Сонуннар

Бөҕөстөрбүт өссө икки мэтээллэннилэр

Иордания Амман куоратыгар аҕам саастаахтарга көҥүл тустууга аан дойду чемпионатын иккис күнэ түмүктэннэ. Бу күн Саха сириттэн икки бөҕөс кытынна уонна иккиэн өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлэр буоллулар.

С дивизиоҥҥа (46-50 саастаахтарга) 70 кг спорт маастара Айаал Павлов бастакы эргииргэ сынньанан баран, финал чиэппэригэр казах Кончубаевы 1:1 ахсааҥҥа хоппута, онтон финалга тахсар иһин киирсиигэ Рубаины (Ирак) очукуонан ыраастык кыайбыта. Быһаарыылаах хапсыһыыга Айаал – Олимпиада икки төгүллээх кыттыылааҕа, Африка чемпиона египтянин Хассан Ибрагимы кытта көрсөн, 1:2 ахсаанынан сабырыйтаран кэбистэ.

Онон Айаал Павлов – аан дойду чемпионатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаланна.

С дивизион 70 кг түмүгэ: 1. Хассан Ибрагим – Египет, 2. Айаал Павлов – Россия, Саха сирэ, 3. Мухтар Асхабалиев – Россия, Руслан Кончубаев – Казахстан.

Бу күн тустубут иккис бөҕөспүт Алексей Николаев Д дивизиоҥҥа (51-55 саастаахтарга) 130 киилэҕэ кытынна. Кини бастакы эргииргэ сэрэбиэй быһыытынан сынньаммыта. Финал чиэппэригэр иранец Камарваҥҥа 0:8 ахсаанынан хотторбута. Онтон иранец финалга тахсыбытынан, Алексей “санааны уоскутар” бөлөххө киирэн Индия бөҕөһүн 13:4 ахсаанынан хоппута. Салгыы, боруонса мэтээл иһин киирсиигэ Ирак тустуугун 10:0 ахсаанынан кыайда. Онон Алексей Николаев бу сырыыга үһүс бириистээх миэстэни ылла.

Д дивизион 130 кг түмүгэ: 1. Мохаммад Камарванд – Иран, 2. Безад Аллахбакши – Иран, 3. Алексей Николаев – Россия, Саха сирэ, Габриель Бьюперти – АХШ.

Санатан эттэххэ, бу чемпионакка Саха сириттэн түөрт бөҕөс кыттар. Билиҥҥитэ Захар Дьячковскай уонна Айаал Павлов иккис, Алексей Николаев үһүс буоллулар. Аны бүгүн, быйылгыттан бэтэрээннэргэ тустуутун саҕалаабыт спорт маастара Вячеслав Кривошапкин А дивизиоҥҥа 62 киилэҕэ тустар.

Бөҕөспүтүгэр ситиһиини баҕарабыт!

Петр ПАВЛОВ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

836662
Просмотров сегодня : 141