История

Ойуунускай уонна физическэй култуура

// Физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар

П.А. Слепцов – Ойуунускай “Сүүс сыллаах улуу былааҥҥа” (1927 с.) суруйбута: “Туох дьаһал үлэ барыта, туох дьол-соргу барыта дьон доруобуйата тубустар, дьаҥ-дьаһах, ыарыы-сүтүү суох буоллар. Оччоҕо эрэ кыайыллан-хотуллан, ситиллэн-толоруллан олох үрдээн иһиэх тустаах”.

Ойуунускай уонна физкултуура сэбиэтэ

1923 сыл алтынньы 26 күнүгэр тэриллибит Дьокуускайдааҕы физкултуура сэбиэтэ тута оннун булбатах курдук – аата хаста да улартыллыбыт, сэбиэт чилиэттэрэ атын үлэлэргэ барыталаабыттар. Онон буолуон сөп уонна Сэбиэт үлэтин кэҥэтэр инниттэн партия Саха сиринээҕи уобаластааҕы комитетын агитацияҕа уонна пропагандаҕа салаатын 1924 сыл ахсынньы 30 күнүнээҕи уурааҕынан П.А. Ойуунускай ЯЦИК (Саха АССР Киин ситириилээх комитетын) председателинэн үлэлии олорон, 1925 сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр бэйэтин уурааҕынан Сэбиэт председателинэн анаммыта.

1924 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр президиум мунньаҕар Сэбиэт сыллааҕы үбүн көрбүттэр. Биир сүрүн боппуруоһунан “Саха омук” общество иһинэн сахалар тыа сирин олохтоохторугар физкултуура сэбиэтин тэрийии былаанын оҥорорго сорудахтаммыт. Итиннэ биир бэлиэ түгэнинэн 1925 сылга өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Национальнай спортивнай оонньуулары” тэрийии туһунан ылыныллыбыт уураах буолар. Ити уураахтан сиэттэрэн уонна “Саха омук” көҕүлээһининэн буолуон сөп – Охотскай муора чугаһыгар Аркы диэн сиргэ норуот оонньуулара ыытыллыбыттара биллэр – тустууга, мас тардыһыытыгар, сүүрүүгэ, винтовканынан ытыыга күрэхтэспиттэр. Тунгустар, сахалар, коряктар, камчадаллар уонна чуваннар, барыта 700 киһи кыттыбыт диэн.

П.А. Ойуунускай, оччотооҕу кэмҥэ сөп физическэй култуура суолтатын норуокка, ыччакка туһатын туһунан хайысха биэрбит биир үлэтинэн 1924 с. алтынньы 16 күнүнээҕи “Автономная Якутия” хаһыакка “Задачи физкультуры в Якутии” диэн ыстатыйата буолар.

Платон Алексеевич ыстатыйатыгар суруллубут соруктар сүрүннээн үлэҕэ, дьон-сэргэ, оҕо-ыччат күннээҕи олоҕор быстыспат ситим буолан киирэн барбыттара. Ол курдук, 1925 с. cаҕалаан оскуолаларга физическэй култуура уруоктара ыытыллар буолбуттара. Спорт национальнай көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэри тэрийэн ыытыыга быраабылалары оҥорууга бастакы холонуулар боруобаламмыттара. Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар “физкультура” диэн үлэ хайысхатын, суолтатын өйдөтөр суруйуулар, футболга күрэхтэһиилэр, физкультура куруһуоктарын, хаҥкылааһын, хайыһардааһын туһунан сырдатар кылгас хронологиялар тахсыталаан барбыттара.

“Якутские зарницы” литературнай-общественнай сурунаалга хас нүөмэр аайы физкултуура тематыгар 5-6 страница бэриллэр буолбута. Бу кэмҥэ Саха сирин историятыгар аан бастаан аҕыс куруһуок тэриллэн үлэлэрин саҕалаабыттара: Совпартоскуолаҕа, медтехникумҥа, II cтупеннаах оскуолаҕа, “Саха омук” обществоҕа, национальнай байыаннай ротаҕа уонна партийнай-профсоюзнай кулуупка 200 физкультурнигы хабан үлэлээбиттэрэ. Оскуолаларга саахымат, гимнастика, хамсаныылаах оонньуулар, велосипед куруһуоктара үлэлиир буолбуттара.

