Тус санаа

Олоҕум суолун ыйан биэрбитэ

Галина Пахомованы аан бастаан Бороҕоҥҥо, билиҥҥи “Аартык” кинотеатр оннугар турбут “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыат редакциятыгар көрбүт курдук саныыбын. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыахпыттан, хаһыакка кыралаан суруйар буоламмын, редакцияҕа дэҥҥэ сылдьар этим.

Ол саҕана редактор Милан Матвеевич Афанасьев этэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, кырдьаҕас суруналыыс Федор Игнатьевич Васильев, Агафья Ивановна Охлопкова, Иннокентий Сыроватскай, Афанасий Охлопков, Аркадий Алексеев, Василий Саввин,  Анатолий Никифоров, фотограф Александр Бочкарев, Уһун Коля – бухгалтер Николай Колодезников уонна Галина Пахомова бааллара.

Галина Алексеевна оччолорго үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлэн хаһыакка үлэлээн эрэр кэмэ этэ быһыылааҕа. Бу санаатахха, сүрдээх күүстээх састааптаах хаһыат этэ. Ол саҕана хаһыат оруола даҕаны наһаа улахан буолара.

Оскуоланы бүтэрэн, редакцияттан направление ылан, балтараа сыл Уфаҕа, полиграфистар училищеларыгар фотокорреспондент идэтигэр үөрэнэн кэлэрбэр, Галина Алексеевна хаһыаттан, оройуоннааҕы Комсомол кэмитиэтигэр үлэлии көспүт этэ. Сэрэйдэххэ, эдэр кэскиллээх үлэһити үрдэтэн, салайар салааҕа таһаардахтара.

Дьиэ кэргэн истиҥ доҕоро

Биһиги дьиэ кэргэн ааҕарбытын наһаа сөбүлүүрбүт. Ийэм Екатерина Егоровна эдэр сылдьан редакцияҕа машинистканан үлэлии сылдьыбыт буолан, хаһыатчыттары барыларын билэр, сүрдээҕин сөбүлүүр, кинилэри кытта алтыһар этэ. Бэйэтэ элбэхтик суруйар селькорунан биллибитэ. Галина Алексеевна даҕаны оччоттон билиҥҥэ диэри биһиги дьиэ кэргэммит истиҥ доҕоро. Ийэбитин “Тётя Катя” диирэ. Быраатым Семен уруутун остуолун кини тамада быһыытынан салайан ыыппыта. Хас биирдиибитин билэрэ, куруук сураһа, ыйыта сылдьааччы. Үөрүүлээх да, хомолтолоох даҕаны кэмнэрбитигэр өрүү өйөбүл, күүс-көмө буолар чугас киһибит. Аһара баран эттэххэ, миэхэ эдьиийим тэҥэ киһи. Олоххо талан ылбыт суолбут, үлэлиир эйгэбит биир буоллаҕа. Кини сүбэтэ-амата, такайыыта мин олоххо суолбун булуубар улахан оруоллаах.

Комсомолга ситиһиилээхтик үлэлээн баран, мин төрөөбүт дойдубар ытык иэспин төлөөн икки сыл буолан баран кэлиибэр, Галина Алексеевна редакцияҕа көспүт этэ. Онон армияттан кэлэн баран, хас да сыл бииргэ үлэлээбиппит. Өссө арҕаа, редакциябыт оройуоннааҕы библиотека таһыгар баарын саҕана, биир хоско олорон үлэлээбиппит. Дьиэбититтэн өйүө аҕалан, күнүс бииргэ эбиэттиирбит. Оччоттон саҕаланна этэ дии, коллекционердары түмүү. Кини эмиэ иллэҥ кэмигэр открыткалары, значоктары мунньар буолан, республикаҕа биллэр бэртээхэй коллекционер. “Умсулҕан” коллекционердар кулууптарын тэрийиибитигэр сүбэһиппит Галина Алексеевна этэ. Оччоттон баччаҕа диэри аны куоракка көһөн кэлэн даҕаны баран, коллекционердар хамсааһыннарын өрүү өйүүр, күүс-көмө буолар.

Олус да кэрэ кэмнэр этилэрэ

Билигин санаатахха, оччолорго хаһыатчыт буоллун даҕаны, биир теманы тутан баран сылдьыбакка, туох баар темаҕа барытыгар сыстан үлэлиирбит. Холобур, оройуоҥҥа саас үксүн ыһыы үлэтин, ыраастаныы туһунан, сайын наар сайылыктары, отчуттары, оҕуруотчуттары, үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарын  кэрийэн суруйар буоларбыт, күһүн – хомуур уонна кыстыкка бэлэмнэнии үлэлэрин, кыһын – оттук сезонун, оскуола олоҕун сырдатарбыт. Үлэбит сылы эргиччи тыа хаһаайыстыбатын сырдатыы буолара. Оройуон иһигэр командировкаларга элбэхтик сылдьарбыт. Билигин санаатахпына, хаһыатчыт буолбатаҕым буоллар, Уус Алдан нэһилиэктэрин, республика улуустарын барытын кэрийиэм суоҕа этэ.

