История

Олоҕун үйэ аҥардаах кэмин спорка анаата

Боксаҕа ССРС спордун маастара, Саха Республикатын үтүөлээх тренерэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах гражданина, Россия уопсай үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, РФ физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна, Дьокуускай куорат физическэй культураҕа уонна спорка управлениетын начальнига Константин Семенович Бурцев бу дьыл от ыйын 30 күнүгэр 65 сааһын туоларынан – эҕэрдэлиибит!  

-Олоҕум 50 сылын боксаҕа анаабыппыттан, билигин, сөпкө дьаһаммыппын диэн дуоһуйа саныыбын, – диир Константин Семенович. – Киһи олоҕор улахан суолталаах быһаарыныылары ылынар быыһык кэмнэрэ баар буолаллар, ол эрээри, мин боксаҕа бастакы сыстыым оҕо-оҕо курдук, чэпчэкитик уонна түргэнник, хайдах эрэ буолуохтааҕын курдук табыллыбыта.

1972 cыл күһүн Бороҕонҥо тохсус кылааска үөрэнэ киирбитим. Оччолорго интернакка олорор уолаттар бары күргүөмүнэн кэриэтэ Мигалкин Валера “модьуйуутунан” боксер буолбуппут. Ити сыл биһиги Василий Бурцев, Аркадий Арсентьев, Саша Сыроватскай, Коля Дедюкин, Проня Заболоцкай уо.д.а уолаттар буоламмыт, Красноярскайтан саҥа институту бүтэрэн кэлбит боксаҕа первэй спортивнай разрядтаах, спорт бары көрүҥнэригэр дэгиттэр кыахтаах спортсмен, тренер Иван Прокопьевич Бочкарев салалтатынан эрчиллиибитин саҕалаабыппыт.

Дьарыкпын саҕалаабыт сылбар маҥнай оройуонҥа бастаабытым, онтон Мохсоҕолооххо тиийэн “Урожай” общество өрөспөбүлүүкэтээҕи Сэбиэтин турнирыгар эмиэ кыайбытым. Дьэ, ити кэмтэн ыла бастакы ситиһиилэрбиттэн кынаттанан, мин боксанан дьиҥнээхтик үлүһүйэн туран, олоҕум сүрүн дьарыга оҥостон дьаныардаахтык эрчилииһикпин диэн бэйэм-бэйэбэр сыал туруоруммутум диэххэ сөп.

Онус кылааска үөрэнэр сылбытыгар Хабаровскайдааҕы физкультура институтун анал бокса тренерэ үөрэхтээх, боксаҕа спорт маастарыгар кандидат, өрөспүүбүлүкэ чемпиона, Кэптэниттэн төрүттээх Д.А. Никифоров кэлэн дьарыктаабыта. Биһиэхэ, саҥа улаатан эрэр уолаттарга Дмитрий Алексеевич олох батыһа сылдьар кумирбыт буолбута, тугу этэрин барытын сыыска түһэрбэккэ эҥкилэ суох толорон иһэр этибит. Ол түмүгэр, бары да биллэ эбиллибиппит. Мин тус бэйэм Намҥа ыытыллыбыт “Урожай” общество иккистээн чемпионнаабытым. Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр итинник ситиһиилэммитим.

Оскуола кэнниттэн биир сыл сопхуоска үлэлээт да, Ийэ дойдубар ытык иэспин төлүү аармыйаҕа сулууспалыы барбытым. Учебкаҕа сылдьан дивизияҕа кыайаммын, спортивнай ротаҕа түбэспитим. Дьэ, бу манна тиийэммин дьиҥнээхтии улахан бокса эйгэтигэр тахсыбытым. Читинскай уобалас чемпионатыгар, Забайкальскай байыаннай уокурукка биирдэ эдэрдэргэ, иккитэ улахан дьоннорго бастаталаабытым, Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх күүстэрин чемпионатыгар иккитэ кыттыбытым. Бу бириэмэни биир чаҕылхай, умнуллубат түгэннэри бэлэхтээбит олоҕум дьоллоох кэрчик кэминэн ааҕабын уонна сыаналыыбын.

Ийэни-аҕаны талбаккын, ол курдук спортсменҥа үчүгэй тренергэ, наставникка түбэһии – дьылҕа хаан оҥоһуута буоллаҕа. 1978 сыллаахха Саха АССР норуоттарын Спартакиадатыгар бириистээх миэстэҕэ түбэһэммин, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэр чиэскэ тиксибитим. Ол киирэммин бастаан тренер быһыытынан, онтон салгыы үөрэх ыларбар, үлэһит киһи буоларбар олохпор олус элбэх үтүөнү оҥорбут, күн бүгүнҥээҥҥэ диэри сүбэһитим-амаһытым, “хааһахха укта сылдьар кырдьаҕаһым” Российскай Федерация үтүөлээх тренерэ Виктор Павлович Щитик илиитигэр түбэспитим мин дьолум диэн сыаналыыбын. Олохпун спорка аныырбар, олоҕум хаамыытын спорт диэки өҕүлүннэрбит киһи кини буолар.

