Интервью

Максим Сибиряков: “Тустуу аргыстанан олорон кэллэҕим”

Ил Түмэн депутата, “Строительнай” рынок генеральнай дириэктэрэ Иван Иванович Данилов көҕүлээһининэн биһиги, Дьокуускай куорат тустууга федерациятын салайааччы, Саха Республикатын үтүөлээх тренерэ Прокопий Семенович Ивановтуун – Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Үлэ Кыһыл Знамята” уонна “Бочуот Знага” орденнар кавалердара, көҥүл тустууга Саха сирин сэттэ төгүллээх чемпиона, Дальнай Восток уонна Сибиир икки төгүллээх чемпиона, көҥүл тустууга Советскай Союз, хапсаҕайга Саха АССР спортарын маастара, Уус Алдан, Амма, Чурапчы улуустарын бочуоттаах гражданина, бэйэтин кэмигэр Саха сирин тыатын сирин сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит салайааччы Максим Николаевич Сибиряковка ыалдьыттаатыбыт.

Ирэ-хоро кэпсэттибит, уруккуну-хойуккуну туоһуластыбыт. Кэпсэтиибит сүрүннээн тустуу тула буолла, футболу да таарыйан ыллыбыт. Билигин 90 сааһыгар сылдьар ытык киһибит өйө-санаата киэҥэ, билиитэ-көрүүтэ ырааһа, урукку сыыппаралары-чахчылары өйүгэр тута сылдьара биһигини сөхтөрөр.

Максим Николаевич билигин Дьокуускайга, көтөр фабрикатын оройуонугар чааһынай мас дьиэҕэ төрөппүт кыыһа Александра Максимовнаҕа олорор. Дьиэттэн тахсыбат кырдьаҕас киһи биһигини үөрүүнэн көрүстэ. Сэргэхсийбитэ буолуо диэн эрэнэ саныыбын. Мантан салгыы кэпсэтиибит хайдах хайысхаланан барбытын быһа тардан билиһиннэрэбин.

“Миигин улахан тустуук дииллэр гынан баран…”

Остуолга олорон кэпсэтиибитин, тустууктартан уһун үйэлэммиттэр тустарынан саҕаланна. Онно ааҕан көрдөххө, Максим Николаевич саамай саастаахтара буолан таҕыста.

-Миигин улахан тустуук дииллэр гынан баран, Амма, Таатта, Уус Алдан оройуоннарыгар 19 сыл устата салайааччынан ситиһиилээхтик үлэлээн, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кырата суох кылааттаахпыттан ордук киэн туттабын, – диир Максим Николаевич.

Салгыы кини, ыарахан олоҕу олорон кэлбитин, кэргэнин, үс уолун сүтэрбитин, ол эрээри, олоххо тардыһыытын ыһыктыбатаҕын, куһаҕан дьаллыкка умньамматаҕын санатта. Итиэннэ, Саха сирин тустууктарын кэккэлэриттэн 90 сааһыгар үктэммит соҕотох киһи буоларын эттэ. Сааһырдым диир.

Былырыыҥҥа диэри кэлэ-бара, хаама-сиимэ сылдьыбыт киһи охтон түһэн атаҕын өлөрүөҕүттэн, ыарыыны кытта охсуһар. Быраастар кэлэн кэмиттэн кэмигэр көрөн-истэн бараллар эбит.

Үйэлээҕи суруйан хаалларда

-Максим Николаевич, уруккуҥ курдук хаһыаттары ааҕаҕыҥ, хаһыакка суруйаҕын дуо?

-Суох. Ааҕарбын аччаттым, хараҕым мөлтөөтө, суруйарбын тохтоттум, – диэн хоруйдуур.

Максим Николаевич аҕыйах сыллааҕыта диэри биһиги хаһыаппыт биир көхтөөх көмөлөһөөччүтэ, биһирэнэр ааптара этэ. Суруктарын бэйэтэ Тулагыттан автобуһунан айаннаан аҕалара. Кини биһиэхэ саха тустуутун сайдыытын бастакы сылларын, умнууга хаалбыт биллиилээх бөҕөстөрүн суруйан, кинилэр үтүө ааттарын үйэтитэн хаалларда. Манна даҕатан эттэххэ, Тулагы Киллэм нэһилиэгин баһылыга Егор Гаврильевич Попов көмөтүнэн «Олоҕум оҥкуллара» диэн бэйэтин олоҕун кэпсиир улахан кинигэни былырыын таһааттарбыта. Онно, били хаһыакка бэчээттэппит аахтылара эмиэ бааллар.

