История

Кыайыы лезгинката

Биһиги, сахалар, ордук аммалар, улуу тустуук Загалав Абдулбеков туһунан икки араас санаалаахпыт, кѳрүүлээхпит. Бииринэн — кини биһиги Николай ЗахаровпытСахааччабыт саамай сүрүн утарылаһааччыта этэ, онон Абдулбековка сэрэхэччийэ соҕус сыһыаннаһабыт.

Биһиги санаабытыгар, биһиги уолбут Н.Захаров 1971 сыллаахха Москваҕа буолбут Сойуус спартакиадатыгар хайаан да З.Абдулбековы кыайан, Мюнхеҥҥэ Олимпийскай оонньууларга доҕорунаан Роман Дмитриевтиин чемпионнарынан буолан, Саха сиригэр бастакы олимпийскай мэтээли аҕалыахтаахтара.

Иккиһинэн, Загалав Абдулбеков — улуу тустуук. Кини Дагестан республикатыттан билигин 13 олимпийскай чемпион баар буоллаҕына, көҥүл тустууга кинилэргэ суолу тэлбит Дагестантан бастакы олимпийскай чемпион! Кини иннинэ Дагестан бастыҥ, улуу тустуугунан аатырбыт-сураҕырбыт, аан дойду биэс төгүллээх чемпиона Али Алиев аата ааттанар этэ. Хомойуох иһин, Али Алиев Олимп чыпчаалыгар үстэ (1960, 1964, 1968 сс.) сананан баран сатаан ыттыбатаҕа.

Загалав төрөөбүт дойдута — кыракый Карата диэн дэриэбинэ. Абдулбековтар төрүччүлэрэ аатырбыт Шамиль буойуна Тауси Магомедтан саҕаланар. Кырачаан Загалав былыт быыһыгар тайаан сытар хайалар быыстарыгар үрүччэлэр сүүрүгүрэллэрин көрөн улааппыта. Кыра сааһыгар дьонноро арахсаннар, кыракый Загалав эһээтигэр, Алимирзаҕа иитиллибитэ. Онон тииммэт-түгэммэт олоҕу, хара үлэни кыра сааһыттан билэн улааппыта. 11 саастааҕар Загалавы Махачкалаҕа интэринээккэ ыыппыттара. Интэринээккэ үөрэнэ сылдьан аан бастаан тустуу секциятыгар сылдьан барбыта. Бастакы тренерэ Арминак Аршакович Карапетян.

Загалав Абдулбеков кэлин бэрт элбэх үтүөлээх тренердэргэ: А.М. Дякиҥҥэ, Б.М. Рыбалкоҕа, С.А. Преображенскайга, Ф.Б. Школьниковка дьарыктаммыта да, бастакы тустууга уһуйааччытын Арминак Карапетяны олус чугастык саныыр, ахтар. Интэринээт-оскуоланы 1964 с. бүтэрээт, Махачкалаҕа государственнай пединститут студена буолар.

З.Абдулбеков бастакы улахан ситиһиитэ — 1966 сыллаахха Алма-Атаҕа ыытыллыбыт ССРС күрэхтэһиитигэр кэлбитэ. Финалга Грузия бэрдин Спартак Карсаулидзены (Сахаачча Тбилиси турнирыгар кыайан турар) уонна Киевтэн сылдьар осетин Шамиль Тугановы кыайан, ССРС чемпиона буолар.

Уопсайынан, З.Абдулбеков кэлин ССРС 6 төгүллээх чемпиона буолбута, арай биирдэ эрэ, 1970 сыллаахха, Новосибирскай куоракка буолбут Сойуус чемпионатыгар үһүс миэстэ буолан турар. Кинини кытта бииргэ Дагестан биллиилээх тустууктара: Арсен Алахвердиев, бырааттыы Аминулла уонна Насрулла Насруллаевтар (Р.Дмитриев, А.Иванов утарылаһааччылара), Руслан Ашуралиев (П.Пинигин утарылаһааччыта), Владимир Юмин, Магомедхан Арацилов уо. д. а. дьарыктаммыттара, сборнайга сылдьыбыттара.

Абдулбеков иккитэ Аан дойду чемпионатыгар кыттыбыта. Бастаан, 1969 сыллаахха, Роман Дмитриевтааҕы кытта Аргентинаҕа, Мар-де Плата куоракка кимҥэ да хотторбокко эрэ, саҥа быраабыла содулунан, 3-с миэстэ буолан турар. 1971 сыллаахха Болгарияҕа 26 сааһыгар аан бастаан аан дойду чемпиона буолбута. Онон Роман Дмитриев курдук ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, 1972 сыллаахха Мюнхеннээҕи Олимпийскай оонньууларга кыттар чиэскэ тиксибитэ.

Олимпиадаҕа көбүөргэ уопсайа 6-та тахсыбыта: бастакы куруукка щвейцарец Таннеры 25:0 ахсаанынан, иккис, үһүс курууктарга монгол Ойдовы уонна американец Девиһи чыыстай, төрдүс куруукка толлор японеһын Абены 4:2 кыайан баран, болгарин Иван Крыстевы кытта тэҥнэһэр. Бүтэһик, алтыс куруукка Турция пехлеванын Акдагы чыыстай эрэ кыайдаҕына олимпийскай чемпион буолар куттал үөскээбитэ. Төһө да санаата оонньоон түүнү быһа утуйбатар, туох баар күүһүн, ѳйүн-санаатын мунньан, онтукатын биир сиргэ сомоҕолоон, турогы 2 мүнүүтэ 50 сѳкүүндэнэн ыраастык кыайбыта. Ураа!!! Загалав Абдулбеков Дагестан сириттэн-уотуттан бастакы олимпийскай чемпион! Саҥа олимпийскай чемпион бэйэтэ да билбэтинэн, атаҕа лезгинка үнкүүтүн үнкүүлээн барбыта…

Аатырбыт тустуук билигин Махачкалаҕа олорор, государственнай, общественнай деятель, депутат, милиция полковнига, «Динамо» общество салайааччыта. Кэргэнинээн Патиматтыын – Маржана, Магомед, Расул, Равзай, Алимирза, Рамазан диэн оҕолордоохтор, элбэх сиэннэрдээхтэр. Загалав Абдулбеков дьылҕата, үлэтин ис тускула биһиги Роман Михайлович Дмитриевпитигэр майгынныыр. Кинилэр, улуу ССРС хотугу уонна соҕуруу республикаларын бастакы олимпийскай чемпионнара, улахан доҕордуу этилэр.

Билигин санаатахха, биһиги аммалар уолбут, бухатыырбыт Николай Захаров-Сахаачча бэртээхэй да тустуугу, киһини кытта алтыспыт, күөн көрсүбүт эбит! Загалав Абдулбеков бэйэтэ билинэринэн, күннээн тустар кэмигэр үстэ-түөртэ эрэ хотторбутуттан, бииригэр Николай Захаровы ааттыыр, Сахаачча феноменын туһунан истиҥник, сылаастык ахтар, курутуйан ылар.

Михаил ЖИРКОВ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252738
Бүгүн : 210