Эһиилгитигэр, 1979 сыллаахха Иркутскай куоракка “Победа” диэн Бүтүн Сойуустааҕы турнирга кыайыылааҕынан тахсыбытым. Ити курдук, ситиһиилэр кэлэн испиттэрэ, ордук таһаарыылаахтык 1981 сыллаах сезонҥа күрэхтэспитим. Ити сыл Калининград куоракка “Урожай” ДСО Россия чемпиона, Рига куоракка буолбут ССРС тыа сирин спортсменнарын чемпионатын кыайыылааҕа буолбутум уонна Дьокуускайга Бүтүн Сойуустааҕы турнирга чемпион аатын ыламмын, саха тыа сирин боксердарыттан аан маҥнайгынан ССРС боксаҕа спордун маастарын нуорматын толорбутум. Күрэхтэһэр кэммэр уопсайа «Урожай» ДСО республикатааҕы сэбиэтин күрэхтэһиилэригэр алтата чемпионнабытым (1973, 1974, 1982, 1984, 1985, 1986 сс.), иккитэ ССРС тыатын сирин спортсменнарын чемпионатын кыайыылааҕа (1981, 1983), үстэ РСФСР тыатын сирин спортсменнарын чемпиона (1981, 1983, 1984), иккитэ Саха АССР чемпиона (1983, 1985) буолбутум.

Училищебын бүтэрээри сырыттахпына арай биир сарсыарда уопсай хоспор олордохпуна мап-мааны, ачыкылаах, көстүүмнээх-хаалтыстаах киһи көтөн түһэн: “Андрей Андреевич Протопопов диэммин, Уус Алдан оройуонун спорткомитетын бэрэссэдээтэлэбин, дьэ эйиигин ааттаан-суоллаан сирэй кэпсэтэ кэллим”, – диэн соһутта уонна дьэ миигин олох дойдубар үлэлии таһаарар гына былааннах кэпсэтии кэпсэтэ кэлбитин быһатык этэн саайда. Мин дьиҥинэн Дьокуускайга “Урожай” уобаластааҕы сэбиэтигэр инструкторынан үлэлии хаалыахтаах этим даҕаны, Андрей Андреевич тыла-өһө олохтооҕо, эрэннэрбит усулуобуйалара да бэрдэ уонна эдэр киһи дууһатыгар ханнык “тымырдары” таарыйталыахтааҕын чопчу билэр мындыр психолог киһи быһыытынан төрөөбүт дойдубар үлэлии тахсар гына тылбын ылыннаран, илии тутуспуппут.

А.А. Протопопов сүүрүүлээх-көтүүлээх, кэпсэтиилээх-ипсэтиилээх киһи аҕыс кырыылааҕа буолан тута, уобаластааҕы “Урожай” систиэмэтин иһинэн Уус Алданҥа тренер ставкатын кэпсэтэ охсон, 1985 сыл күһүнүттэн Кэптэнигэ тренер быһыытынан тахсыбытым. Ол кэмҥэ Партизан Заболоцкай аатынан сопхуос дириэктэрэ Попов Роман Петрович көҕүлээһининэн Кэптэнигэ республикаҕа тыа сиригэр суох улахан спортивнай саала сопхуос бэйэтин күүһүнэн тутуллан үлэҕэ киирбитэ.

Ол сыл Кэптэни уола барыта боксер буолуон баҕарар курдук буолбута, олус элбэх оҕо дьарыктанан барбыта, группаларга набор барыта толору этэ. Сыыйа-баайа оҕолор араас күрэхтэһиилэртэн үчүгэй түмүктээх кэлэр буолан испиттэрэ, бастаан республиканскай турнирдарга миэстэлэһэр буолбупут, онтон республика чемпионаттарыгар бириистээх миэстэлэр кэлэр буолбуттара, сотору республика чемпионнара да баар буолбуттара. Ол курдук, Саша Петухов, Ваня Колесов, Гоша Лыткин, Коля Ксенофонтов, Проня Никифоров оҕолорго республика чемпионнара буолбуттара. Саша Петухов 1987 сыллаахха Краснодар куоракка буолбут Россия чемпионатыгар бастаабыта. Эдэрдэргэ республикаҕа Витя Атласов чемпион, Вася Бурцев, Ваня Копырин призер буолбуттара. Ити курдук тренерскэй үлэбэр ситиһиилэр кыралаан кэлэн испиттэрэ, оҕолору дьарыктыыр базам оччотооҕу кэм ирдэбилигэр балай эмэ үчүгэй, дьарыктанар оҕом да элбэх этэ. Ол гынан баран, ол кэмнээҕи дойду үрдүнэн уопсай уларыйыылар биллэн барбыттара, маҥнай “Урожай” ДСО сабыллан хаалбыта, онон биһиги профсоюзтар ВДФСО-лара диэн ааттанар буолбуппут, аны мин ити спортивнай общество тренерэ буолбутум. Сотору буолаат, ВДФСО сабыллыбыта, биһигини республикатааҕы спортивнай оскуола диэн тэрийэн, онно көһөрбүттэрэ. Дьэ, ол кэннэ, бары билэрбит курдук, 1991 сыл бүтүүтэ дойдубут ыһыллыбыта, биһиги хайдах эрэ сир-халлаан икки ардыгар хаалбыт курдук буолбуппут. Бу политическай уларыйыылар, дойду экономическай өттүнэн мөлтөөһүнэ спорт өттүгэр улахан охсууну оҥорбута, ол биһиги үлэбитигэр-хамнаспытыгар тута биллибитэ.