Галина Алексеевна – редакция комсомолецтарын тэрилтэтин салайааччыта этэ. Араас субуотунньуктарга, бырааһынньыктарга көхтөөхтүк кыттарбыт. Кини олоххо наһаа көхтөөх, көрдөөх, ол быыһыгар ирдэбиллээх, дуоспуруннаах киһи. Үлэҕэ да, тэрилтэ иһинээҕи бырааһынньыктарга даҕаны куруук саҥа, сонун идеяны киллэрээччи кини буолара. Этэргэ дылы, эдэр бэйэтэ, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас курдук туттан кэпсэтэрэ.

Г.А. Бочкарева мин олохпор ыкса сибээстээҕин өссө сыбаайбабар уонна үбүлүөйбэр бочуоттаах ыалдьыт эрэ буолбакка, ыытааччы, сиэри-туому толорооччу быһыытынан көхтөөхтүк кыттыбыта бигэргэтэр…

Көрө-истэ, үөрэтэ-такайа сылдьарыгар махталлаахпын

Ити курдук үлэлии сылдьан, 1994 сыллаахха сайын анал рейсинэн Турцияҕа күүлэйдии бара сылдьыбыппыт. Күүлэйдии буолуо дуо, көҥүл тустууга аан дойду чемпионатын көрө. Онно Галина Алексеевналыын бииргэ айаннаабыппыт. Кини Бороҕоҥҥо этээстээххэ олорор дьиэтигэр эрдэ кэлэн, түүн таксинан Суоттуга айаннаабыппыт. Тиийэн паромунан устан, куоракка аҕатын, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Алексей Пахомов дьиэтигэр тохтоон баран, самолетунан Стамбулга көппүппүт. Син элбэх этибит. Ол иһигэр тустууну көрө барар дьону тэҥэ туристар эмиэ бааллара. Мин наар тустууну көрбүтүм. Ол сырыыбар Галина Алексеевнаҕа үлэһэн, тирии дубленка атыылаһыннарбыппын, оонньуута суох эттэххэ, уонча сылы быһа кэппитим. Өрүү, “бу эдьиийим Галина Алексеевна атыыласпыта” диэн киэн тутта кэпсиирим. Ол сырыыбытыгар даҕаны, кини миигин өрүү быраатын курдук санаан наар көрө-истэ, үөрэтэ-такайа, бүөбэйдии сылдьарын иһин, мин киниэхэ махталым муҥура суох.

Бэйэ-бэйэбитин кытта аһаҕастык кэпсэтэрбит, ыра санаабын үллэстэрбит. Холобур, мин туспа спорт туһунан хаһыаты оҥорон таһаарбыт киһи диэн быктарарым. Оччолорго, хаһыакка спорт биирдэ эмэ, улахан түһүлгэлэр кэмнэригэр бэчээттэнэрэ, ону да бэрт кылгастык, кыратык. Бэйэм спорт, тустуу туһунан кинигэлэри мунньарбын дьиэбэр сылдьан көрбүт буолан, соҕурууттан хаста даҕаны тустуу туһунан кинигэни аҕалбытын, суруйан бэлэхтээбитин хаһан даҕаны умнубаппын, махтана саныыбын.

“Дьулурҕаны” кини төрүттээбитэ

Аны туран, 1999 сыллаахха, саҥа кэргэннэнэн, оҕолонон, саҥалыы олоҕу олорон эрдэхпинэ, арай биир үтүө күн Галина Алексеевна Дьокуускайтан звоннуур, саҥа хаһыат арыллан эрэр, онно эн спорт отделын салайааччынан кэлиэн этэ диэн. Ити курдук, мин ыра санаабын толороору, кэргэмминээн Мариялыын биир саастаах оҕобутун көтөхпүтүнэн куоракка күккүрээн кэлбиппит. “Республика бүттүүнэ” – “Вся республика” хаһыат спорка отделын редакторынан. Бу хаһыат иһинэн 2000 сыллаахха “Дьулурҕан” диэн аатынан спорка аналлаах сыһыарыы тэриллибитэ. Онно барытыгар көҕүлээччинэн Галина Алексеевна буолар. Кини барытын миэхэ анаан оҥорбут буолан тахсар. Кэлин, “Республика бүттүүнэ” сабыллан, мин “Дьулурҕаммын” туппутунан “Саха сирэ” хаһыакка көспүтүм уонна күн бүгүҥҥэ диэри бэчээт эйгэтигэр айымньылаахтык үлэлии сылдьабын.

Аны 2017 сыллаахха дойдубут тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа ыытыллыбыт Россия Суруналыыстарын XII съеһигэр Саха Республикатын аатыттан кыттар делегация састаабыгар киллэрэн, онно Галина Алексеевна бөлөҕү бэйэтэ салайан – сүрдээх үчүгэйдик, тэрээһиннээхтик сылдьан, үлэлээн кэлбиппит. Ити съезд үлэтигэр кыттыы – мин суруналыыс быһыытынан үлэбэр олоҕум биир умнуллубат түгэнэ.

Түмүктээн эттэххэ, эдьиийим курдук истиҥник саныыр аҕа саастаах киһим – Галина Алексеевна итэҕэлин түһэн биэрбэтэх, кини тэлбит суолунан эрэллээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар курдук сананабын.

Галина Алексеевна бу күннэргэ үбүлүөйдээх сааһын туолбутунан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин! Бары үчүгэйи, сырдыгы, кэрэни эрэ баҕарабын.

Петр ПАВЛОВ, Россия Суруналыыстарын союһун чилиэнэ, Саха сирин Бэчээтин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ.                  

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227561
Бүгүн : 363