Бастакылар
Быйыл Саха сиригэр физкультурнай хамнааhын 100 сыла бэлиэтэнэр. Күн бүгүнүгэр диэри спорт эйгэтигэр үгүс сыhыаннаах дьон, спорду таптааччылар Саха сириттэн икки бастакы ССРС спордун маастарын уонна бастакы Советскай Союз чемпионун ааттарын билбэттэр. Өр сыллар устата убаастанар тустууктарбыт сахалартан бастакы ССРС спордун маастара уонна бастакы Советскай Союз чемпиона ааттарын сүгэн кэллилэр. Дьиҥнээх чахчы хайдах этэй?
Сахалартан ССРС бастакы чемпиона
1958 сыл муус устар ыйыгар ССРС самбоҕа биирдиилээн уонна хамаанданан чемпионата Минскэй куоракка ыытыллар, онно аҕыс ыйааhыҥҥа 172 спортсмен кыттар, ол иhигэр 63 спорт маастара.
Кини 1936 сыллаахха Дмитрий Дмитриевич уонна Анна Андреевна Избековтар дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Куорат 8-с оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан Вадим Избеков саахымат оонньуутунан үлүhүйэ сылдьыбыта, онно кинини бииргэ үөрэммит табаарыhа Виталий Кулачиков, 1953 сыллаах республика үөрэнээччилэригэр чемпиона (кэнники спорт маастарыгар кандидат, суруйсуунан оонньууга норуоттар икки ардылаынааҕы маастар буолбута) угуйбута уонна акробатиканан дьарыктаммыта.
1954 сыллаахха ситии-хотуу аттестатын ылан баран, Москва куоракка тиийэн Энергетическай институт теплоэнергетика факультетын студена буолар уонна самбо секциятыгар суруттаран, үөрэҕин кэнниттэн киэhээ дьарыктанан барар. Тренеринэн физическэй иитиигэ кафедра доцена Анатолий Аркадьевич Харлампьев самбо тустуутун төрүттээччитэ буолар. 1955 сыллаахха МЭИ студена үhүс разрядтаах самбист буолар. 1956 сыллаахха МЭИ хамаандата Кишинев куоракка ССРС студеннарын хамаанданан күрэхтэригэр үhүс призер буолар. Бу күрэхтэhиигэ чэпчэки ыйааhыҥҥа МЭИ студена Вадим Избеков уонна Ленинградскай пединститут студена Дмитрий Коркин бэйэлэрин бөлөхтөрүттэн кыайан тахсыбаттар.
1957 сыллаахха 1 разрядтаах самбист Москва куорат чемпионунан буолар. 1958 сыл олунньу ыйыгар «Буревестник» ДСО ССРС Киин Сэбиэтин күрэхтэhиитин түмүгүнэн дойду чемпионатыгар кыттар быраабы ылар. Чемпионат полуфиналыгар ыйааhын фаворитын, дойду экс-чемпионун, хас да төгүллээх призерун, ССРС спордун маастара Лаврентий Кациашвилины утары тахсар. Опыттаах уонна темпераментнай грузин свисток кэнниттэн баламат дебютант харса суох атаакатын күүппэтэх буолан, «кыптыыйдааhын» албаска түбэhэр, онтон тута атаака оҥоро сылдьан өссө икки баалы сүүйтэрэр уонна хапсыhыы тухары ситэ сатаан баран, хотторуулаах буолар.
Финалга МВТУ студена Геннадий Шишков болевой приемҥа түргэнник түбэhэн, ыраас хотторуу хомолтотун билэр. Онон Вадим Избеков сахалартан бастакынан Советскай Союз чемпиона буолар уонна ССРС спордун маастарын нуорматын толорор, сотору ити аат киниэхэ иҥэриллэр.
1959 сыл олунньу ыйыгар кини бары утарсааччыларын ыраастык кыайан «Буревестник» ССРС Киин Сэбиэтин чемпионунан буолар. Ити кэмҥэ самбо Европа, аан дойду таhымыгар тахса илигэ.
