История

Бэйэтэ туспа буочардаах тустуук этэ

Кеша Аянитов 1956 с. бэс ыйын 16 күнүгэр Кэбээйи сиригэр күн сирин көрбүтэ. Кини оҕо сааhа барыта бу манна, Кэбээйи нэhилиэгэр улахан эйэлээх, үлэһит дьиэ кэргэҥҥэ ааспыта.

Аҕата Егор Афанасьевич Аянитов 1949 с. Чурапчыттан бииргэ төрөөбүт убайын Алексейы кытта сүөһүгэ оттоору, күһүөрү кыһын Кэбээйини булбуттар. Бу манна Кэбээйи сиригэр окко үлэлии кэлэ сылдьан 1949 сыллаахха Егор Аянитов олохтоох Максимова Федосья диэн кыыhы кытта билсэн, ис сүрэҕиттэн сөбүлээн, тапталыгар билинэн, ыал буолан холбоhоллор, бииргэ олорор тэлгэһэлэрин тэринэллэр, Кэбээйи сиригэр-уотугар дьиэлэрин тутталлар. Бу туттубут дьиэлэригэр оҕолор аҕалара Аянитов Егор Афанасьевич, ийэлэрэ Максимова Федосья Иннокентьевна, эбэлэрэ Максимова Александра Васильевна буолан бииргэ олороллор уонна бу дьиэҕэ алта оҕо күн сирин көрөр дьоллоох чиэскэ тиксэллэр: улахан кыыс Шура, Маша, Уля, Гоша, Кеша уонна кыра кыыс Анна.

Кеша диэн ааты уолга ийэлээх-аҕата, ийэтин Федосья аҕатын аатын биэрбиттэр, ол эбэтэр, уолга эhэтин Элэгэнтэй (Нээриккэ) аатын иҥэрбиттэр эбит. Ол да иhин буолуо, Кеша дьонугар мааны уонна атаах уол этэ дииллэр.

Аҕалара күргүөмнээх үлэһит, үтүгэн булчут-балыксыт киһи буолан, оҕолорун барыларын иитэн-аһатан этэҥҥэ улаатыннарар, атахтарыгар туруортуур. Саха ыалын сиэринэн сүөhү-ынах, сылгы ииттэн эйэ дэмнээхтик дьоллоохтук олороллор. Оҕолор этэҥҥэ улаатаннар, дьонноругар күүс-көмө буолаллар, дьиэ ис-тас үлэтин үлэлииллэр, ынаҕы, сылгыны, оҕуруоту тэҥҥэ көрсөллөр.

Оҕолор чугас олорор ыалларын табаарыс оҕолорун кытта бииргэ оонньууллара, сир астаан тыаны кэрийэллэрэ, хонууга-тыаҕа сүүрэн-көтөн мэниктээн бииргэ улааппыттара. Ити курдук, Киэсэ оҕо сааhа эдьиийдэрин, убайын, балтын уонна чугас ыал оҕолорун кытта тэҥҥэ оонньоон, Кэбээйи сиригэр дьоллоохтук ааспыта.

Кини кыра эрдэҕиттэн сытыы-хотуу, мэник-тэник, киирбит-тахсыбыт, түргэн хамсаныылардаах, уҥуоҕунан төhө да кыра буоллар, бэйэтин олус кыанар уол оҕото этэ.

1963 сыллаахха Кэбээйитээҕи оскуолаҕа маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитэ. Сытыы-хотуу уонна бэhиэлэй кэпсээннээх уол буолан, Киэсэ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, элбэх табаарыстардаах, бииргэ оонньуур доҕоттордоох этэ. Кыыс-уол буолан бары бииргэ оонньууллара, хардарыта ыалдьыттаhан сылдьаллара. Ол кэмҥэ оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро, Киэсэ сытыытын-сымсатын, бэhиэлэйин, элэккэйин уонна табаарыстарыгар олус ис киирбэх ыраас сыhыаннааҕын бу баччааҥҥа диэри кэпсээн оҥостон уостарыттан түhэрбэттэр.

