“Дьулурҕан” – саха спордун устуоруйата, архыыба!
“Дьулурҕан” – саамай кэтэһэн ааҕар, сахалыы тыллаах хаһыатым. Мин “Дьулурҕаны” күннээҕи эрэ хаһыат дии санаабаппын. Бу, Саха сирин спордун устуоруйата уонна архыыба. Кэлэр көлүөнэлэргэ суолтата, туһата өссө улаата туруо.
Редактор Петр Павловка улаханнык махтанабын, туруулаһан хаһыатын таһаара сылдьарыттан. Спорду сэҥээрээччилэри, спортсменнары – “Дьулурҕаны” өйүөххэйиҥ, “Дьулурҕаҥҥа” суруттарыаххайыҥ диэн ыҥырабын!
Афанасий ИЛЛАРИОНОВ, РФ физическэй култуураҕа уонна спорка туйгуна, СӨ физическэй култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР спордун маастара, СӨ ХХ үйэҕэ спорка лауреата, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина, спордунан 60 сыл дьарыктанар спорт бэтэрээнэ.