Спорт 10 көрүҥэр күрэхтэһиэхтэрэ
Кулун тутар 25-31 күннэригэр Алдан уонна Нерюнгри куораттарга Саха сирин спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр V спартакиада ыытыллар.
Ол курдук, Алдаҥҥа – хайыһар, кыһыҥҥы многоборье, спортивнай ориентирование, шорт-трек, биатлон көрүҥнэригэр, онтон Нерюнгрига – шайбалаах хоккей, хайаттан хайыһарынан түһүү, хотугу троеборье, сноуборд, фигурнай хаҥкылааһын күрэхтэһиилэрэ ыытыллыахтара.
Түөрт сылга биирдэ ыытыллар кыһыҥҥы спартакиада кылаабынай судьуйатынан – элбэх улахан таһымнаах республикатааҕы күрэхтэһиилэргэ, оонньууларга сүрүн судьуйанан үлэлээбит Россия физическэй култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ Альберт Трофимов ананна. Тэрийээччилэр биллэрбиттэринэн, спартакиадаҕа республика 28 хамаандатыттан барыта 750 спортсмен кыттара күүтүллэр.
Бу улахан таһымнаах күрэхтэһиини көрсө Саха сирин куораттара уонна улуустара бэйэлэригэр анал бэлэмнэниини, сүүмэрдээһини ыытан, хаһан баҕарар буоларыныы, бу да сырыыга көхтөөхтүк кыттарга суоттаналлар.
Спартакиада түмүгүнэн, син эмиэ сайыҥҥы оонньууларга курдук, нэһилиэнньэтин ахсаанынан көрүллэн, хамаандалар 4 бөлөххө арахсан күрэхтэһиэхтэрэ. Бастыҥ хамаандалар быһаарыллан, анал кубоктарынан, өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланыахтара. Санатан эттэххэ, ааспыт спартакиадаҕа Муома, Томпо, Амма, Дьокуускай хамаандалара бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр кыайбыттара. Быйыл дьэ ханнык хамаандалар бастыахтарай?
Спартакиаданы үөрүүлээхтик аһыы кулун тутар 26 күнүгэр буолар.
«Дьулурҕан».