История

Олимпийскай чемпиону аан бастакынан көрсөн чиэстээбиппит

1972 сыллаахха балаҕан ыйын саҥатыгар, Москватааҕы Щепкин аатынан театральнай училищеҕа иккис курска үөрэнэ сырыттахпытына, Мюнхеҥҥэ Олимпиада буолбута. Хаһыаттан, телевизортан истэн, саха уолаттара тусталларын билэ сылдьыбыппыт. Телевизор уопсайга фойеҕа баара. Араас омук дьонун кытта бииргэ көрөрбүт. Элбэх киһи ханнык передачаны көрөр да, санаа онно охторо. Сонуннарга арай, Роман Дмитриев олимпийскай чемпион буолбутун иһиттибит.

Дьиэ үрдүгэр тиийиэхпитигэр диэри өрө ыстанан ыллыбыт, ыһыы да хаһыы. Бэйэбит чемпионнаабыт курдук сананныбыт. Казах, осетин, нуучча, туркмен уолаттара биһигини эҕэрдэлээтилэр уонна үөрдүлэр. Ол саҕана биир судаарыстыба буоллахпыт, ССРС. Уонна ордук санаатылар.

Сарсыныгар үөрэнэ олордохпутуна икки саханы кытта декаммыт киирэн кэллилэр. Декаммыт маннык диэтэ: “Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев билигин манна, биһиги училищебытыгар кэлэр. Ону эһиги сахалар көрсөҕүт. Бүгүн эһиги үөрэммэккит, үөрэхтэн босхолоноҕут. Ромаҥҥа махтаныҥ. Олимпийскай чемпион күн аайы кэлбэт. Түөрт сылга биирдэ буолар оонньуу. Бүтүн дойду дьоно бары кининэн киэҥ туттабыт. Сахалар маладьыастар, аҕыйах ахсааннаахтар да, хата Олимпиадаҕа чемпионнуу сылдьаллар. Аны эһиги театральнай искусствоны ити таһымҥа таһаарар гына үөрэниҥ. Бу икки киһи Саха поспредствотыттан сылдьаллар, кинилэр тылларын быһа гыммакка, биһиги сөбүлэстибит”, — диэтэ уонна тахсан барар.

Бу икки киһиттэн биирдэстэрэ: “Роман аэропортан массыынанан айаннаан иһэр. Саамай элбэх саха бу Москваҕа эһиги бааргыт ол иһин эһигини таллыбыт. Бүгүҥҥү былаан бастаан манна көрсүөхпүт, биир улахан хоско, онтон Кыһыл болуоссакка, вечнай огоҥҥа, мавзолейга сылдьыахпыт. Ону Кустуктуров оператор аппараакка устуоҕа уонна киэһэ сэттэ чааска “Огни Москвы” рестороҥҥа банкетнай залга эһигини барыгытын чемпион сууйуутугар ыҥырабыт. Студент дьон аччык буолуоххут, онно тиийэн тото-хана аһаан, харчытын спорткомитет уонна поспредство төлүүр”, — диэтэ.

Биһиги күлүкпүтүгэр имнэннибит. Саамай улахан хос биһиги, уолаттар хоспут этэ. Онно тиийээппитин кытта “Кэллилэр!” диэн буолла. Хас да арыалдьыттаах Роман Дмитриев киирэн кэллэ. Мэтээлин иилинэ сылдьар. Халлаан күөҕэ көстүүмннээх, түөһүгэр СССР гербалаах, маҕан ырбаахылаах, бордовай хаалтыстааҕа, лакированнай бачыыҥкалааҕа.

Бука бары хорунан эҕэрдэлиибит. Уруй-айхал бөҕөтүн түһэрдибит. Биир уруок ааҕар остуолу кинигэтин туора хаһыйаат, хос ортотугар туруордубут. Ол үрдүгэр олоппос уурдубут. Биир атаҕыттан мин ыллым, иккис атаҕыттан Дьарааһын өрө көтөҕөн таһааран, үөһэ олордон кэбистибит. Ити түгэни Куприян Михайлов боростуой “Смена” фотоаппараатынан түһэрбитэ ити сылдьар.

