Боссоойко уонна Күүстээх Уйбаан тустуулара
Былыр, революция иннинээҕи кэмҥэ, Дүпсүн киһитэ Кирилэ Дабыыдап сүөһүтүн маныырга кэпсэтэн Күүстээх Уйбаан уонна Петр Васильев буоланнар Күөх Хонууга сайылаабыттар. Петр Васильев оҕонньор мин үөскээбит алааспыттан 4 биэрэстэлээх Хоту Луку диэн сиргэ олохсуйан олорбута. Дьэ ол иһин, мин оччолорго уончалаах уол, кини кэпсээнин элбэхтик истэр буолар этим.
Биллэрин курдук Күүстээх Уйбаан улахан тааһы көтөхпүтүнэн, куолакалы өндөппүтүнэн, мас тардыһыытыгар кимиэхэ да хотторботоҕунан биллэн, аатыран “Күүстээх Уйбаан” дэммит киһи. Онтон кини тустарын туһунан бу кэпсээнтэн уратыны мин истэ иликпин. Күүстээх-күүстээх курдук тустуутугар да мөлтөҕө суох эбит.
Кини Күөх Хонууга сүөһү маныы сылдьан, ол-бу кэлбит-барбыт дьону кытта курдаһан тустан 5-тии алтан харчыны сүүйэр идэлэммит. Куоракка “тустуук уол” туһунан сурах бөҕө тарҕаммыт. “Мин” диэбит тустууктар киирэн хоттороллор эбит. Ол курдук биир алтан чаанньыгы толору биэстээх алтан харчыны мунньубут. Күн аайы кэриэтэ тустар эбит. Сорох күн, киһи баар буоллаҕына, хаста да тустар буолбут. Ити курдук ол сайын кини улаханнык эрчиллибит. Тустар ньыманы араас дьон илиититтэн үөрэнэн балайда баһылаабыт бадахтаах. Оччолорго кини сүүрбэтиттэн саҥа тахсан эрэр уол эбитэ үһү. Ол курдук сырыттаҕына биирдэ кып-кыһыл бытыктаах бэрт бөдөҥ-садаҥ киһи киирэр:
“Тустар уол баар дииллэр. Эн дуо?”, – диэн сахалыы бэрт сылбахайдык саҥарбыт. Онуоха Уйбаан: “Мин”, – диэбит. Уйбаан курдана сылдьар кумааһынай (х/б) курун тутан-хабан көрөн баран ол киһи: “Бу куруҥ туруулаһан тустары тулуйуо суох. Үчүгэй солко курда булан курданаар, киэһэ кэлиэм”, – диэбит.
Уйбаан күнүс өйүө ылына таарыйа куоракка киирэн тойонун солко курун ылбыт. Киэһэ күн киириитэ, сөрүүн түһүүтэ киһилэрэ доҕор дьонноох кэлбит. Курдарын хардары-таары тардыалаан билсэн-көрсөн баран, дьэ тустан киирэн барбыттар. Кэлбит-барбыт дьон хайы сах истэн-билэн, икки дуолан тустууктар киирсэн эрэллэрин туһунан сурах соҕотохто чугас эргин тарҕаммыт. Инньэ гынан көрөөччүлэр да балайда мустубуттар.
“Кыһыл Бытык” Аппа уҥуор олохтоох татаардар бухатыырдара Боссоойко эбит. Эмиэ кимиэхэ да хотторбокко сылдьар улахан күүстээх киһинэн биллибит кэмэ эбит. Кини киирдэ-киирээт Уйбааны харса-хабыра суох, сиһин эпсэри ылаары, куруттан тардан бачыгыраппыт. Мэктиэтигэр Уйбаан сис балык этиттэн кытара-кытара уу бычыгыраан тахсарга дылы гыммыт. Уйбаан бэйэтэ кэпсииринэн, икки илиитэ күҥ буолуор диэри киһитин куруттан утары анньыһа сылдьыбыт. Түүнү быһа тустубуттар. Тохтоон сынньаммытарын туһунан кэпсээн суох. Бу туста да сылдьан арыый холкутуһан, тыын ыла-ыла эпсэри тардыстахтара буолуо.
Уйбаан көрдөҕүнэ сайыҥҥы кылгас түүн бүтэн күн кылбайа тахсыыта куорат диэкиттэн тойоно Кирилэ Дабыыдап тэлиэгэлээх атынан көтүтэн иһэр эбит. Онно Уйбаан: “Бу алдьархайы, тойонум, дьонум-сэргэм көрөн турдаҕына хотторон, дойдум дьонун ааттарын-суолларын, үтүө сурахтарын түһэн биэрэр киһи буоллум дии”, – диэн санаабыт.
Дьэ, ити кэнниттэн сайыны быһа тустан эрчиллибитэ таайан киһитинээҕэр арыый тирэхтээх курдук санаммыт уонна өттүгэстии түһэн баран киһитин умса халбарыйбыт. Онуоха Боссоойко тута сылдьар курун ыһыктан баран сири икки илиитинэн тайанан ат буола түспүт. Ити кэмҥэ, били, тэлиэгэлээх аттаах тойон ыга сүүрдэн кэлэн үөс-батааска биэрбэккэ эрэ Уйбааны тэлиэгэҕэ соһон ылбыт уонна куорат диэки тэптэрэ турбут.
Дьиэтигэр тиийэн тойон киһитин этин-сиинин арыгынан оҕунуохтаан угуттаабыт уонна эппит: “Бу туох акаары киһигиний. Ити татаар ааттаах атамаана. Киһиттэн хоттороллорун олох сөбүлээбэт дьон. Күн сарсын дойдугар тахсан саһан сыт. Быйыл сайын куоракка быгыма. Ити дьон мөрөйдөөн, олох сиэхтэрэ”. Ити курдук этэн-тыынан баран, ыйдааҕы хамнаһын урутаан барытын төлөөн Уйбааны дойдутугар атаарбыта үһү.
Күүстээх Уйбаан итинтэн ураты биллэр дьону кытта тустубута иһиллибэт. Бу тустууга Уйбаан күүһүн-уоҕун таһынан, күн аайы тустан эрчиллибитэ таайан Боссоойко курдук күүстээх, ыар ыйааһыннаах киһини кытта тэҥҥэ тустан бүдүрүттэҕэ.
Николай Босиков, ССРС спордун маастара.
“Дьулурҕан”, 21.07.2000