Итинник балаһыанньаҕа Кэптэнигэ олордохпуна арай Үөрэх министиэристибэтин иһинэн Республикатааҕы физкультурнай-спортивнай холбоһук дириэктэрэ Михаил Егорович Друзьянов телефоннаата: “Константин Семенович, Дьокуускай куоракка үлэлии көһөн киириэххин наада. Республика оҕолорго старшай тренеринэн биһиги эйиигин көрөбүт”, – диэн соһутта. Онон, 1994 сыл ахсынньы 1 күнүттэн Республика оҕолорго старшай тренеринэн үлэбин саҕалаабытым. Ити сүрдээх эппиэтинэстээх үлэҕэ 14 сыл устата үлэлээбитим. Үлэбит балай эмэ үчүгэй түмүктэрдээх, улахан ситиһиилэрдээх буолбута. Бу сылларга республика боксаҕа тренердэрин барыларын түмэн, биир санааҕа киллэрэн, биир хамаанда курдук үлэлээбиппит. 1996-2008 сс. республика оҕолорго сүүмэрдэммит хамаандатын I, II, III, IV “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга бэлэмниир үлэни салайбытым. Бу сылларга Георгий Балакшин, Макар Малина, Николай Дмитриев, Илья Иванов, Алексей Иванов, Василий Сыроватскай уо.д.а. сиппиттэрэ-хоппуттара, мин илиим иһинэн киирэн ааспыттара. Республика старшай тренеринэн үлэлээбит кэммэр мин хамаандабар дьарыктаммыт уолаттар саха боксаҕа историятыгар Европа, аан дойду чемпионаттарыгар, Олимпийскай оонньууларга тиийэ киирсибит саамай чулуу көрдөрүүлээх көлүөнэ этэ диэтэхпинэ, ким да улаханнык мөккүспэтэ буолуо дии саныыбын. Бу үлэм үрдүктүк сыаналанан “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ” үрдүк аата миэхэ иҥэриллибитэ.

Ол үлэлии сырыттахпына, Б.П. Щитик уонна Дьокуускай боксаҕа федерациятын аатыттан В.П. Доржиев, куорат спорка Управлениетын салайарга көрдөспүттэрэ. Ону ылынан, 2007 сыл күһүн мэрияҕа үлэлии кэлбитим, ол эрээри, республика оҕолорго старшай тренеринэн 2008 сыллаах “Азия оҕолоро” оонньууларга Саха сирин хамаандатын бэлэмниир циклбын толору үлэлиибин диэн эрдэттэн кэпсэтиилээх буолан, совмещайдаан син биир үлэлии сылдьыбытым. Ити эппиэтинэстээх улахан күрэхтэһиибит кэнниттэн эрэ дьэ, Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар спорка уонна физизическай культураҕа Управлениетын начальнигынан букатын көспүтүм уонна күн бүгүнҥэ диэри үлэлии олоробун.

Олоҕум үйэ аҥаарын спорка анаатым, онно спортсмен, тренер уонна спорт тэрийээччитэ быһыытынан ситиһиилэрбэр дьылҕабар махтанарым диэн, олоҕум хайа да кэмнэригэр аттыбар баар буола түспүт көмө-тирэх, сүбэ-ама, ыйыы-кэрдии наставник буолан сылдьыбыт убайдардарбын, аҕа табаарыстарбын – Бороҕонҥо үлэлиир кэммиттэн Андрей Андреевич Протопоповтан саҕалаан Владимир Пантелеймонович Слепцову, Иннокентий Михайлович Захаровы, республика таһымыгар үлэлиир бириэмэбэр Виктор Павлович Щитигы, Валерий Пурбуевич Доржиевы, Михаил Егорович Друзьяновы, Дьокуускай куорат спордун салайар кэммэр спорт хайысхатын курируйдуур мэр солбуйааччыта Юрий Петрович Баишевы ааттаталыахпын баҕарабын. Бу үтүө-мааны дьоммор тус бэйэм үйэлэр-саастар  махталым муҥура суох!

Сурунна уонна бэчээккэ бэлэмнээтэ Иван КОПЫРИН.

“Дьулурҕан”, 2022 сыл от ыйын 28 күнүнээҕи №-рэ.   

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253191
Бүгүн : 49