Сонуннар

Захар Дьячковскай үрүҥ көмүс мэтээлэ

Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, Иордания — Амман куоратыгар бэҕэһээҥҥиттэн аҕам саастаахтарга көҥүл тустууга аан дойду чемпионатын хапсыһыылара саҕаланнылар.

Ол курдук, А уонна Е диэн саастарынан араарыллыбыт дивизионнарга алталыы ыйааһыҥҥа киирсиилэр буоллулар. Хомойуох иһин, Россия Кубогын кыайыылааҕа, Саха сирин чемпиона, спорт маастара Андрей Иннокентьев эрдэттэн оҥостон баран сатаан барбата.

Онон түөрт бөҕөстөн — бастакынан күрэхтэһиини Е дивизиоҥҥа (56-60 саастаахтарга) спорт маастара Захар Дьячковскай саҕалаата. Кини бастакы эргииргэ сынньанан баран, финал чиэппэригэр дьоппуон Шого Моримотоны ыраастык, онтон финалга тахсар иһин киирсиигэ узбек Убайдулло Эргашевы 2:2 ахсааҥҥа кыайбыта. Онтон финалга, аҕам саастаахтарга аан дойду хас да төгүллээх чемпиона, Болгария турога Ремзи Реджеб Осмаҥҥа 0:3 ахсаанынан сабырыйтаран кэбистэ.

Онон Захар Дьячковскай аҕам саастаахтарга аан дойду чемпионатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаланна. Итиэннэ доҕотторугар мэтээлгэ ааны аста диэххэ сөп. Сахата суох – тустуу суох! Тустуута суох – саха суох!

Кини ыйааһыныгар түмүк маннык буолла: 62 кг 1. Ремзи Реджеб Осман (Болгария), 2. Захар Дьячковскай (Россия, Саха сирэ), 3. Иштван Клебер (Венгрия), Шого Моримото (Япония).

Аны хаалбыт күннэргэ биһигиттэн Вячеслав Кривошапкин, Айаал Павлов, Алексей Николаев тустуохтара. Бөҕөстөрбүтүгэр ситиһиилэри баҕарабыт!

Петр ПАВЛОВ.  

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

836662
Просмотров сегодня : 141