Валентин Йорданов: “Саха сиригэр ыалдьыттаабыппыттан астынным”
Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев кэриэһигэр көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир бочуоттаах ыалдьытынан Болгарияттан аан дойдуга аар саарга аатырбыт тустуук Валентин Йорданов буолбута. Кинини кытта көрсөн аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөспүппүн, “Дьулурҕан” ааҕааччыларыгар билиһиннэрэбин. Нууччалыы олуттаҕастык да буоллар, бэйэ-бэйэни өйдөһөн, кэпсэтии син тахсыбыта.
-Валентин, манна кэлиэҥ иннинэ Саха сирин туһунан туох дии санаабыккыный?
-Наһаа тымныы уонна барыта хаар буолуо дии санаабытым (күлэр). Дьиҥэ, манна наһаа оннук тымныы буолбатах эбит. Киһи тулуйууһу. Сахалар наһаа эйэҕэстик көрүстүлэр. Дьокуускайга кэлэн, бэйэм урукку доҕотторбун көрүстүм. Саха сиригэр кэлбиппиттэн үөрэбин.
Саха тустууктарын кытта истиҥ сыһыаннаахпын
-Роман Дмитриев туһунан тугу этиэҥ этэй?
-Роман миигиттэн сааһынан аҕа этэ. Ол иһин, көбүөргэ утары тахсан тустубатахпыт гынан баран, кини туһунан элбэхтэ истибитим. Кини күүстээх тустуук, олимпийскай чөмпүйүөн. Күрэхтэһиилэргэ элбэхтэ көрсөн эҕэрдэлэһэр, кэпсэтэр этибит. Киһи да быһыытынан дьоҥҥо сирдэрбэт этэ. Онон кини туһунан саамай үчүгэй эрэ өйдөбүллээхпин.
Романы кэриэстээн күрэхтэһии тэрийэргит үчүгэй. Бу күрэхтэһиини үгэс быһыытынан ыыта тураргытыгар баҕарабын. Түһүлгэ тэрээһинин туйгунунан сыаналыыбын. Эдэр тустууктарга аан дойду үрдүнэн ыытыллар күрэхтэһиилэртэн саамай улахан таһымнаахтара дии саныыбын. Бу түһүлгэттэн элбэх күүстээх тустууктар үүнэн тахсалларыгар эрэнэбин. Роман Дмитриев аата дьоҥҥо-сэргэҕэ чөмпүйүөн быһыытынан хаалыаҕа.
-Валентин, эн көбүөргэ хаста да саха тустууга оскуолатын иитиллээччилэрин кытта көрсөн тураҕын. Холобур, Тбилиситээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы турнир финалыгар Роман Цыпандины кытта. Ити хапсыһыы туһунан тугу этиэххин сөбүй?
-Ити буолбута ыраатта, 1983 сыллаахха этэ. Хапсыһыы саҕаланыыта мин хотторон испитим. Онтон бүтэһиккэ кыайыыны ситиспитим уонна турнир кыайыылааҕынан буолбутум. Цыпандин күүстээх тустуук буоларын көрдөрбүтэ. Мин кинини итинтэн ыла улахан түһүлгэлэргэ тахсара буолуо дии санаабытым эрээри, ханнык даҕаны күрэхтэһиигэ көрбөтөҕүм. Тоҕотун билбэппин.
-Өссө эйигин кытта 1995 сыллаахха аан дойду чөмпүйэнээтигэр Герман Контоев тустубута…
-Да, Германы билэбин, күүстээх тустуук. Ити Атлантаҕа буолбут хапсыһыыны өйдүүбүн, тэҥ киирсии буолбута, түмүккэ мин кыранан баһыйан хоппутум. Кини миигиттэн эдэр, сэниэлээх. Уопсайынан, өссө элбэх саханы кытта тустубут буолуохтаахпын, ол гынан баран, ааттарын өйдөөбөппүн. Кыра ыйааһыннарга Саха сирин тустууктара үгэс быһыытынан хаһан баҕарар күүстээх утарсааччылар. Саха тустууга оскуолата – аан дойдуга биир күүстээҕинэн биллэр. Чөмпүйүөннэр Павел Пинигин, Александр Иванов, Василий Гоголев, Петр Юмшанов – бары мин доҕотторум. Ол кинилэри кыайбытыҥ дуу, хотторбутуҥ дуу оруолу оонньообот, кылаабынайа өрүү киһилии, доҕордуу истиҥ сыһыаннаах буолуохха.
