Сонуннар

Игнат Чомчоев иккис буолла

Владивосток куоракка VIII Восточнай экономическай форум иһинэн “Спорт – олох нуормата” бырайыак чэрчитинэн «ГТО оонньуулара-2023» Дальнай Восток федеральнай уокуругун иккис аһаҕас күрэхтэһиитигэр Саха сирин хамаандата эриэ-дэхси көрдөрүүлэннэ.

Ол туһунан ГТО Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Ариян Алексеевич Александров биһиэхэ маннык иһитиннэрдэ:

-Саха сирин хамаандатыттан 6 киһи: 3 уол, 3 кыыс кытынна. Кинилэр любителлэр уонна профессионаллар диэн бөлөхтөргө күрэхтэстилэр. Александра Барашкова кыргыттарга, профессионалларга төрдүс буолла. Уолаттарга Игнат Чомчоев профессионалларга иккис миэстэлэннэ. Семен Кычкин любиттеллэргэ алта күүстээхтэр кэккэлэригэр киирдэ. Хамаанда үчүгэйдик кытынна диэн сыаналыыбын. ГТО оонньуулара – ыарахан көрүҥ, күрэхтэһии барыта алта тус-туспа көрүҥнээх. Түмүккэ 11 хамаандаттан – алтыс буоллубут.

Иккис миэстэлэммит Игнат Чомчоев: «Профессионалларга 10 киһиттэн иккис миэстэни ыллым. Бу бөлөххө Саха сириттэн Василий Каратаевтыын иккиэ буолан кытынныбыт. Онтон 4 уол любителлэргэ кыттан, иккитэ финал аҥарыгар диэри тиийдэ. Үчүгэйдик кииристилэр дии саныыбын. Профессионал кыргыттарга Александра Барашкова түмүккэ төрдүс миэстэ буолла.

Быйылгы бу күрэхтэһиигэ биһиги республикабытыттан элбэх киһи кытынна. Кинилэр опыт ылан, бастакы холонуулара буолла. Маннык таһымнаах күрэхтэһиигэ. Мин былырыын маннык кубокка төрдүс, быйыл иккис буоллум. Бу күрэхтэһиигэ күүскэ бэлэмнэммитим, олох кыайардыы санаалаах этим, ол эрэн, кыра тиийбэтэ. Бу көрүҥ Россияҕа наһаа сайдан эрэр. Саха сиригэр федерация тэриллибитэ. Россия федерациятын кытта ыкса сибээстэһэн үлэлиибит. Россия чемпионата Санкт-Петербург куоракка ахсынньы ыйга буолар диэтилэр. Онно хамаандабытын сүүмэрдээн, өссө күүскэ бэлэмнэнэн, бары көрүҥнэргэ барытыгар кыттар гына оҥостон хомуллан тиийиэхтээхпит. Бу күрэхтэһииттэн бары куустээх мотивация ыллыбыт. Салгыы киирсиэххэ сөп эбит диэн. Олус интэриэһинэй саҥа көрүҥ, судьуйалааһын өттүгэр эмиэ ыарахаттар бааллар. Онон бу күрэхтэһии кыттааччыларга барыларыгар улахан опыт биэрдэ».

“Дьулурҕан”.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253183
Бүгүн : 41