Киэсэни кыра кылааска үөрэнэ сырыттаҕына бастакы тренерэ Иванов Серафим Иванович таба көрөн, тустуу заалыгар дьарыктыы ылбыт. Ол курдук, кини бу оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, аан бастакы тустууга улахан күрэхтэhиитин, 1970 сыллаахха ыам ыйын бүтүүтэ Дьокуускай куоракка оҕолорго Министерство просвещения бирииһигэр республика күрэхтэһиитигэр кыттан миэстэлэһэн турар. Кэлин Чурапчыга, интэринээт-оскуолаҕа бииргэ үөрэммит табаарыс уола (Ганя Дмитриев), бу күрэхтэhиигэ Кэбээйиттэн туста кэлбит, Кеша Аянитов диэн уолу финалга нэhиилэ кыайбытым диэн ахтан суруйан турар.

1970 сыллаахха Кеша дьоно Кэбээйиттэн Чурапчы Арыылааҕар көһөллөр. Бу оҕолор аҕалара Егор Афанасьевич Аянитов төрөөбүт-үөскээбит дойдута буолар.

Ити кэмҥэ, Кеша Горнай Бэрдьигэстээҕэр кэргэн тахсан олорор улахан эдьиийигэр Александра Егоровнаҕа тиийэн үөрэҕин уонна тустууга эрчиллиитин салҕаабыт. Бу манна Бэрдьигэстээххэ кинини Саха сирин үтүөлээх тренерэ Иван Васильевич Павлов тустуутун салгыы дьарыктаабыт.

Кеша 1972 с. дьонугар Чурапчы Арыылааҕар көhөн тиийэр. Аны бу нэhилиэккэ оскуола аҕыс эрэ кылаастаах буолан, Кеша үөрэҕин кэккэлэhэ турар нэhилиэккэ, Кытаанах орто оскуолатыгар салгыырга күһэллэр. Бу оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына, Чурапчыттан тустуу тренерэ Д.П. Коркин кэлэн, оскуола оҕолорун тустууга үөрэтэ-уһуйа хомуйбут. Ити көрсүhүү түмүгэр, бу Кытаанах оскуолатыттан икки эрэ оҕону талан ылбыт: Иван Парфенов диэн уолу уонна биhиги уолбутун Кеша Аянитовы. Онон бу икки оҕо дьылҕалара быһаарыллан, эһиилигэр Чурапчы интэринээт-оскуолатын иитиллээччилэрэ буолан, үөрэнэ бараллар. Тренер Д.П. Коркин бу оҕолору эрчийэн үрдүк көрдөрүүлээх тустууктары таһаартыыр. Ол курдук, Кеша Аянитов тустууга үрдүк чыпчаалга тиийэ үүнэр.

Кини Чурапчытааҕы спортивнай интэринээт-оскуоланы 1975 сыллаахха бүтэрбитэ. Бу кылаас оҕолоруттан үгүстэрэ тустууга, үөрэххэ, общественнай да үлэҕэ олус активнай уонна улахан ситиhиилэрдээх буолаллар. Ордук чорботон ылан ааттаатахха, билигин биһиги саха омук киэн туттуута буолбут, ССРС үтүөлээх маастара Василий Гоголев, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар Григорий Христофоров, Союз күүстээх маастардара: Роман Цыпандин, Николай Аргунов, Василий Данилов, Гаврил Дмитриев, Алексей Иванов, Аскалон уонна Александр Кардашевскайдар, Михаил Каженкин, Николай Матвеев, Иван Сивцев, Прокопий Сивцев, Владимир Степанов, Михаил Филиппов уонна чаҕылхай тустуулаах Семен Окладников буолаллар. Бу ааттаммыт уолаттар бары биир кылааска үөрэнэн оскуоланы биир сыл бүтэрбиттэрэ. Кырдьык даҕаны, бэйэлэрин тустууга элбэх ситиһиилэринэн тренердэрин Дмитрий Петровиһы улаханнык үөрдүбүт уолаттар буолаллар.

