Интервью

Владимир Егоров: “Дойдулаах буолан тирэхтээхпин”

// Дьулурҕан архыыбыттан

Билиҥҥи саха ыччатыгар аан дойду аартыктарын арыйар кыах-күүс, модун санаа дириҥник олохсуйбутун астына көрөбүт. Онтон аммалар аан дойду аартыктарын тустуу нөҥүө арыйбыт киэн туттар ыччаппыт 24 саастаах Владимир Егоров буолар.

Кини — Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх, Н.Захаров-Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын, Роман Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэллэр училище выпускниктара, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна спорт государственнай институтун устудьуона, көҥүл тустууга Россия спордун маастара, Македония гражданина, «S.V.Germania 04 Weingarten» Германия тустуутун кулуубун бөҕөһө.

Владимир Егоров дойдутугар кэлэ сылдьар кэмигэр сахатын дьонун-сэргэтин кытта санаатын үллэстэр, туох-хайдах туста сылдьарын, инники былааннарын туһунан кэпсэттибит.

Владимир, “тустуу – бу миэнэ эбит” диэн санаа эйиэхэ хаһан олохсуйбутай?

– Бөтүҥҥэ кыра кылаастарга үөрэнэ сылдьан, аан бастаан сылдьыбыт секциям — тустуу. Тренербит Неустроев Петр Дмитриевич этэ. Оччолорго тустуу олохпор сүрүн миэстэни ылыа диэн санаабат да этим. Оҕо-оҕо курдук мэниктээн, оонньоон “тыыммын таһаарар” эрэ курдугум. Арай, Абаҕаҕа буолбут улуустааҕы тустуу түһүлгэтигэр бастакы кыайыыбын ситиспиппин умнубаппын. Ол күрэхтэһии кэнниттэн кыайар диэн үчүгэйин күүскэ өйдөөн хаалбытым. Онон тустуу олохпор сүрүн миэстэни ыларыгар ити кыайыы улахан оруолу оонньообут быһыылаах диэн билигин сыаналыыбын.

Онтон 4-с кылаастан Аммаҕа, Сахаачча аатынан оҕо спортивнай оскуолатыгар эрчиллибитим. Тренердэрбин – Илья Анатольевич Солдатовы, Ньургун Валерьевич Ивановы кытта Амманы ааһан, республика түһүлгэлэригэр, онтон салгыы Россия куораттарынан айаннаан, элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттыбыппыт. Бииртэн биир кыайыылар кэлэн испиттэрэ.

Тустуу диэн тугун-хайдаҕын оҕо сылдьан Дагестан республикатын Хасавюрт куоратыгар «Спартак» оҕо спортивнай оскуолатыгар биэс сыл субуруччу эрчиллэн билбитим. Наһаа итии дойду этэ. Ону кытта күүстээх дьарык буолааччы. Таһыттан иһиттэн барыта ип-итии. Онон эт-хаан, өй-санаа өттүнэн ынырыктык буспуппут-хаппыппыт. Каспийскай муораҕа сөтүөлээн, фрукта бөҕөтүн сиэн күүс-сэниэ ылар этибит. Кыра эрдэхпититтэн маннык сбордарга сылдьан атын омук оҕолорун кытта дьарыктанан, сайыннахпыт аҕай дии. Тренербит Илья Анатольевич биһиэхэ оҕо эрдэхпититтэн тустуу туһунан өйдөбүлү олус киэҥник хабан иҥэрбит эбит. Ити билигин миэхэ олус туһалыыр.

Биир кэмҥэ Чурапчытааҕы оҕо спротивнай оскуолатыгар үөрэнэ сылдьыбытым. Онтон 9-с кылаастан Олимпийскай эрэллэр училищеларыгар үөрэммитим уонна салгыы онно хаалан, үс сыллаах физкультурнай үөрэҕи барбытым.

Билигин бэйэм кыайыыларбынан сирдэтэн, “тустуу – бу миэнэ эбит” диэн санааҕа кэлбитим диэхпин сөп.

– Онтон хотторуу, кыайтарыы туохха үөрэтэрий?

– Чиэһинэй хотторууну киэҥник хабан ылар буоллаххына, үчүгэй өрүтүн бэйэҥ тускар туһаныаххын сөп — булгуруйбат, тостубат күүстээх санааны бэйэҕэр олохсутаргар, өй-санаа өттүнэн күүһүрэргэр, эрчимирэн биэрэргэр. Онон хотторору, кыайтарары уйар туспа үөрэх дии саныыбын.

– Владимир, Македония гражданствотын хаһан, хайдах уонна тоҕо ылыммыккыный?

