Сонуннар

Саахымат сайдыа дуо?

// Ил Дархан кубогын кэнниттэн санаалар                           

Быйыл Ил Дархан саахымакка 2-с кубогар – Россия кубогын этабыгар 57 киhи кытынна, саамай эдэр 11, саамай кырдьаҕас 80 саастаахтар. Дойдубут 12 регионуттан алта гроссмейстер, биир международнай маастар, биир ФИДЕ маастара кытыннылар. Онон кыттааччы ахсаана арыый элбээтэ.

Бастакы туурга үрүҥнэринэн оонньообуттар Василий Романов Сургут куораттан кэлбит гроссмейстер Алексей Придорожнайы уонна Игорь Протодьяконов Саратовтан сылдьар Россия-2023 чемпионкатын, гроссмейстер Баира Кованованы хоттулар. ХИФУ студена Находкин Николай гроссмейстер Галина Струтинскаяны кытта тэҥнэстэ.

Иккис туурга үөрэнээччи Артур Васильев ыччаттарга аан дойду чемпиона, международнай маастар Алексей Гребневы (Тольятти) кытары тэҥнэстэ.

Пенза гроссмейстера Дмитрий Кокарев маастар-кылаас ыытан баран, 28 киhиэхэ биирдэ оҥоhуллар сеанс ыыппытыгар, Мирнэй үөрэнээччитэ Владислав Томскай кыайыыны ситистэ. Салгыы да кыра соһуччу түмүктэр буолуталаатылар.

Үһүс туурга Дмитрий Егоров Г.Струтинскаяны хотто, төрдүскэ Струтинская аны үөрэнээччи Айрат Декембаевка хоттордо, Алексей Гребневтан үөрэнээччи Владислав Жирков очукуо аҥаарын ылла. Бэhис туурга ФИДЕ маастара Олег Рычков Денис Назаровтан хотторуу хомолтотун биллэ. Алтыс туурга Баира Кованова Жирков Владиславка кыайтарда. Струтинская сэттис туурга Юрий Родионовка, онтон Олеся Моисееваҕа хоттортоото, бүтэhик туурга Владимир Макаровтыын тэҥнэстэ. Ити курдук тохсус туурга Дмитрий Кряквин уонна Дмитрий Егоров тэҥнэстилэр.

Артур Слепцов – Аптарытыаттарга суоһааччы

Кубок кыайыылааҕынан 7 очукуолаах Дмитрий Кокарев (Свердловскай) буолла, киниэхэ коэффициенынан баhыйтарбыт Алексей Гребнев иккис миэстэни ылла. Түөрт киhи 6,5-дыы очукуоланнылар. Онуоха коэффициенынан баhыйан Дмитрий Кряквин (Доннааҕы Ростов) үhүс буолла. Төрдүс Алексей Придорожнай, бэhис Олег Рычков (Владивосток), Дмитрий Егоров алтыс буолуталаатылар. Алталыы очукуолаах Владислав Жирков ахсыс, Айсен Местников онус буоллулар.

Гроссмейтердар маастар-кылаастары уонна биирдэ оҥоhуллар сеанстары ыыттылар. Таатта улууhуттан сылдьар Артур Слепцов гроссмейстердары кытта сеанстарга ситиhиилээхтик кыттынна. Кини Дмитрий Кряквины хотон, Алексей Придорожнайы кытта тэҥнэhэн, «Аптарытыаттарга суоhааччы» анал бириис хаhаайына буолла.

«Үрдэл» пааркаҕа москвичтар Галина Струтинская уонна Александр Якименко муус оҥоhук саахыматынан “чаҕылҕан” оонньууга тэҥнэстилэр. Турниры тэрийии үрдүк таhымнаахтык ааста диэн ыалдьыттарбыт астынан сыаналаатылар.

Сайдыы өйөбүлтэн, көмөттөн тутулуктаах

Бу турнир бэйэбит саахыматчыттарбыт үрдүк таhымҥа тахсаллара чугаhа суоҕун өссө төгүл туоhулаата дии саныыбын. Аҕыйах локальнай ситиhиилэр систематическайга кубулуйаллара ыраах.