1960 сыллаахха дойдутугар кэлэн инженер-теплотехник Вадим Избеков ССРС НА Сибиирдээҕи отделениетын Саха сиринээҕи филиалыгар үлэлиир, онтон идэтинэн Хабаровскай кыраайыгар үлэлиир. Ол кэнниттэн Томь-Усинскай, онтон Братскай ГЭС үлэhитэ буолар.
1964 сыллаахтан Вадим Дмитриевич Избеков Иркутскай куоракка олохсуйар уонна «Динамо» спортобщество иhинэн бастакы самбо секциятын аhан оҕолору дьарыктыыр. Иркутскай политехническай институтугар преподавателынан, онтон наука кандидата буолан кафедра доценынан үлэлиир уонна самбо секциятын салайар, студеннары дьарыктыыр. 20 сыл устата тренер быhыытынан үлэлээн баран, Иркутскай уобалас самбоҕа федерациятын 20 сыл салайбыта. Кини икки үөрэнээччитэ аан дойду уонна Европа чемпионнарын бэлэмнээннэр, Россия үтүөлээх тренерин аатын ылбыттара. Кинини Иркутскай уобалас самбо тустуутун «Аҕатынан» билинэллэр. Онтон Вадим Избеков сөбүлүүр дьарыга альпинизм буолар, иккис разряды толорор уонна Памир, Тянь-Шань, Алтай уонна Саяны хайалар чыпчаалларын дабайар. Кини 2005 сылтан Московскай уобалас Коломна куоратыгар олохсуйар.
ССРС спордун бастакы маастара
Өскөтүн Вадим Избековы аймахтара уонна чугас дьоно эрэ билэр буоллахтарына, иккис кэпсиир киһим аатын 50-60-с хайыhардьыттар үчүгэйдик билэллэрэ.
Никитина (Иванова) Галина Михайловна 1933 сыл сэтинньи ыйын 29 күнүгэр Иркутскай уобалас Бодойбо куоратыгар төрөөбүтэ. 1951 сыллаахха Якутскайдааҕы үп техникумун бүтэрэн, бюджет учуокка бухгалтера идэни ылбыта, хайыhар секциятыгар дьарыктаммыта. 1950 сыллаахха республика үөрэнээччилэрин 5-с күрэхтэhиитигэр 5 км сүүрүүгэ бастаабыта. Нөҥүө сылыгар Дьокуускай куорат кыргыттарга чемпионатыгар эмиэ бастыыр. Профсоюзтар уобаластааҕы советтарын улахан дьоҥҥо бастакы күрэхтэhиитигэр 8 км сүүрүүгэ иккис буолбута. Онтон ыла кини аата дьахталлар күрэхтэhиилэригэр элбэхтик ааттанар буолбута.
1954 сыллаахха Москватааҕы физкультура институтун бүтэрэн кэлбит ЯПУ физкультураҕа учуутала Иннокентий Гаврилович Игнатьев кинини, «Динамо» ДСО, Саха АССР сборнайын хайыhардьыттарын эрчийбитэ. Сезон аhылла илигинэ күhүн кросс сүүрүүтүн, ыстаныылары, мээчиктээх упражнениелары, бырааҕыылары киллэрэн уопсай физическэй сайдыыны күүhүрдүбүтэ туhалаах буолбута. Ол гынан баран, сотору кинини Саха АССР Министрдэрин Советтарын физкультурнай комитетын председателын солбуйааччынан анаабыттара, онтон ЫБСЛКС куораттааҕы комитетын секретара, республикаҕа биллэр салайааччы буолбута, Саха АССР Верховнай Советын депутатынан хас да төгүл талыллыбыта, ССРС народнай депутата буолбута.