– Бу дойду гражданствотын 2015 сыллаахха, манна Россияҕа эдэрдэргэ туста сылдьар кэммэр ылыммытым. Ол иннинэ Россияҕа кыра, улахан саастаах уолаттарга II, III призер буолбутум, аан дойдутааҕы турнирдарга эмиэ миэстэлэһэр этим. Ити кэмҥэ Македонияттан тустар туһунан этиилэр киирэ сылдьыбыттара гынан баран, докумуон, кумааҕы өттө кыаллыбакка быһыылаах уонна “эн Россияҕа тустарын наада” диэн оннук хаалбыта. Эмиэ ити кэмҥэ Россия эдэрдэргэ Европаҕа тустар иһин хапсыһыылар Улан Удэ куоракка буолбуттара. Наһаа кыһыылаахтык хотторбутум. Чиэһинэйэ суох хотторууну ылынар ыарахан этэ. Ол кэмҥэ Македония гражданствотын ылынан, бу дойду аатыттан тустар туһунан этии иккистээн киирбитэ. Онон бүтэһиктээхтик быһаарынан, тренербин Павел Михайлович Капитоновы кытта гражданствобын оҥотторон, Германия «S.V.Germania 04 Weingarten» профессиональнай тустуутун кулуубун кытта контракт баттаспытым.

Киһи олоҕун уларытар түгэн хас биирдии киһиэхэ тосхойон ааһар. Ол гынан баран, кимиэхэ эрэ эдэр, сороххо орто, атыттарга кырдьар саастарыгар. Миэхэ оннук түгэн саамай тустар, бэйэм кыахпын арыйар кэммэр түбэспитэ дьолум дии саныыбын.

– Эн саха тустуутун оскуолатын ааспыт бөҕөс омук дойдутун тустуутун хайдах ылыммыккыный?

– Биллэн туран, атын дойду аата атын дойду, уратыта элбэх. Германия бундеслигата диэн спорт араас көрүҥнэригэр, ол иһигэр көҥүл тустууга ыытыллар үрдүкү чемпионаты ааттыыллар. Бундеслига биир спортивнай сезон биэс ыйы хабар, балаҕан ыйыттан – тохсунньуга диэри. Манна аан дойду бары муннугуттан профессиональнай спортсменнар контрагынан кэлэн кыттыыны ылаллар. Уратыта диэн, соҕотохтуу буолбакка, кулуубунан кыттабыт. Онон хамаанданан үлэ буолан, наһаа улахан эппиэтинэстээх. Бэйэҥ формаҕын сүтэрбэккэ тута сылдьыахтааххын, эрчиллииҥ, дьарыгын таһыма эмиэ үрдүк буолуохтаах. Биир сиргэ тохтоон туруо суохтааххын. Холобур, 2016 сыллаахха Германия бундеслигатыгар биһиги “Вайгартен” кулууппут үрүҥ көмүс призерунан буолбута улахан ситиһии этэ. Ити сыл биир сезон устата 57 уонна 61 киилэҕэ – 11 хапсыһыыны оҥорбутум. Контракпын эмиэ салҕаан, кулууппар туста сылдьабын. Эрчиллэбин.

Контракт быһыытынан, Македонияҕа да, Германияҕа даҕаны олорор, дьарыктанар усулуобуйам баар. Контрагынан тустуу — улахан эппиэтинэһи сүктэрэр, бэйэҥ кыаххын толору туһанан, маастарыстыбаҕын үрдэтэри ирдиир үлэ. Ону хайдах баарынан ылынан, үлэлиибин, эрчиллэбин. Бииргэ тустар табаарыстарбын кытта уопсай тылы булан, бэйэбит икки ардыбытыгар сыһыаммыт үчүгэй. Өрөбүллэргэ дьиэлэригэр ыҥыран ыалдьыттаталлар, экскурсияларга сырытыннараллар. Сүрүн кэпсэтэр тылым – английскай. Омук тылын кыһалҕаттан да диэххэ сөп, үөрэтэн, Германияҕа холкутук сылдьабын.

Билигин саныыбын ээ, баҕар, Улан- Удэ түһүлгэтигэр кыайбытым буоллар, бу маны барытын билиэм-көрүөм суоҕа эбитэ буолуо. Онон куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх дииллэрэ кырдьык эбит.

Улахан спорка туох ыарахаттары көрсөҕүнүй?

– Бэйэм талан ылан, баҕа өттүбүнэн барбыт суолум. Ыарахаттар баар да буоллахтарына, ону кэпсиир, ырытар сөп дии санаабаппын. Биир дойдулаахтарым аммалар улахан өйөбүлү оҥороллор. Биллэр урбаанньыт Руслан Еремеевич Федотов улахан күрэхтэһиилэргэ кыттарбар, витаминазациябар диэн анал стпендия анаата. Сүрдээх улахан көмөтүн иһин махталбын тиэрдэбин.

Ханнык баҕарар спортсмен спорт саамай муҥутуур чыпчаалын Олимпы дабайыан баҕарар. Саха киһитин сиэринэн, бэйэни хайҕаммакка, арбаммакка, аа-дьуо, чуумпутук айаннаан, сыалбын-сорукпун ситиһэргэ дьулуһабын.