1924-1925 сыл кыһыныгар 30-ча төгүл спортивнай көрдөрүүлээх биэчэрдэр тэриллибиттэр: көҥүл хамсаныыларга, гимнастическай пирамидалары оҥорууга, французскай тустууга ыытыллан, Дьокуускай куорат олохтоохторун ортотугар улахан сэргэхсийиини-сэҥээриини таһаарбыттара. Каток тутуллан үлэлээн барбыта. Хайыһарга, хаҥкыга күрэхтэһиилэр, хайыһарынан походтар тэриллибиттэрэ.

Тыа сиригэр оройуоннарга уонна улуустарга физкультура сэбиэттэрин тэрийиигэ холонуулар саҕаламмыттара.

Ол курдук, сотору кэминэн физическэй култуура уруога П.А. Ойуунускай дьаһалынан оскуолаларга, үөрэх бары кыһаларыгар киирэн барбыта. Физкултуура сэбиэтин иһинэн үлэлиир “инспектор” диэн дуоһунастаах үлэһит биир сылга атынан уонна сатыы айаннаан 20 улууһу кэрийбитэ биллэр. Бу үлэһит бэйэтин справкаларыгар физкультурнай үлэни тэрийиини хайгыыр, ардыгар итэҕэстэри сэмэлиир, саҥа соруктары туруорар, улуус салалтатыгар араас сүбэлэри биэрэн салгыы таһаарыылаахтык үлэлииргэ этэр эбит.

П.А. Ойуунускай биир улахан үтүөтүнэн саха норуотун доруобуйатын тупсарыы, бөҕөргөтүү, социальнай ыарыылары суох оҥоруу туһугар улахан үлэни ыыппыта буолар.  “Автономная Якутия” хаһыакка 1924 с. бэс ыйын 28 күнүгэр тахсыбыт бэсиэдэтигэр Саха сиригэр улахан эмтиир-сынньатар, чэбдигирдэр санаторийдары тэрийэр наадатын,  Дьокуускай куоракка итинник эмтиир киини тутарга санаатын эппитэ. Онно үрүҥ аһынан, биэ кымыһынан эмтээһин баар буолуохтааҕын ахтыбыт. Ол түмүгэр “Красная Якутия” санаторий тэриллэн, өр сылларга үлэлээн, ордук сэллик ыарыыны суох оҥорууга, үтүмэн үтүөлээҕин бары билэбит.

Ойуунускай сахалыы илии-атах оонньууларын туһунан

П.А. Ойуунускай биир бастакы научнай хабааннаах үлэтэ “Якутская сказка (олоҥхо), ее сюжет и содержание” диэн ааттанан 1927 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт “Саха кэскилэ” общество чинчийэр-үөрэтэр хайысхалаах ыстатыйалар хомуурунньуктарыгар киирбитэ.

Хомуурунньук редколлегиятын кылгас быһаарыытыгар суруллар: “Автор настоящей статьи – талантливый якутский поэт… Статья дает так много нового и ценного в научном отношении, что несомненно послужит немалым вкладом в дело изучения якутского народа…”.

Ыстатыйаттан манныгы ааҕабыт: “Виды состязаний немногочисленны:

  • Кылыйсыы – прыжки на одной ноге не менее чем через 12 меток. Метки называются туос, т.е. берестой. Очевидно, метки клались из бересты, как более заметные и мягкие.
  • Тустуу – единоборство, борьба. Богатыри, вступают в единоборство, снимают все свои одежды. Им натирают маслом тело, на них надевают специальные “сыалдьыйа” вроде трусиков, шитых из ровдуги, толщиной в девять ровдуг на подкладке и стягивают ремнями. Причем эти ремни делаются из конских волос путем плетения. Толщина таких ремней равняется толщине трех или шести и девяти обычных. Побежденным считается также тот, кто коснется пальцем о земли, хотя бы споткнувшись.
  • ”Сыал ытыы” – попадание стрелою в цель из самострела. Обычно мишенью служит бычья бабка – “оҕус бэрбээкэйэ”.

