Сонуннар

Даайа аммалар бастаатылар

Быйылгы маҥнайгы сонун “Таатта Аммалара” күрэс Даайа Амма, Чымынаайы, Чычымах, Харбалаах нэһилиэктэрэ кыттыылаах Харбалаахтааҕы К.Е. Владимиров аатынан КСК киэҥ уораҕайыгар бэрт тэрээһиннээхтик ааста.

Күрэхтэһиини көрө истэ, дьүүллүү сүбэлии Е.Е. Ноенохов, Г.Л. Павлова, С.Д. Варламова, О.В. Аргунова ыҥырыылаах ыалдьыт буолан кэлбиттэрэ, күрэхтэһии таһымын өссө үрдэттэ.

Күрэхтэһии аһыллыытыгар нэһилиэкпит Аҕа баһылыга А.И. Кулачиков уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар тыл эттилэр, ситиһиини баҕардылар. Аһыллыы сиэрин туомун, тойук туойан, боҕуруускай отунан ыраастаан, хомустаан дьиэрэтэн, оххо ССРС спордун маастара, Төрүт ох сүрүн тренерэ Галина Лукинична ыытта. Талааннаах ырыаһыппыт Жирков Владимир ырыа бэлэхтээн киэргэттэ.

Кылгастык күрэхтэһии түмүктэрэ, уопсайа 53 спортсмен кытынна, нэһилиэктэр Аҕа баһылыктара, солбуйааччылара кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх.

Дартс көрүҥҥэ: 1. Даайа Аммата, 2. Чычымах, 3. Харбалаах

Буулдьанан ытыыга: 1. Чымынаайы, 2. Даайа Аммата, 3. Чычымах

Төрүт оҕунан ытыыга: 1. Харбалаах, 2. Чымынаайы, 3. Чычымах.

Уопсай түмүккэ, хаачыстыбанан 1 миэстэ Даайа Аммата, 2 миэстэ Чымынаайы, 3. Харбалаах.

Сонун проект Күрэхтэһиини сылын ахсын ыытыахха, өссө атын көрүҥнэри эбиэххэ сөбүн,сүбэ ама ылыстыбыт, баҕа санааларбытын этиннибит. Кыттааччылар бары астынан, дуоһуйан тарҕастылар.

Түгэнинэн туһанан Соломонова Диана Егоровнаҕа көмөн иһин, Амма Аччыгыйа аатынан ХОК гарааһынан, ХДНТ коллектива аппаратуранан, Олохтоох дьаһалта коллективар уонна нэһилиэк спортинструкторынан саҥа үлэлии киирээт бастакы күрэхтэһиини бэрткэ ыыппытыгар Чемезов Эдуард Петровичка барҕа махталбын тиэрдэбин!

Ньургун ТИСТЯХОВ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253174
Бүгүн : 32