– Дойдугуттан ыраах сылдьан, дьиэҕин-уоккун, чугас дьонноргун, төрүт аскын-үөлгүн ахтаҕын…

– Төһө да Европа дойдуларынан сырыттарбын, биһиги Сахабыт сириттэн кэрэ, үчүгэй сир ханна да суох. Сахалыы ас-үөл сибиэһэйинэн аан дойдуга инники кэккэҕэ турара буолуо дии саныыбын.

Быйыл ыал буоллум. Кэргэним Күннэй, Сунтаар кыыһа. Күннэйбэр истиҥ тапталыгар, миигин өйдүүрүгэр, тулуурдаах, күүстээх санаатыгар улаханнык махтанабын! Кэргэним улахан спорка үлэбин ылынар, өйдүүр буолан, төһө да мин Германияҕа, кини Сунтаарга олордорбут, бэйэ-бэйэбититтэн ыраах сылдьарбыт мэһэй буолбат. Ыал сиэринэн, эбиллиини күүтэбит. Барыта этэҥҥэ буоларыгар баҕарабын.

Саамай чугас, аттыбар баар дьонум — төрөппүттэрим Александра Владимировна, Дмитрий Петрович Егоровтар. Биир дойдулааҕым Яковлев Семен Осипович оҕо эрдэхпиттэн ураты болҕомтотун ууран көмөлөһөр. Кини бэйэтэ тустуук. Кыра кылааска үөрэнэ сылдьан, Бөтүҥҥэ буолбут Семен Осипович бирииһигэр көҥүл тустуу күрэҕэр чемпионнаабытым. Онно миигин бэлиэтии көрөн, “куоракка биһиэхэ сылдьар буол” диэн бэйэтигэр чугаһатан, күн бүгүнүгэр диэри аймахтыы истиҥ сыһыаннаахпыт. Училищем директора Алексей Алексеевич Филиппов, ЧИФКиС ректора Иннокентий Иннокентьевич Готовцев улаханнык өйүүллэр. Үөрүүлээх да, хомолтолоох да күннэрбэр аттыбар куруук баар киһим —Илья Анатольевич Солдатов.

Дойдулаах буолар диэн киһиэхэ наһаа улахан тирэҕи биэрэр. Онон өйүүр-өйдүүр дьоннордоох буоламмын, бэйэбин тирэхтээхтик сананабын.

— Тустуу таһынан туох дьарыктааххыный?

—  Булка, балыкка сылдьабын. Ордук куска сылдьарбын сөбүлүүбүн. Быйыл кэргэним дойдутугар Сунтаарга сайылаан оттоотум, кустаатым. Иллэҥ кэм көһүннэр эрэ тылы үөрэтэбин.

– Саха ыччатыгар тугу этиэҥ этэй?

– Тугу ситиһиэхтээххин эрдэттэн билэн, ону сыал-сорук туруорунан, олоххун оҥосторун ордук. Ханнык баҕар киһи олоҕор ыарахан түгэннэр бааллар. Ол кэмҥэ тостон, мөлтөөн хаалбакка, ыарахаттары тулуйуохха, аһардыахха. Олоххор тосхойор дьоллоох түгэннэри мүччү туппакка, бэйэҥ эрэ тускар буолбакка, төрөөбүт дойдугун, дьоҥҥун-сэргэҕин санаан туран үлэлиирин кэскиллээх, үйэлээх..

Владимир Егоров ситиһиилэрэ:

-Кыра саастаах уолаттарга Россияҕа иккис миэстэлээх, улахан саастаах уолаттарга Россияҕа иккис, Россия оҕолорго үһүс, Турцияҕа ыытыллыбыт аан дойдутааҕы турнирга икки төгүл үһүс миэстэлээх (2010-2013 сс.);

-К.Курамогомедов аатынан Бүтүн Россиятааҕы турнирга бастакы миэстэлээх (2013 с.);

-С.А. Преображенскай Бүтүн Россиятааҕы турнирыгар үһүс миэстэлээх (2014 с.);

-Дальнай Восток икки төгүллээх чемпиона;

-Македонияҕа бастыыр иһин күрэхтэһии чемпиона (2016 с.);

-Германия бундеслигатын клубнай чемпионатын үрүҥ көмүс призера (2016 с.);

-23 саастарыгар диэри эдэрдэргэ бастыыр иһин Македония түһүлгэтин чемпиона (2017 с.);

-көҥүл тустууга Европа чемпионатын кыттыыллааҕа (2017 с.).

Кэпсэттэ Сардаана МАТВЕЕВА.

“Дьулурҕан” хаһыат 2018 сыл ахсынньы 27 күнүнээҕи №-рэ. 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252754
Бүгүн : 226