Бу научнай үлэ 1927 сыллаахха, спорт национальнай көрүҥнэригэр быраабылалар сурулла иликтэринэ бэчээттэммит буолан, суолтата улахан. Былыргы сахалар киэҥ сиринэн тайаан алаастарынан, үрэх бастарынан олорор буоланнар түөлбэлэринэн күрэхтэһиилэригэр быраабыла суоҕа. Онон ким хайдах өйдүүрүнэн, сатыырынан тэрийэллэрэ биллэр.

Билигин билэр кылыыбыт, ыстаҥабыт, куобахпыт былыр үһүөннэрин хайаан да бииргэ ыытар буолбаттар эбит.

П.А. Ойуунускай суруйбут “кылыйсыыта” ону көрдөрөр. “Кылыйсыыга” 12, эбэтэр 14 туоска түһэллэрэ биллэр. Ыстаҥаҕа уонна куобахха улаханнык күрэхтэспэттэр эбит. Күрэхтэһиннэрэр да буоллахтарына, 5-6 туоска ыстаналлара биллэр. Онон кылыйсыыга күрэхтэһии дьон сүрүн болҕомтотун ылаллар эбит. Ол да иһин буолуо – “кылыыһыт” диэн быһый дьону ааттыыллара, кэпсээҥҥэ киирэллэрэ, уос-номоҕор сылдьаллара.

“Развитие якутского национального спорта, а также и воовще физкультуры в Якутии имеет очень серьезные и важные значения для здоровья трудящихся ЯАССР, особенно для подрастающего поколения. Физические упражнения и правильно поставленный спорт развивают, закаляют организм человека, делает его более выносливым и устойчивым в борьбе с трудностями жизни, особенно в условиях нашей Якутии.

Для привития и в дальнейшем широкого развития физической культуры в Якутии необходимо всемерное содействие и личное участие на местах в этой работе членов, местных исполкомов, врачей, юношеских организаций и профсоюзов. А также и членов общества “Саха Омук” путем пропаганды среди населения, а также организаций кружков и пр.” – председатель ЯЦИК Ойунский.

Ойуунускай эт-хаан өттүнэн сайдыыта

П.А. Ойуунускай туһунан суруйуулартан, ахтыылартан уонна хаартыскаларыттан сылыктаатахха, кини сахалыы орто уҥуохтааҕа, уойбатах, иҥиир-ситии көрүҥнээҕэ, сымса эрчимнээх туттунуулааҕа сабаҕаланар. Күннээҕи олоҕор хайаан да хамсанарга-имсэнэргэ дьулуһарын, айылҕаҕа сылдьарга, бултуурга көхтөөҕүн туһунан элбэхтик бэлиэтэнэр.

Платон Алексеевич эрчимнээх, чэгиэн-чэбдик да буолан, араас общественнай, революционнай үлэлэргэ элбэх сыратын да биэрдэр, 1917 с. муус устар ыйыгар Якутскайдааҕы учуутал семинариятын чаҕылхайдык үөрэнэн бүтэрбитэ. Семинария туттарбыт свидетельствотыгар 10 анал предметтэри тас өттүнэн эбии: “Сверх того обучался сельскому хозяйству, гимнастике и пению”, – диэн суруллубут.

Манна даҕатан эттэххэ, 1911 сылтан саҕалаан Саха сиринээҕи үөрэх заведениеларыгар “Военный строй и гимнастика” диэн предмет үөрэхтээһин программатыгар эбии киирбитэ. Онон Платон Алексеевич семинарияны бүтэрэригэр, оччотооҕу кэм таһымыгар сөптөөх “физическэй культура” туһунан өйдөбүлү ылбыт бэлэмнээх этэ.

Улуу дьон уратылара – кинилэр улахамсыйбаттарыгар, боростуойдарыгар көстөр. Кинилэр күннээҕи дьайыылара, олохторо ону кэрэһэлиир. Холобур, Платон Алексеевич тустарын, саахымат оонньуурун, сарсыарда аайы зарядканан дьарыктанарын да ылан көрдөхпүтүнэ, киниэхэ сүгүрүйүүбүт өссө улаатар.