Аан дойду уонна Россия таhымнарыгар улахан ситиhии кэлэрэ аҕыйах сыл иhигэр күүтүллүбэтэ баар чахчы. Элбэх саахыматчыт маннык таhымнаах күрэхтэһиигэ урут кыттыбатахтарын, бу турнир хааччыйда уонна «Азия оҕолоро» оонньууларга кыттар Саха сирин хамаандатын чилиэннэригэр бэлэмнэнии өссө биир түhүмэҕинэн буолла. Онон Ил Дархан Кубога салҕанара хайҕаллаах дьыала.

Бу күрэхтэhии спортивнай разрядтар нуормаларын толорорго чугас рейтиннээх саахыматчыттарга (ол эбэтэр, спорт маастарыгар кандидат, ФИДЕ маастара) туhалаах буолара саарбаҕа суох. Ол курдук, оонньоммут партиялар хаачыстыбаларын үөрэтиэхтэрэ. Бары позициялар, дебюттар, саҥа идеялар ырытыллыахтара.

Онтон үрдүк таhымнаах cаахыматчыты бэлэмниир уонна эрчийэр үлэ республика былаастарын өйөөhүнэ суох кыаллыбата – олохпут чахчыта. Татарстан, Калмыкия уонна Бурятия республикалаларын салалталара анал дьаhаллары ылынан, өр кэм устата сыралаhан үлэлээннэр, саахымакка хастыы да гроссмейтердаахтар. Башкортостаҥҥа эмиэ гроссмейстер баар. Биhиэхэ дуобакка гроссмейстердар ахсааннара эбиллэ турар. Онтон саахыматчыттарга маастардар ахсааннара эрэ улаатыаҕа…

Гроссмейстер нуорматын толоруу саахыматчыттарга олус эдэримсийдэ. Урут 40 саастаах киhи гроссмейстер буолара, ол билигин симэлийдэ. Манна ордук Кытай уонна Индия былаастара государственнай өйөбүл оҥорон, дьаныардаахтык үлэлииллэр. Ол иһин профессиональнай спорка ити дойдулар ситиhиилэрэ эбиллэ турар. Оҕолорго, оҕолор саахыматтарыгар үбү угуу – кэнэҕэскини үбүлээhин буолар диэн сыал туруоран, кинилэр уонтан тахсалыы сыллаах үлэлэрэ түмүктээх буолуталыыр. Арай, ХХ үйэ саахымакка вундеркинда Роберт Фишер эрэ тоҕус сыллаах дьарык түмүгүнэн үрдүкү чыпчаалга үктэммитэ.

Михаил Николаев аатынан спортивнай оскуоланы тэрийиэххэ

Оҕо саахыматынан 4-5 сааhыттан дьиэтигэр дьарыктанара төрөппүттэртэн ирдэнэр. Бэйэлэрэ үөрэппэт буоллахтарына, чугас аймах киhилэрэ разрядтаах саахыматчыт дьарыктыан наада. Оҕоҕо сүүс төгүл этиэххэ наада, онтон кини 101-с төгүлгэ өйүгэр хатыаҕа. Ол эрээри, 7 саастаах оскуола үөрэнээччитэ дьарык саҕалыыра хойутааhын буолбатах. 12 саастаах талааннаах оҕо дьарык саҕалаан спорт маастарыгар кандидат разрядтаах тэҥ саастааҕын үс-түөрт сылынан куотуон сөп. Талааннаах оҕону кыра сааhыгар булуу алмаас көстөрүгэр тэҥнээх. Аны бу оҕону дьаныардаахтык эрчийэн саахымат бриллианын курдук чочуйан оҥоруу – таhымнаах тренери булууну, элбэх сыраны, үбүлээhини ирдиир.

Саахымат тренердэрэ ставкалаах ДЮСШ республикаҕа олох ахсааннаах, киин куоракка олох суох – онтон оҕолору дуобакка эрчийэр үстүү тренер ставкалаах үс ДЮСШ баар.  Онон дуобакка ситиhии кэлэрэ, оҕолор киэҥ араҥаларын хабыыга сытар уонна таhымнаах тренердэр бааллар итиэннэ федерация өттүттэн сөптөөх үбүлээhин оҥоhуллар. Республика дуобакка чемпионатыгар кэлэр оҕолор ахсааннара, саахыматчыт оҕолордооҕор үс төгүл элбэх.