1955 сыллаахха республикаҕа 5 км уонна 10 км сүүрүүгэ бастыыр. Барыта республика аҕыс төгүллээх абсолютнай чемпионката буолар. Саха сирэ – Магадан – Камчатка икки ардыларынааҕы күрэхтэhиилэригэр 13-тэ кыайан, үс төгүл абсолютнай чемпионынан буолар. 1957 сыл кулун тутар ыйын 16-19 күннэригэр Свердловскай куоракка буолбут «Динамо» ФСО Киин Сэбиэтин чемпионатыгар 5 км 18 мүн. 58 сөк. кэлэн (маастар нуорматын 32 сөк. куоhарар) Саха сириттэн аан бастаан ССРС спордун маастарын нуорматын толорор уонна сотору кэминэн ити аат киниэхэ иҥэриллэр.
1963 сыл Бүтүн Союзтааҕы «Динамо» ФСО кыhыҥҥы спартакиадатын 5 км сүүрүүгэ бастыыр. 5 км сүүрүү кини короннай дистанцията этэ уонна 4х5 км эстафеталарга бүтэhик этапка наар сүүрэрэ, төhө да хойутаан стартка таҕыстар, Cаха сирин уонна «Динамо» хамаандаларын кыайыылаах оҥороро. Саха сирин 10 чулуу спортсменнарын кэккэтигэр хас да төгүл киирбитэ.
«Динамо» общество Россиятааҕы уонна Киин Сэбиэтин хас да төгүллээх призера, Дальнай Восток, Дальнай Восток уонна Илин Сибиир зоналарын хас да төгүллээх чемпионката Галина Никитина 1965 сыл чулуу спортсменката буолбута уонна «Летопись спортивнай славы Якутии» Бочуот кинигэтигэр, 1977 сыллаахха Саха АССР спорткомитетын Бочуот кинигэтигэр киллэриллибитэ, ХХ үйэ спордун лауреата «чулуу спортсмен» номинацияҕа иҥэриллибитэ.
Кини 1966 сыллаахха спортивнай олоҕун кыайтарбакка түмүктээбитэ, буруйу утары охсуhуу инники күөнүгэр сылдыбыта. 1951 сыллаахха Саха АССР ИДьМ үп салаатыгар практикант быhыытынан үлэтин саҕалаан баран, ИДьМ 7-с отделын младшай разведчигынан, ИДьМ финотделын секретарь-машинисткатынан, куорат 3-c милиция отделениятын секетарь-счетоводунан, Дьокуускай куорат милициятын оперативнай взводын милиционерынан, оҕо хоhун инспекторынан, холуобунай ирдэбил оперуполномоченнайынан, ИДьМ холуобунай ирдэбилгэ отделын оперуполноченнайынан, Алдан оройуонун ИДьО холуобунай ирдэбил старшай инспекторынан, холуобунай ирдэбил отделениетын начальнигын солбуйааччытынан, Алдан милициятын начальныгын политчааска солбуйааччытынан үлэлээн, 1985 от ыйын 1 күнүгэр сыллаахха милиция подполковнига званиелаах пенсияҕа тахсыбыта. Үлэлии сылдьан СГУ биологическай факультетын кэтэхтэн бүтэрбитэ. Хас да төгүл Алдан райсоветын депутатынан талыллан, ИДьМ командировкалаан 1973-1980 сылларга райисполком председателын солбуйааччынан үлэлээбитэ.
Г.М. Никитина «Эҥкилэ суох сулууспатын иhин» үс степеннэрдээх, «Сэбиэскэй милиция 50 сыла», «үлэ ветерана» мэтээллэринэн, «Милиция туйгуна» знагынан, «Динамо общество 60 сыла» хары чаhытынан, элбэх бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. 1985 сылтан Краснодарскай кыраай Ейск куоратыгар олохсуйбута.
Кинилэр бастакылар. Онтон ону хаhан билинэр буолабыт…
Петр ЯКОВЛЕВ, үлэ бэтэрээнэ.