Бу түгэҥҥэ сыһыаннаах ахтыыны, Платон Алексеевич кэргэнин Акулина Николаевна тастыҥ быраатын, Саха АССР народнай артыыһа Виктор Афанасьевич Саввин 1930 сыллаахха учууталлар алта ыйдаах курстарыгар үөрэнэр кэмигэр кинилэргэ олоро сылдьыбытын маннык суруйар: “По утрам Платон Алексеевич никогда не забывал о физических упражнениях. Делал вольные упражнения и занимался экспандером, любил бороться. Однажды собрался идти на работу, уже оделся и вдруг подходит ко мне и, улыбаясь, говорит:

– Дружок, ты, кажется, довольно сильный?

И не дожидаясь ответа, начал “дразнить” – хватать за руки. Я сначала отбивался: неудобно как-то бороться с хозяином дома, в котором живешь. К тому же, я был молод (Саввин ол кэмҥэ сааһа 20-тэ, онтон Платон Алексеевич 37-тэ этэ) мне было 20 лет тогда. Ойунский ниже меня ростом, щуплый – куда ему против меня!

А он не унимался. Заело меня. Схвачу, думаю, обеими руками, приподниму и кину на кровать. Сначала для пробы схватились руками. Оказалось, руки Ойунского на удивление крепкие, сильные. Попытался схватить его “на перелом». Не поддался. Наоборот, после моей попытки взять его приступом, Платон Алексеевич сам перешел к решительной схватке. Он ловко схватил меня за поясницу, приподнял и бросил на кровать. Возбужденный борьбой довольный успехом сказал: «Хочешь пари? Могу положить тебя на рукавицу». Я отказался.

После этого мы стали бороться ежедневно. Чаще всего на улице. Иногда дома. Победителем почти всегда выходил он. Сухопарый, необыкновенно жилистый, он был неутомимым и настойчивым. Воля к победе удивительная.

Ахтыы нууччалыы суруллубутун уларыппатыбыт. Ааҕааччыларга хайдах баарынан тиэрдээрибит. Суруллубуттан көрдөххө, өрүс илин эҥэрдээҕи улуустардыы куустуһан тусталлар эбит. Платон Алексеевич төһө да хатыҥыр буоллар, ураты иҥиирдээҕэ, сымсата, илиитинэн тутара кытаанаҕа бэлиэтэнэр.

Урут сахаларга “үтүлүк үрдүгэр бырахсыы” диэн термин үгүстүк туттуллара, кыһытыһар үгэс баара. Аныгылыы өйдөөтөххө, психологическай-тактическай атаака диэххэ сөп. Платон Алксеевич хатыҥыр дьон, эбэтэр иҥииринэн хаппыт дьон үгэстэринэн аҕылаабат, сылайбат сындааһыннааҕа, кыайарга-быраҕарга дьулуурдааҕа эмиэ ахтыллар. Өссө хас күн аайы кэриэтэ туста сатыыра дьиктиргэтэр. Платон Алексеевич туох эрэ санаалаах, сыаллаах буолан мэлдьитин тустарга дьулуһара эбитэ буолуоҕа. Оччотугар кини утумнаахтык тустан этин-хаанын эрчийэргэ соруктаммытыгар сөп.

Платон Алексеевич этин-хаанын эрчийэрин тас өртүнэн, өй-мэйии эрчийэр оонньуулартан саахыматынан дьарыктанара эмиэ суруллан хаалбыт. Ол туһунан народнай поэппыт В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап Платон Алексеевич Саха сирин суруйааччыларын правлениетын председателинэн үлэлээбит кэмнээҕини ахтар: “По воскресеньям, если не было никаких срочных дел, Платон Алексеевич садился играть в шахматы. Играл, тщательно обдумывая каждый ход. Когда выигрывал, радовался. Всегда поражение свое объяснял одним и тем же “допустил ошибку, а то бы ты у меня запел…”. Очень не любил, когда играющим подсказывали очередной ход болельщики со стороны. Шахматы, – любил он повторять, – игра умственная, и потому никто не должен вмешиваться”.