Улуу Коркин норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах 13 маастары иитэн таһаарбыт эбит буоллаҕына, олортон биирдэстэрэ биһиги уолбут Кеша Аянитовпыт буолар. Ол саҕана, аан дойду аччыгый чемпионатынан ааттаммыт Тбилиситээҕи турнир биэс призёрун бэлэмнээбит эбит буоллаҕына, биирдэстэрэ эмиэ Кеша Аянитов. Итини таhынан, Кеша – Монголия, Бурятия норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарыгар эрэллээхтик бастаан турар. Союз араас таһымнаах күрэхтэһиилэригэр уонна Россия «Трудовые резервы» обществоларыгар бочуоттаах үрдүкү миэстэлэри ылаттыы сылдьыбыта.

1982 сыллаахха ССРС чемпионатыгар 24 тэҥ кылаастаах маастардар күөн көрсөллөр. Олортон сэттэтэ норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастардара – А.Диодоров, М.Саввинов, М.Костопуло, Т.Мамедов, А.Хатукаев, А.Саноян, А.Киркеснер. Маннык күүстээх састаапка биһиги уолбут ити ааттаммыт күүстээх тустууктары кытта тэҥҥэ тустан, бириистээх үһүс миэстэҕэ тиксибитэ. Кеша бу Союзка тустан бастакы улахан ситиhиитэ буолар.

1983 с. Тбилиситээҕи аатырбыт норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга Союзка миэстэлэһэ сылдьар тустууктары: Гибертаевы, Санояны, Миланхановы уонна Алшимбаевы кыайталаан, аатырбыт Валентин Иорданов (Болгария) уонна бэйэбит уолбут Роман Цыпандин кэннилэриттэн 52 кг үһүс миэстэ буолбута. Бу эмиэ улахан ситиһии этэ.

Кини бу улахан ситиhиитинэн, 1983 сыллаахха Монголия Улан-Батор куоратыгар буолбут “Интернационал” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга чемпион үрдүк аатын ылан, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар буоларын өссө төгүл бигэргэппитэ.

Бу буолбут Монголия турнирыгар уолбут Кеша Аянитов, Европа икки төгүллээх чемпионун Стоян Стояновы (Болгария), очконан кыайан иһэн ыраастык уурбута. Финалга эмиэ оннук ыраас кыайыыны ситиспитэ, Аан дойду самбоҕа уонна көҥүл тустууга иккис призера Намзадын Бургэдааны (Монголия), эмиэ баалынан лаппа кыайан иһэн, ыраастык кыайбыта. Бу кырдьык чаҕылхай ситиhии этэ.

Бу ситиhиитэ Саха сиригэр Василий Гоголев кэнниттэн иккис улахан ситиһии быһыытынан сыаналанан, бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ. Ол да иhин буолуо, 1982 сыл түмүгүнэн Кеша Аянитов Саха сиригэр уон бастыҥ спортсменнар ахсааннарыгар киирбитэ.

Ити курдук, биhиги Киэсэбит көбүөргэ киирдэҕинэ туспа буочардаах, эриэккэс уонна сымса хамсаныылардаах, олус мүччүргэннээх түгэннэргэ соhумар бырахсыылардаах, туста сылдьан уустук балаһыанньаҕа түбэһэ сылдьан мэлдьи кыайыылаах тахсыылара, бу барыта мээнэ тустуук аайы бэриллибэт хаачыстыбалар буолаллар.

Кини туста сылдьан сылбырҕатык атахтааһына, тобуктаан атахтаан баран туран кэлэн охторуулара, атаҕынан эрийэн обвивтаан кулахачытан “кыра хаһыылаах” быраҕыылара, партерга «мария» диэн кэдэччи тардар албаcтара – бу барыта күүстээх хорсун санаалаах эрэ тустуук оҥорор албастара буолаллар.

Бу маны барытын ырытан сыаналаан туран, кырдьык даҕаны биhиги уолбут Кеша Аянитов, тустууга туох баар күүһүн-уоҕун уонна айылҕаттан анаммыт талаанын барытын толору көбүөргэ биэрэн туран, кыайталыыр түгэннэрин олох мүлчү туппатах эбит дии саныыбыт. Ол да иһин буолуо, кини сымса бырахсыылаах тустуулара биһиги өйбүтүгэр уонна харахпытыгар хаалан хаалбыт эбит буоллаҕа.

