Олус сөбүлээтилэр. Өссө кэлиэх буоллулар
Дмитрий Коркин тустуу күрэҕэр быйыл Японияттан 5 киһилээх хамаанда кэлэ сырытта.
Уолаттар Дьокуускай куораты олуһун сөбүлээтилэр, маннык күрэххэ инникитин өссө да кэлиэ этибит дииллэр. Тымныы эрээри, дьоллоох дьоҥҥо ичигэс диэбиккэ дылы, Саха сирин дьонун-сэргэтин олус үтүө, көрсүө-сэмэй майгылаахтарын бэлиэтии көрөн олуһун астыммыттар.
Уолаттар дойдуларыттан маннык турнирга ыҥырыы иһин Павел Павлович Пинигиҥҥэ кэһиилээх кэлбиттэрэ, ону сценаҕа тахсан махтал тылы кытары туттарбыттара. Ону таһынан тулалыыр күүс-көмө буолбут дьоҥҥо — тылбаасчыттан саҕалаан остолобуой үлэһиттэригэр тиийэ кэһии түҥэппиттэрэ.

Ону таһынан Царство Вечной Мерзлоты комплекска ыалдьыттаан ааспыттара, муус оҥоһуктары көрөн соһуйбуттара, астыммыттара. Сайынын эмиэ маннык тоҥон турарын сөхпүттэрэ. Турбалар барыта сир үрдүгэр туралларын сөхпүттэрэ, Саха сиригэр метро суоҕун эмиэ.
«Триумфтан» көстөн турар Сайсары күөлү — бу күөл турар диэни билэн эмиэ соһуйбуттара аҕай, ырааһыйа турар дии санаабыппыт диэбиттэрэ. Бириэмэлэрэ олох ыгым буолан, итиннэ эрэ успейдаан сылдьыбыттара.

Олус кылгас, 3 эрэ күҥҥэ кэллибит диэн хомойо саныыллар, бириэмэ элбэҕэ буоллар, Саха сирин кытта өссө чугастык билсиэ этибит диэн баҕа санаалаах төттөрү дойдуларыгар көппүттэрэ.
Саха сирин уонна Россия тустууктарын олус күүстээхтэр, саҥа опыт бөҕөтүн ыллыбыт, элбэххэ үөрэннибит дииллэр, дойдуларыгар төннөн өссө күүстээхтик дьарыктанан, эһиил эмиэ Коркин турнирыгар кытта кэлиэхтэрин баҕараллар.
Виктория КОРОТОВА, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет 4-с курсун студентката, Япония хамаандатын тылбаасчыта.






Просмотров сегодня : 60