Йорданов диэн араспаанньаны өссө истиэххит
-Йордановтар дьиэ кэргэҥҥэ өссө тустууктар бааллар дуо?
-Убайым Иван тустар этэ. Куһаҕана суохтук тустара, ол гынан баран, улахан таһымҥа тахсыбатаҕа. Манна даҕатан эттэххэ, миигин тустуу саалатыгар кини аҕалбыта. Аҕам тыыннаах эрдэҕинэ мин күрэхтэһиилэрбин кэрийэ сылдьан көрөрө. Саамай чугас, истиҥ ыалдьааччым этэ. Киевкэ аан дойду чөмпүйэнээтигэр бастаабыппар наһаа да үөрбүтэ. Мин уол уонна кыыс оҕолоохпун. Уолум билигин Америкаҕа олорор, оскуолаҕа тустуу тириэньэринэн үлэлиир. Сотору кэминэн көбүөр сулустарын эрчийэн, дьарыктаан таһаарыа, онон кэтэһиҥ, Йорданов диэн араспаанньаны өссө истиэххит. Кини бэйэтин үлэтин олус таптыыр. Туста сылдьыбыта. Ол эрээри, тустуу ыарахан көрүҥ…
-Тоҕо мин итини ыйытабын? Биһиги эн курдук тустуук үүнэн тахсарын күүтэбит. Хомойуох иһин, билигин Валентин Йорданов курдук кылбардык тустар тустуук суох…
-Ыйытыыгын өйдөөтүм. Билигин биир саастаах сиэннээхпин. Эмиэ мин курдук, Валентин диэн ааттаах. Кини тустуук буолуон баҕарабын. Таҥара хайдах биэрбитинэн. Хайдах тустуук буолан тахсарын кэм-кэрдии көрдөрүө.
Дьиссипилиинэтэ суох тугу да ситиспэккин
-Валентин, 90-с сыллар саҕаланыыларыгар эйигин Арассыыйа хамаандатын сүрүн тириэньэрэ Иван Ярыгин бэйэтин хамаандатыгар ыҥыра сатаабытын туһунан истибитим. Ити туһунан тугу этиэҥ этэй?
-Ярыгинныын элбэхтик көрсөн кэпсэтэр этибит. Хас күрэхтэһии аайы көрсөрбүт. Иван Ярыгин – улуу тустуук уонна ытыктанар киһи. Биирдэ мин тустуубун быраҕарга санаммытым. Ити 1989 сыллаахха аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыһыл көмүс мэтээли ылан баран этэ, тоҕо эрэ салгыы тустар санаам сүтэн хаалбыта. Бу түгэҥҥэ эмискэ Иван Сергеевиһы көрсүбүтүм. Кини миэхэ салгыы тустарбар сүбэлээбитэ. Онон салгыы тустаммын, олимпийскай чөмпүйүөн буолбутум. Ол иһин, киниэхэ махталым муҥура суох.
-Билигин тугунан дьарыктанаҕыный? Биһиги билэрбитинэн, эн Болгария тустууга федерациятын салайааччытынан үлэлээбитиҥ.
-Болгария тустууга федерациятын бэрэсидьиэнин дуоһунаһыттан тохтообутум, ол гынан баран, син биир көмөлөһөбүн. Национальнай олимпийскай кэмитиэккэ үлэлиибин. Төһө да тустан бүттэрбин, олоҕум барыта спорду кытта сибээстээх.
-Эйигиттэн, бачча көрсөн баран, Болгария тустуута тоҕо мөлтөөбүтүн туһунан сураһыахпын баҕарабын. Урут Болгария тустуутунан аатырар этэ дии.