Биhиги табаарыспыт, убайбыт кэриэтэ уолбут Киэсэ, сахалыы сиэрдээх, сүрдээх элэккэй, киэҥ-холку майгылаах, мээнэ ыгылыйан быыппастыбат киэҥ көҕүстээх, барыбытыгар убайдыы истиҥ сыһыаннаах, кыһамньылаах, элбэх кэпсээннээх, үөрэ-көтө сылдьар буолан, биһиги биир кэмнэ туста-эрчиллэ сылдьыбыт чугас доҕотторо кинини олус ытыктыыр уонна сөбүлүүр этибит.

Киэсэ биһигиттэн төhө да аҕа саастаах буоллар, биһиэхэ бырааттарын курдук сыһыаннаһара, сүбэ-ама биэрэрэ, куруутун көмөлөһө, өйүү-убуу сылдьара, эрэллээх доҕор, чугас атас, кыһамньылаах табаарыс этэ.

Бу маны барытын ахтан-санаан туран, бачча айылҕаттан эриэккэс талааннаах уонна тустууга Сахатын сиригэр элбэх ситиhиилэрдээх, элбэх сыратын биэрбит уолбут Кеша Аянитов, бэйэтин Күн сирин көрбүт, төрөөбүт сиригэр-уотугар, Кэбээйи нэhилиэгэр ситэ сыаналаммакка сылдьар эбит диэн санааттан салайтаран, бу дьыл кулун тутар 9 чыыhылатыгар, тус бэйэм баҕа өттүбүнэн Кэбээйигэ айаннаан тиийэн, уолбут Кеша кыра кылаастан саҕалаан бииргэ үөрэммит оҕолорун хомуйан, бииргэ оонньоон улааппыт табаарыстарын мунньан, ийэтин Федосья өттүттэн дьоннорун, чугас аймахтарын уонна нэhилиэк салалтатын ыҥыран туран, уолбутугар Кеша Аянитовка аналлаах ахтыы биэчэрэ тэрийэн ыыттыбыт. Кини төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин, олорбут кылгас олоҕун уонна тустууга үрдүк ситиһиилэрин туһунан сиһилии аһаҕастык кэпсэттибит.

Кэбээйи музейын үлэhиттэрин көмөтүнэн, бу күн Кеша туhунан фото-быыстапка тэрийдибит. Аҕа саастаах дьонтон ыйдаран, Аянитовтар дьиэ-уот тэринэн олорбут уhаайбаларын көрдөөн буламмыт, оҕолор оонньоон улааппыт тэлгэһэлэрин уонна дьиэлэрин көрөммүт, сахалыы сиэри-туому тутуһан сүгүрүйэн, таарыччы хаартыскаҕа түһэрэн кэллибит.

Бу ахтыы киэһэбитигэр элбэх киhи кэлэн тыл эттилэр, санааларын үллэстэн кыттыстылар. Түмүгэр кэлбит дьон бука бары, биhиги этиибитин ылынан, Кэбээйи нэhилиэгин администрациятын (баһылык Кобяков А.Н.) уонна олохтоохтор ааттарыттан кэлэр 2023 сылга, уолбут Кеша Аянитов аатын чиэстиир баҕа санааттан, 65 сааhын туолбут кэрэ бэлиэ кэмин бэлиэтээн туран, оскуола оҕолорун уонна эдэр ыччаты тустууга угуйар сыалтан, Кэбээйи нэhилиэгэр тустууга републиканскай турнир тэрийэн ыытар туhунан биир санааҕа кэлэн, аһаҕас ыҥырыы сурук ылынныбыт.

Маннык ахтыы санааларбын хомуйан, тыыран туран, тустуук Иннокентий Аянитов туһунан, эдэр көлүөнэ дьоно сиhилии биллиннэр, чугас дьонноро, табаарыстара, доҕотторо ситэри сыаналаатыннар диэн санааттан суруйдум.

Дмитрий ЕГОРОВ, Чурапчытааҕы интэринээт-оскуола выпускнига,, Д.П. Коркин иитиллээччитэ, Киэсэ Аянитов доҕоро-атаhа.

 “Дьулурҕан” хаһыат 2022 сыл ыам ыйын 26 күнүнээҕи №-рэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252747
Бүгүн : 219