«Реалга» ыалдьабын»

Киһи кэрэхсиэх, ытык кырдьаҕас сэҥээрэр эйгэтэ киэҥ. Күнү-дьылы сылыктыырын, историяны сырдатарын, спорду ахтарын быыһыгар кини, аан дойдуга бастакы нүөмэрдээх спордун көрүҥүн – футболу сэҥээрэр. «Күөх экранынан» түүннэри футбол оонньуутун быһа биэриилэрин көтүппэт этэ. Аан дойду күүстээх футболистарын барыларын ааҕа билэрэ. Хас улахан таһымнаах оонньуу бүппүтүн кэннэ бэйэтин санаатын телефонунан хайаан да этэрэ. Ордук, португалец Криштиану Роналду оонньуутун сөбүлүүрэ.

Билигин даҕаны кини улахан футбол сонуннарын истэ-билэ сылдьар эбит.

-“Чемпионнар лигаларыгар” мин Испания Мадрид куоратын «Реал» хамаандатыгар ыалдьабын. Бензема, Модрич, Кроос, Марсело… күүстээх оонньооччулар. Кинилэргэ ыалдьыбытым ыраатта уонна кыайалларыгар эрэнэбин. Өссө «Боруссия» (Дортмунд) хамаандатыгар норвежец Холанд оонньуутун астынабын. Аны билигин француз Мбаппе кэмэ кэллэ. – диир кырдьаҕас. Ону истэ олорон Прокопий Семенович, сөҕүүтэ-махтайыыта өссө улаатар. Оҕонньор футболистар ааттарын, ханнык кулуупка оонньуулларын, туох ситиһиилээхтэрин ааҕа билэттиир.

«Чиряев араатар бэрдэ этэ»

Максим Николаевич уһун сылларга салайар үлэҕэ ананан, таһаарыылаах көрдөрүүлэри ситиспитэ. Саха сирин салайааччыларыттан ордук Гаврил Иосифович Чиряевы үрдүктүк сыаналыыр. Быһыытынан-таһаатынан, тутта-хапта сылдьарынан, билиитинэн-көрүүтүнэн, көстөр дьүһүнүнэн даҕаны кэрэ киһи этэ диир.

-Гаврил Иосифович чаҕылхай салайааччы, араатар этэ. Кини курдук дьоннор, этэргэ дылы, үйэҕэ биирдэ төрүүллэр. Мин сыралаах үлэбин сөптөөхтүк сыаналаабытыгар киниэхэ махталым муҥура суох, – диэн, бэйэтин санаатын чиҥэтэн биэрэр.

Доҕотторо сибээстэһэ олороллоро кэрэхсэбиллээх

Биллэрин курдук, Максим Сибиряков көҥүл тустууга Саха сирин 7 төгүллээх чемпиона. Буолан баран, ортоку уонна ыарахан аҥардаах ыйааһыннарга. Бэйэтэ ахтарынан, тустубутун тухары сахалартан кимиэхэ да хотторботох. Кинини кыайыан, аат-суол оҥостуон баҕалаахтар суох буолбатахтарын ахтар. Ол курдук, Зосим Иванов, Эдуард Гегеев, Владимир Данилов туруулаһан туран сананан көрбүттэр даҕаны, санааларын сиппэтэхтэр. Санатан эттэххэ, ити ааттаммыт бөҕөстөр бары ааттаах-суоллаах маастардар, Гегеев – Россия чемпиона, Данилов – сахалартан бастакы ССРС спордун маастара. Гегеев билигин даҕаны сотору-сотору Хотугу Осетияттан телефонунан сибээстэһэ олорор эбит.

Манна диэтэххэ, биһиги балтараа чаас кэриҥэ кэпсэтиибит кэмигэр Максим Николаевич ырбаахытын сиэбигэр укта сылдьар телефона хаста да тырылаата. Дьоннор, доҕотторо ытыктаан сибээстэһэ, сэргэхситэ сылдьарыттан биһиги астынныбыт. Биир күннэтэ кэпсэтэ, билсэ олорор киһитинэн биир дойдулааҕа, биллиилээх бөҕөс Семен Семенович Морфунов буолар.

