииллэр, атыттар Максимов бастаата дииллэр.
Дьэ, ону кылаабынай судьуйалыыр коллегия быһаарыа. Соснин кыайда дуу, Максимов дуу?
Петр Павлов.
Аааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.