Роман сиэбиттэн сүүрбэ биэстээҕинэн биир пачка харчыны хостоон таһааран уолаттарга уунна: “Шампанна уонна фруктата, шоколатта, бутербродта ылан аҕалын”, — диэн көрдөстө. Мин үйэбэр бастакы итиччэ элбэх харчыны көрүүм этэ. Уолаттар харчыны ылаат хап-сабар элэс гыннылар. Аҕыйах мүнүүтэнэн илии тутуурдаах киирэн кэллилэр. Сорох кумааҕы ыстакааҥҥа, сорох куруускаҕа, дьоллоох киһи граненай ыстакааҥҥа тиксэн, шампаан аһааһына буолла. Таарыччы киһибитин кытта ыстаран ыллыбыт. Ону буойуу буолла. Киэһэ рестораҥҥа көстүүм наада үһү. Дьэ уонна “Гип! Гип! Ураа!!!” хаһыынан үрүүмкэбитин көтөхтүбүт. Кэлбит дьоннор тыл эттилэр. Бары кэритэ сылдьан мэтээли көрүү буолла. Лис курдук ыйааһыннааҕа, киһи ытыһыгар нэһиилэ батара. Мин ытыран көрөөрү тииспин тоһута сыстым. Онтон сууласпытынан Кыһыл болуоссакка барбыппыт. Онно оператор баара. Вечнай огонҥа венок уурбуппут. Мавзолей таһыгар эмиэ уһуллубуппут. Онтон дьоммут киэһэ рестораҥҥа көрсүөххэ диэри быраһаайдаһан, баһыыбалаан баран поспредствоҕа баартара.

Киэһэ рестораҥҥа кыайан сылдьыбатаҕым. Вокал үөрэҕэр графикка испиэһэккэ баарым. Сылдьыбыт, чэпчээбит сирэйдээх, истэрэ кэлбит уолаттар уон икки чаас диэки тиийэн кэлбиттэрэ. Астыныы кытаанаҕа. Москваҕа олорор чыыннаах-хааннаах дьоннор, суруйааччылар, ыҥырыылаах ыалдьыттар бааллара үһү. Эстрада, нуучча артыыстара кэлэн ырыа ыллаабыттар.

Хаартыскаҕа хаҥастан уҥа уолаттар: Андрей Борисов, Вася Бурнашев, Фадей Попов, Петя Андреев, Миша Апросимов, Роман Дмитриев, Гера Васильев, Спира Игнатьев, Ефим Степанов. Хаҥастан уҥа кыргыттар: Оля Григорьева, Зоя Попова, Света Сосина, Соня Сергучева, Наташа Петрова.

Дьэ ити курдук, сахаттан бастакы олимпийскай чемпиону, саха чулуу уолун, киһи киэнин кэрэмэһин, Роман Михайлович Дмитриеви, саха борустуой дьонуттан аан бастакынан чиэстээн-бочуоттаан көрсөн турардаахпыт.

Манна сыһыары тутан эттэххэ, Роман Михайлович туһунан Айсиэн Дойду “Умнуллубат сулус” диэн спектаклы суруйбутун, Жиганскайга тиийэн биир нэдиэлэ иһигэр сыанаҕа туруорга режиссер быһыытынан үлэлэспитим. Правительствоҕа ыҥыран кэпсэтэн ыыппыттара. Спорт музейын дириэктэрэ баара, ол кини көҕүлээн. Манна Саха театрыгар ол спектаклы көрдөрбүттэрэ. Роман оруолун, оччолорго Жиганскай баһылыга Василий Сорокин оонньообута. Спектаклы дьон-сэргэ, көрөөччүлэр биһирээбиттэрэ.

Михаил АПРОСИМОВ, Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа, Саха сирин Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Саха театрын артыыһа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227562
Бүгүн : 364