Сонуннар

Георгий Окороков: «Быйылгы сыалым – аан дойду уонна Олимпиада!»

Суруналыыс Николай Бястинов «Тайм-аут» биэриитин ыалдьытынан көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, эдэрдэргэ Европа күрэхтэһиитин кыайыылааҕа, Австралия икки төгүллээх чемпиона, Амма улууһун Болугуруттан төрүттээх Георгий Окороков буолла.

Георгий соторутааҕыта Египет Александрия куоратыгар ыытыллыбыт Африка уонна Океания дойдуларын Олимпиадаҕа сүүмэрдиир күрэхтэһиилэригэр 65 киилэҕэ тэҥнээҕин булбатаҕа. Кини утуу-субуу Египет, Ангола, Камерун бөҕөстөрүн итэҕэтиилээхтик кыайталаабыта. Итинэн аны сайын Парижка ыытыллар сайыҥҥы Олимпийскай оонньууларга сахалартан бастакынан кыттар кыаҕы ылбыта.

Биэриигэ Георгий Окороков бэйэтин спорка олоҕун, тренердэрин, тустуутун туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, билигин тренердэр Анатолий Сафронов уонна Артур Константинов салалталарынан дьарыктанарын эттэ. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, биир ыалтан икки Европа чемпиона баар эбит. Георгий эдьиийэ Анна – мас-рестлиҥҥэ Россия уонна Европа чемпиона.

Быйылгы сылга Георгийга сүрүн сыала-соруга: Парижтааҕы Олимпийскай оонньууга 65 киилэҕэ уонна күһүн Албанияҕа буолар, Олимпиадаҕа киллэриллибэтэх ыйааһыннарга аан дойду чемпионатыгар 61 кг ситиһиилээхтик кыттыы буолар. Ол инниттэн хас да турнирга уонна анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүүгэ кыттар былааннаах.

Уолбутугар ситиһиини баҕарабыт!

«Дьулурҕан».  

  

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253183
Бүгүн : 41