Тустууктарбыт ситиһиилэриттэн үөрэр

Кырдьаҕаһыҥ билигин даҕаны саха тустуутун кэнники ситиһиилэрин билэ-көрө олорор эбит. Леонид Спиридонов спорт миниистирэ буолбутуттан астынарын, Амма ыччата Владимир Егоров Европа чемпиона буолбутун кэрэхсиирин биллэрэр. Биир дойдулааҕа, Мырылаттан төрүттээх Быйаман Яковлевы кэтээбитэ ыраатта. Быйаман дойдутугар ытык иэһин толорон кэлэн, кэнники күрэхтэһиилэргэ эриэ-дэхси көрдөрүүлэри ситиһэн эрэрин истэн, сэргэхсийдэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Алексей Мостахов туругун сураһар уонна төһө да кэлээскэҕэ олордор, хапсаҕай күрэхтэһиилэригэр аҕалан көрдөрөллөрүн, ыарахан ыарыыттан өрүттэн эрэрин истэн эгди буолар. Итиэннэ Виктор Рассадин эбиллэн иһэриттэн үөрэр.

-Мин ыйааһыммар тустар Ньургун Сергин кыттыытын кэтээн көрөбүн да, кэлин тоҕо эрэ үөтэлээбэт буолла, – диир. Ону биһиги, Ньургун кыра эчэйиилээх буолан туста илигин, бэлэмнэниитин Хотугу Осетияҕа барбытын, сотору кэминэн хайаан да саха дьонун үөрдүөҕэ диэн алы гынныбыт.

«Махсыым колодката»

Көрсүһүүгэ, Максим Николаевич туста сылдьан ордук сөбүлээн туттар албаһын туһунан эмиэ ахтыһан ыллыбыт. Ити албаһы кини Михаил Бекмурзов, Курбан Агаев, Алексей Семкин, Арам Агабекян, Дмитрий Миндиашвили курдук биллэр тустууктары утары ситиһиилээхтик туттан турар. Саха тустууну таптааччыларыгар ити албас «Махсыым колодката» диэн кэрэхсэнэн ааттанар.

-Ити албаһы билигин тоҕо ким да туттубатый? Көрбөппүн ээ. Арай, олимпийскай чемпион Садулаев американец Снайдеры кыбытан ыраастык кыайбытын “күөх экраҥҥа” көрбүтүм, – кырдьаҕас бөҕөс киэн туттардыы эттэ. Итиэннэ бэйэтэ, ити уустук албас буоларын тута билинэн хоруйдаата.

Саастаах дьоҥҥо болҕомто – барыбыт иэспит!

Кимиттэн даҕаны тутулуга суох, саастаах дьоҥҥо болҕомто ууруу – барыбыт иэспит! Уруккуттан билсэр, ытыктыыр киһибит – Максим Николаевич Сибиряковка анаан аттаан-суоллаан тиийэн, атах тэпсэн олорон сэһэргэһэн, кырдьаҕас киһини син сэргэхситтэхпит, санаатын иһиттэхпит. Биһиги иннибитигэр киниэхэ Иван Иванович Данилов салайааччылаах тренердэр бөлөхтөрө: П.С. Иванов, В.В. Уйгуров, С.Е. Афанасьев ытык киһиэхэ ыалдьыттаабыттар.

Кырдьаҕас буолла да, умнуган-тэннигэн диэн өйдөбүл баар. Оттон биһиги Максим Николаевичпыт төһө да 90 сааһыгар үктэннэр, уруккуну-хойуккуну барытын илэ өйдүүр, төһө баҕарар кэпсиир, быһаарар кыахтаах. Көрсүһүүбүт түмүгэр кини биһиэхэ бэйэтин олоҕун туһунан саҥа кинигэтин бэлэхтээтэ. Оттон мин, аны кыһын буолуохтаах футболга аан дойду чемпионатын көрө-көрө, олохсуйбут үгэһинэн санаабытын үллэстэргэ ыҥырдым. Барыта этэҥҥэ буоллун!

Петр ПАВЛОВ.

Хаартыскаҕа: Максим Николаевич Сибиряковы кытта көрсүһүү түгэнэ. Муус устар 17 күнэ, 2022 сыл.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227565
Бүгүн : 367