Үйэ саҕаланыытыгар Удачнай куоракка уонна 2006 с. киин куоракка Анатолий Карпов аатынан Саахымат оскуолалара аhыллыбыттара, кэккэ ситиhиилэр кэлитэлээн испиттэрэ. Удачнайга, саахымакка уhуйуллубут Сергей Павлов, Надежда Хармунова (Костина) билигин республика таhыгар олорор гроссмейстерскай бааллаах международнай маастардар бааллара. Бу тренердэр көhөннөр, сөптөөх солбук оҥоhуллубакка, Удачнай оскуолатын уота-күөhэ умуллунна. Онтон киин куорат оскуолатын Карпов аатын ыйар дуоската олох да көтүрүллүбүтэ, тренер ставката сарбыллыбыта.

Оҕо айымньытын дьиэтэ сыл аайы балаҕан 1 күнүгэр эрэ электроннай сайаапкалары ылар уонна ылыыны тохтотор. Онно киирбит үс сүүсчэкэ сайаапкалартан үс гыммыт биирин кыайбаты эрэ толорор. Дьиҥинэн, саахымакка үөрэтэр отделениелардаах кырата түөрт ДЮСШ баар буолуон сөп этэ. Киин куоракка бастакы президеммит Михаил Николаев аатынан саахымакка СДЮШОР тэриллиэн да син этэ.

Саахымат сайдыытын концепцията оҥоhуллара уолдьаста

Сахабыт сирин улуустарын оҕолоро саахымакка дьарыктара быстар мөлтөх. Маныаха улуустарга ДЮСШ 2-3 тренер ставкалаах саахымат отделениеларын аhыахха наада. Тиксигэ «Арктическай саахымакка Анатолий Карпов аатынан спортивнай оскуола» тэриллэрэ уонна кэнэҕэскитин «Арктика саахымата» аан дойдутааҕы турнир ыытыахха син буолуо.

Саха сиригэр рейтиннээх саахыматчыт ахсаана баара-суоҕа биир тыhыынча үс сүүстэн тахса эрэ. Бу, букатын кыра көрдөрүү. Улуустарга рейтиннээх саахыматчыт ахсаана аҕыйах, онтон хотугу улуустарга тарбахха эрэ баттанар.

Сыллата «саахымат үлэтин тэрийиигэ ситиhиилээх муниципальнай тэриллии» диэн республиканскай конкурс ыытыллара буоллар, улуустар уонна нэhилиэктэр баhылыктарын өттүттэн сөптөөх болҕомто, үбүлээhини булуу баар буолуо этэ.

Үс түhүмэхтээх күрэххэ – бастаан нэhилиэктэргэ түөлбэлэринэн хамаанданан (икки уол + биир кыыс оҕолор, икки эр киhи+ биир дьахтар, үc бэтэрээн), онтон нэhилиэктэр икки ардыларыгар, түмүккэ зоналарынан улуустар икки ардыларыгар.

Итиэннэ улуустарга төhө күрэхтэhии оҥоhуллубута, төhө киhи кыттыбыта, төhө спортивнай разрядтаах спортсменнар үүммүттэрэ учуоттаныахтаах. Улуустар икки ардыларыгар табаарыстыы көрсүhүүлэри сөргүтэр уолдьаста. Маны өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна маассабай спорка управлениета иилээн-саҕалаан ыытара буоллар.

Сыл аайы саҥа тутуллан үлэҕэ киирэр орто уонна спортивнай оскуолаларга олохтоох баhылыктар, улуус дьаhалтатын спорка уонна үөрэххэ салаалара саахыматтары, саахымат чаhыыларын, көрдөрөн үөрэтэр пособиелары бэлэх ууналлара хайҕаллаах эрэ дьыала буолуо этэ.

Өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна успуорка министиэристибэтэ – саахымат олимпийскай көрүҥнэргэ киирбэтин иhин сөптөөх болҕомто уура сатаабат.

«Саха сиригэр саахымат 2025-2034 сс. сайдыытын концепцията» республикатааҕы программа оҥоhуллара уолдьаста. Ылыныллыа да, элбэх утумнаах үлэлэр ыытыллыахтара, оҕо араҥатын киэҥник хабыы буолла да, оччоҕо үрдүк таhымнаах ситиhиилэр баар буолаллара саарбахтаммат.

Петр ЯКОВЛЕВ, үлэ бэтэрээнэ.

Дьокуускай.

 

Петр ПАВЛОВ хаартыскаҕа түһэриитэ.

 

 

 

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252750
Бүгүн : 222