Күннүк Уурастыырап бу кэмҥэ республикаҕа биллэр, мэлдьитин күрэхтэһиилэргэ миэстэлэһэр күүстээх саахыматчыт этэ. Үөһээ суруллубутунан, Платон Алексеевич арыт кыайара ахтыллара кини саахымакка үчүгэйдик оонньуурун көрдөрөр. Онтон: “…ырыаҕын ыллатарым хаалла”, – диэн этиитэ Платон Алексеевич хас да хаамыыны өтөрү көрөн оонньуурун, тоһуурдары, комбинациялары оҥорон кыһаллан оонньуурун кэпсиир. Күннүк Уурастыырабы тас өттүнэн, эмиэ чугастык, истиҥник санаһар республика салайааччытын, партия обкомун иккис секретарын Николай Николаевич Окоемовтыын тапсан саахымакка оонньууллара ахтыы саһарбыт илиистэригэр тиһиллибит.

П.А. Ойуунускай 1924 сыллаахха Саха КСК (ЯЦИК) председателинэн үлэлиир кэмигэр 31 сааһыгар сылдьара. Бу сыл сайыныгар Сэргэлээх даачаларыгар, Ойуунускайдааҕы кытта сэргэстэһэ олорбут Николай Николаевич Павлов – Тыаһыт Платон Алексеевич сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньууларга эмиэ сөбүлээн кыттарын туһунан 1973 с. суруйан хаалларбыт. Онно: “Субуота киэһэ, арыт баскыһыанньа киэһэ даҕаны биһигини кытта кэлэн маарка оонньууллар (лапта оонньуутун этэр). Платон эмиэ олус көхтөөх, биһиги кинини күүскэ сүүрдүөхпүтүн баҕарбаппыт да, сүүрэн арахсар. Бу элэккэй, улаатымсыйбат убайдарбытын күндүтүк саныырбыт, кинилэр суохтарына оонньуубут тахсыбат этэ”. (Ойуунускайы, Аммосовы этэр).

Платон Алексеевич бу маннык, эти-хааны тэнитэр, сүһүөҕү имитэр, тыынары-аҕылыыры чөллүүр “норуот оонньуутугар” соруктанан кыттара доруобуйатын тупсарарга тардыһыытыттан, үлэтин-соругун сатаан аттаран тэрийэриттэн буолара чуолкай.

Платон Алексеевич Ойуунускай ЯЦИК председателин быһыытынан 1926 сыл кулун тутар 1 күнүгэр бэйэтин уурааҕынан Физкултуура Сэбиэтин председателиттэн босхоломмут уонна Сэбиэт саҥа састааба анаммыт.

Быйыл Саха автономиятын тэрийсибит улахан государственнай деятельбит, улуу суруйааччыбыт, саха норуотун биир чулуу уола Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 уонна Сахабыт сиригэр физкултурнай хамсааһын 100 үбүлүөйдээх сылларынан сибээстээн, П.А. Ойуунускай ааспыт үйэ 20-с сылларын ортолоругар бу историческай саҕалааһыннары тэрийсибит, бастакы саҕалааһыннары быһаччы оҥорсубут улуу киһибит буоларын умнуо суохтаахпыт.

П.А. Ойуунускай биир дойдулаахтара онно саҕалааһыны оҥорбуттара улахан хайҕаллаах дьыала. Ол курдук, Таатта улууһун 14 аҕа саастаах сүүрүктэрэ, бэс ыйын 16 күнүгэр Аллараа Бэстээхтэн Ытык Күөлгэ диэри биир күннээх пробег оҥордулар – улуустарын ыһыаҕын аһыллыытыгар сүүрэн тиийдилэр. Медицинскэй наука доктора Егор Егорович Борисов көҕүлээччилээх уонна салайааччылаах пробег кыттыылаахтара Платон Алексеевич Ойуунускай билиҥҥи сайдыылаах физкултуурабыт уонна спорпут сүүс сыллааҕыта саҕаланыытыгар үтүөтүн-өҥөтүн саха дьонугар өссө төгүл өйдөппүттэрэ уонна ол умнуллубатыгар бэртээхэй холобуру көрдөрдүлэр.

Михаил АЛЕКСЕЕВ, Афанасий ИЛЛАРИОНОВ, СӨ физическэй култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ.

2023 с.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252754
Бүгүн : 226