Хамаанданан иккис буоллубут
2026 сыл балаҕан ыйын 18-20 күннэригэр Самара куоракка көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр инбэлииттэр ортолоругар интеллектуальнай настольнай оонньууларга Бүтүн Россиятааҕы Фестиваль ВОС (Всероссийское общество слепых) «Игровая кладовая» буолан ааста.
Бу күрэхтэһиигэ Россия 14 регионуттан 15 хамаанда кыттыыны ылла (Алтайскай кыраай, Амурскай, Волгоградскай, Вологодскай, Воронежскай, Костромской уобаластар, Краснодарский кырай, Москва, Мурманскай, Нижегородскай уобаластар, Татарстан, Самарскай, Саратовскай уобаластар уонна Саха Республиката).
Бу хамаандалар харахтарынан инбэлииттэргэ аналлаах 11 адаптированнай оонньуулары оонньооттулар. Патагон, Пентаго, Тайю, Ово, Кварто, Квиксо, Катамино, Йога, Калах, Гигс, Реверси.
Бу оонньуулартан холобура Калах (Манкала) олох былыргыттан кэлбит оонньуу. Кинини соторутааҕыта буолан ааспыт Игры кочевников оонньообуттара.
Бастакы миэстэни Волгоградскай уобалас, иккис миэстэни Саха сирэ, үһүс миэстэни Татарстан Республикатын хамаандалара ыллылар.
Саха сирин хамаандатыттан кыттыыны ыллылар: Мэҥэ-Хаҥаластан Стручкова Яна Константиновна, Алексеев Василий Федотович, Ленскэйтэн Кусатов Степан Романович. Ону таһынан судьуйанан Мэҥэ-Хаҥаластан көрбөттөр обществоларын председателэ Семенов Иван Петрович сырытта.
Василий АЛЕКСЕЕВ.





Просмотров сегодня : 141