Сонуннар

Студеннар фестивалларыгар…

Екатеринбург куоракка Студеннар спортарын норуоттарын икки ардыларынааҕы фестиваля үгэннээн ыытылла турар. Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук манна 36 дойду спортсменнара – спорт 14 көрүҥэр күрэс былдьаһаллар.

Дьэ, маннык улахан таһымнаах күрэхтэһиигэ Саха сирин студеннара эмиэ кытталлар. Итиэннэ эриэ-дэхси көрдөрүүлэнэн, биир дойдулаахтарын үөрдэллэр.

Ол курдук, дьахталлар тустууларыгар Александра Карамзина 53 киилэҕэ иккис, Севиль Назарова 55 киилэҕэ үһүс бириистээх миэстэлэри ыллылар. Санатан эттэххэ, кинилэр иккиэн – Чурапчытааҕы физическэй культура уонна спорт институтугар үөрэнэллэр.

Түгэнинэн туһанан кыргыттарбытын уонна кинилэр тренердэрэ: К.К. Колодезниковы, Н.Н. Рожины эҕэрдэлиибит!

Онон, бүгүҥҥү күҥҥэ саха спортсменнара Екатеринбургтан үс мэтээллэннилэр. Бастакы мэтээли дзюдоҕа Аина Моисеева аҕалбыта. Кини 48 кг ыйааһыҥҥа пьедестал иккис үктэлигэр тахсыбыта.

Аны бүгүҥҥүттэн күрэхтэһиини көҥүл тустууга эр дьоммут саҕалыыллар. Кинилэргэ эмиэ ситиһиилэри баҕарабыт.

Петр Павлов.  

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253182
Бүгүн : 40