Сонуннар

Тустууга ыҥырабыт!

Сэтинньи 7 күнүгэр “Кыайыы 50 сыла” Спорт дыбарыаһыгар республикаҕа тустууну көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ, Саха Республикатын бочуоттаах гражданина Егор Дмитриевич Кычкин кэриэһигэр 24-гэр диэри саастаахтарга көҥүл тустууга Саха сирин аһаҕас түһүлгэтэ ыытыллар.

Көбүөргэ эдэр бөҕөстөр тахсан – 57, 61, 65, 70, 74, 79, 86, 92, 97, 125 кг ыйааһыннарга ким бастыҥын быһаарсыахтара.

Күрэхтэһиигэ Монголияттан, Бурятияттан, Тываттан, Иркутскайтан бөҕөстөр кэлэллэрэ күүтүллэр. Биһигиттэн ити саастаахтарга бастыҥнарбыт бары кэриэтэ тустуохтара. Ол курдук, Лев Павлов, Андрей Мидловец, Виктор Яковлев, Арем Слепцов уонна да атыттар.

Кыайыылаахтарга бириистэрин туһунан эттэххэ, ыйааһын ахсын бастаабыттар 50-нии, иккис буолбуттар 30-туу уонна үһүстээбиттэр 20-лии, оттон кыайыылааҕы бэлэмнээбит тренердэр 25-тии тыһ. солк. харчынан наҕараадаланыахтара. Ону тэҥэ биирдиилээн бастыҥ бөҕөстөргө спонсордар анал бириистэрэ туттарыллыахтара.

Түһүлгэ тосхоло:

Сэтинньи 7 күнэ, субуота

10:00-12:00 – бары ыйааһыннарга барыллааһын хапсыһыылар.

12:00-12:30 – күрэхтэһиини үөрүүлээхтик аһыы.

12:30-19:00 – күрэхтэһии салгыыта. Быһаарыылаах хапсыһыылар. Кыайыылаахтары наҕараадалааһын.

Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС газка промышленноһын бочуоттаах үлэһитэ, “Бочуот Знага” уонна Үлэ Кыһыл Знамятын орденнарын кавалера, Мэҥэ Хаҥалас уонна Томпо улуустарын бочуоттаах гражданина, талааннаах салайааччы, төлөннөөх араатар Егор Дмитриевич Кычкин – ааспыт үйэ 50-с сылларыгар Саха сирин Комсомолун салайар кэмигэр доҕоро, оччотооҕу Саха АССР спорка комитетын председаталэ Н.Н. Тарскайдыын, республикаҕа көҥүл тустууну сайыннарыыга улахан үтүөлээх киһи. Онон кини аатын, саха тустуутун 70 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар ахтарбыт-саныырбыт, үйэтитэрбит тоҕоостоох.

Киирии – босхо. Кэлин, эдэр бөҕөстөргө көх-нэм буолуҥ! Сытыы, тыҥааһыннаах хапсыһыылары көрөн дуоһуйуҥ!

Петр ПАВЛОВ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

836667
Просмотров сегодня : 152