Дмитрий Садовников – Дьокуускай тустууга федерациятын салайааччыта
Бүгүн, алтынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куорат спортивнай тустууга федерациятын отчуоттуур-быыбардыыр мунньаҕа буолла. Тэрээһиҥҥэ мунньах делегаттарын тэҥэ ыҥырыылаахтар кыттыыны ыллылар.
Мунньаҕы Дьокуускай куорар физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Александр Бугаев салайан ыытта. Мунньах бэрэссэдээтэлинэн В.П. Керемясов аатынан 3 №-дээх спортивнай оскуола дириэктэрэ Василий Уйгуров, суруксутунан тренер Виктория Алексеева талыллан үлэлээтилэр.

Дьокуускай куорат спортивнай тустууга федерациятын ыытан кэлбит үлэтин, бу общественнай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Николай Адушинов билиһиннэрдэ. Ол курдук, кини ыытыллар күрэхтэһиилэр тустарынан кэпсээтэ; Губина, Октябрьскай, Сайсаар, Киин уокуруктар, Хатас уонна Марха сыллата үгэс быһыытынан күрэхтэһии тэрийэллэрэ ахтылынна; «Тустууну оскуолаҕа» бырайыак куорат алта оскуолатыгар киирэн, 500-чэкэ оҕо тустуунан дьарыктанара этилиннэ; куорат тустуутун үлэтигэр «Строительнай» Атыы-эргиэн киинэ күүс-көмө буолара; Дьокуускай тустуук оҕолоро билигин республикаҕа бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьаллара отчуоттанна.
Маны тэҥэ Николай Константинович федерация инники соруктарыгар тохтоото. Ол быһыытынан, оҕо тустуутун сайыннарыыга, куорат бары уокуруктарыгар тустууну сайыннарыыга, сыллааҕы күрэхтэһиилэр биир кэлим календарьдарын оҥорууга, тренердэри, судьуйалары, бэтэрээннэри уонна эдэр специалистары өйөөһүҥҥэ, улахан таһымнаах спортсменнарга күүс-көмө буолууга болҕомто ууруллуохтааҕа этилиннэ.
Делегаттар отчуоту истэн баран, Федерация ыытан кэлбит үлэтин сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.

Дьэ ол кэнниттэн, Федерация салайааччытын уонна састаабын талан быыбардааһын буолла. Онуоха, Дьокуускай куорат спортивнай тустууга федерациятын бэрэссэдээтэлинэн – Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыга Дмитрий Дмитриевич Садовников талылынна. Кини бастакы солбуйааччытынан Николай Адушинов, оттон солбуйааччыларынан: Иван Данилов, Иван Алексеев, Егор Попов, Прокопий Иванов, Николай Кульбертинов быыбарданнылар. Федерация толорооччу дириэктэринэн Вячеслав Кривошапкин, эппиэттээх секретарынан Василий Уйгуров, ревизорынан Виктория Алексеева буоллулар.
Маны тэҥэ Федерация чилиэннэринэн Руслан Платонов, Дьокуускай тустууга сүрүн тренерэ Будимир Яковлев, куорат хапсаҕайга сүрүн тренерэ Станислав Афанасьев, Владислав Петров, Степан Соркомов, Макар Зырянов, Ян Емельянов, 25 №-дээх оскуола дириэктэрэ Иван Захаров, Марха оскуолатын дириэктэрэ Мария Стручкова уо.д.а. буоллулар.

Дьокуускай тустууга федерациятын салайааччытынан талыллыбыт Дмитрий Садовников, делегаттарга итэҕэллэрин иһин махтанна:
— Куруук тустууга чугас этим. Аҕам көҥүл тустууга ССРС спордун маастарыгар кандидат этэ. Олоҕун тустууга биэрбитэ. Ол да иһин, этиини ылынан, куорат тустууга федерациятын салайарга сөбүлэстим. Бииргэ үлэлиэхпит!
Итини тэҥэ Дмитрий Дмитриевич бэйэтин санаатыгар, Федерацияҕа бэрэссэдээтэли солбуйааччылар диэн талылыннылар, кинилэр чопчу ким туохха эппиэттииллэрэ быһаарыллаллара буоллар диэтэ. Ону делегаттар истэн баран, чугастааҕы кэмҥэ быһаарарга дэстилэр.
Отчуот түмүгүнэн санаа атастаһыытыгар Ф.А. Соловьев, Н.Кульбертинов, П.С. Иванов, Р.М. Платонов, С.Е. Афанасьев, М.Зырянов, Н.П. Иванов уо.д.а. кыттыыны ыллылар. Кинилэр сүрүннээн, куорат хас биирдии уокуругуттан федерация чилиэннэрэ талыллара буоллар диэн; бэтэрээннэр тустууларын өйүүргэ; Тулагыга интернат-оскуола аһылларын ситиһиигэ; оскуола дириэктэрдэрин кытта көдьүүстээхтик үлэлииргэ; тустуу саалаларын элбэтэргэ санааларын үллэһиннилэр.

Бэлиэ күҥҥэ, аҕыйах хонуктааҕыта Японияҕа ыытыллан түмүктэммит Азия оонньууларыгар көҥүл тустууга боруонса мэтээли ылбыт ДЮСШ-3 иитиллээччитэ Айаал Белолюбскай ыҥырыллан сырытта. Киниэхэ Д.Д. Садовников өйдөбүнньүк бэлэх туттарда.
Дьэ онон дьон-сэргэ тапталын ылбыт куораттааҕы тустуубут саҥа салалталанна. Дмитрий Дмитриевич Садовников урукку да кэмнэргэ тустуу федерациятыгар үлэлэспит үөрүйэхтээх киһи. Кини, билиҥҥи кэмҥэ инники күөҥҥэ сылдьар уонна бүтүн республикаҕа инник кэскиллэри бэлэмниир Дьокуускай тустуутун өссө сэргэхситиэ, сайыннарыа диэн эрэл улахан.
Петр ПАВЛОВ.
Ааптар хаартыскалара.






Просмотров сегодня : 638