Олус тыҥааһыннаахтык ыытылынна
Остуол тениһигэр республикаҕа биирдиилээн уонна хамаанданан чемпионатын туһунан спорт хаһыатыгар “Дьулурҕаҥна” кылгас информация тахсыбыт. Ону ситэрэн биэрдэххэ маннык…
Бу 4 күн: биирдиилээн, уол кыыс (смежнай), пааранан, (уолаттар, кыргыттар) хамаанданан сыралаах киирсиини уол уолаттардыын уонна кыыс кыргыттардыын эрэ киирсиитин курдук кэпсээһин табыллыбат.
Смежный киирсиигэ Кылабысов (Чүүйэ, Мэҥэ Хаҥалас) Ноговицына (Эмис, Амма) пааралара бастаата, иккис Тихонова (Ньурба), Жан Христофоров (Хаҥалас) хамаандата таҕыста, үһүс Аввакумова (Ньурба) Изот Кривошапкин таҕыстылар. Изот аҕата «уолбун дьигинэн оҕустарыахтаах этин. Оччоҕо бастыыргыт хаалла» диэн кыыска этиитэ ютубка иһилиннэ. Арина да ону сөп этии диир. Смежнэйгэ эр киһи сүрүн нападающай оруолун толоруохтаах эбит. Кыыс онно көмө ньыма буолуохтаах үһү.
Ону Кылабысов оонньоон көрдөрдө. Мээчиги эккирэтэн хаста да сууллан туран остуолга таһаарар, эрчимнээхтик быһар. Напарницата личнэйгэ чемпионка Ноговицына.
Парнайга кыргыттарга Арина (Чүүйэ, Мэҥэ Хаҥалас) уонна Ноговицына кыһыылаах-абалаах киирсиигэ Үөһээ Бүлүү кыргыттарыгар Пахомова, Аввакумоваҕа кыайтарыыта буолла. 10:8 кыайан иһэн 1очкону ылбакка тэбилиннилэр. 8 очколаах туран 3 очкону тута ылан Үөһээ Бүлүү кыргыттара паараҕа бастаатылар. Өскөтүн Ариналаах кыайбыттара буоллар, Ноговицына абсолютнай чемпион аатын ылара хаалбыт. Личнэйгэ, паараҕа, смежнэйгэ уонна кыргыттар хамаандаларыгар барытыгар кыһыл көмүс мэтээллэниэҕэ хаалбыт. Ол да буоллар, 3 кыһыл көмүһү, биир үрүҥ көмүһү ылбыт.
Хас биирдии көрүҥ олус тыҥааһыннаахтык барбыт.
Өскөтүн Чурапчы хамаандата сүрүн састааба Хатылы нэһилиэгиттэн эбит буоллаҕына, Мэҥэ Хаҥалас хамаандатын сүрүн састааба Чүүйэттэн. Хамаанда 10 киһититтэн – 6-та биир нэһилиэк спортсменнара. Итинник дьээбэ эмиэ баар.
Чемпионат киэргэлинэн Изот буолла. Уол бурҕаҥнатан охсоро күүстээх, мээчик ыйылыы-ыйылыы көтөр. Ол эрээри, парнайга чуут кыайтара сыстылар, Румянцевтаахха. Убайа кэлин тоҕута-хайыта түстэ. Изот убайа эмиэ бэркэ оонньуур эбит. Аҕалара Хатылыга теннис тренерэ.
Максимов ютубка бэркэ устубут. Күрэхтэһии сытыы түгэннэрэ барыта баар.
Кылгастык суруйдахха итинник. Ол эрээри, “Дьулурҕантан” арыый киэҥ ырытыы буолара буолуо. Чемпионат кыыс уол эрэ күрэҕэ буолбатах, дириҥ кэрэхсэбиллээх, трагическай, харах уулаах да кэмнэрдээх күрэхтэһии буолан ааста.
Федот ХАРИТОНОВ, Мэҥэ Хаҥалас.
Хаартыскаҕа: Мэҥэ Хаҥаластааҕы Оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ Арина Федорова.




Просмотров сегодня : 147