-Ити улахан кыһалҕа. Болгария билигин ыытар бэлиитикэтэ уонна тутула уларыйбыта. Спорка кыайыы – дьиссипилиинэ, бэрээдэк баар эрэ буоллаҕына ситиһиллэр. Дьиссипилиинэтэ суох тугу да ситиспэккин. Билигин биһиги спорпутугар дьиссипилиинэ, бэрээдэк суох. Спорка дьиссипилиинэтэ суох тугу даҕаны ситиспэккин. Ол да буоллар, үгэс салҕанар, улахан таһымнаах күрэхтэһиилэр ыытыллаллар, тустууну тарҕатыы, тустууга угуйуу баар, ол гынан баран, чөмпүйүөннэр эрэ суохтар. Билигин эдэр дьон туохха барытыгар ситиһиини, чөмпүйүөн аатын-суолун, кыбартыыраны, массыынаны тута ыла сатыыр. Олоххо оннук буолбат. Туохха барытыгар сэттэ көлөһүҥҥүн тоҕон үлэлиэххин наада. Бэрээдэктээх, дьиссипилиинэлээх буолуохтааххын, эрчийэр тириэньэрин тылын истиэхтээххин. Тириэньэр – эн ситиһиигэр сүрүн киһи.
Саха сирин сайынын көрүөхпүн баҕарабын
-Валентин, сорохтор эйигин биир дойдулааҕыҥ, Дьобуруопа чөмпүйүөнэ Румен Йордановы кытта буккуйаллар. Кини эйиэхэ кимий? Аймаҕыҥ дуо?
-Суох. Кини 1980 сыллааҕы Москватааҕы Олимпиадаҕа 48 киилэҕэ тустубута. Румен мин аймаҕым да, тугум даҕаны буолбатах, боруоста араспаанньабыт биир. Хомойуох иһин, кини билигин биһиги ортобутугар суох.
-Оттон манна, Роман Дмитриев турнирыгар кыттыбыт болгар тустууктарын туһунан тугу этиэҥ этэй?
-Кинилэр куһаҕана суох тустууктар. Бургас куорат тустууга кулуубун чилиэннэрэ. Уолаттар хоттордулар, ол аата, өссө үчүгэйдик үлэлиэхтэрин, өссө күүскэ дьарыктаныахтарын наада. Үчүгэй көрдөрүүнү ситиһиэххин баҕарар буоллаххына, хас күн аайы тиритэ-хорута эрчиллии эрэйиллэр. Тустууга хаһан баҕарар, син спорт атын көрүҥнэригэр курдук, чэпчэки кыайыы диэн суох. Үлэлиэххэ, үлэлиэххэ уонна өссө күүскэ үлэлиэххэ наада.
–Саха сирэ, Дьокуускай хайдах эбитий?
-Барыта үчүгэй. Өссө кэлиэхпин, Саха сирин сайынын көрүөхпүн баҕарабын. Сахалары астынным, тустууну наһаа таптыыллар, чөмпүйүөннэри ытыктыыллар эбит. Мин санаабар, эһиэхэ хайаан даҕаны Чөмпүйүөн баар буолуоҕа!
Петр ПАВЛОВ.
Дьулурҕан: Валентин Йорданов олоҕун оҥкуллара
1960 сыллаахха тохсунньу 26 күнүгэр төрөөбүтэ.
1973 сылтан тустуунан дьарыктанар.
1990-1996 сылларга АХШ-гар олорон дьарыктаммыта.
1994-1995 сылларга ФИЛА быһаарыытынан аан дойду бастыҥ бөҕөһүнэн ааттаммыта.
2000-2017 сылларга Болгария тустууга федерациятын бэрэсидьиэнэ.
Көҥүл тустууктартан аан дойду үрдүнэн бастыҥ көрдөрүүлээх бөҕөс – улахан таһымнаах күрэхтэһиилэртэн 15 кыһыл көмүс, 3 үрүҥ көмүс, 3 боруонса мэтээллээх. Аан дойду уонна Дьобуруопа 7-лии төгүллээх чөмпүйүөнэ, 1996 сыллааҕы Олимпиада кыайыылааҕа, 1992 сыллааҕы Олимпиада боруонса призера.
Сүүрбэ сыл устата наар 52 киилэҕэ тустубутун тухары, бэйэтиттэн уопсайа 350 киилэни түһэриммитэ. Официальнай күрэхтэһиилэргэ 685-тэ тустубутуттан 673-гэр кыайыыны ситиспитэ.
Кэргэннээх, икки оҕолоох.
Дьулурҕан 2019 сыл муус устар 4 күнүнээҕи №-рэ.