История

“Урожай” 75 сыла: Күрэхтэспит сылларбын үтүөтүк ахтабын

Быйыл республикабытыгар «Урожай» спортивнай общество (бастакы аата «Колхозник») тэриллибитэ 75 сылын бэлиэтээри спорт бэтэрээннэрэ, урукку салайааччылар бэлэмнэнии үлэтин – үгүс көрсүһүүлэри, матырыйаал хомуйуутун Баишев Ю.П. салалтатынан ыыта сылдьаллар.

Билигин эргитэ санаан көрдөххө, 60-70-нус сылларга спорт бэрт муҥутаан сайдыбыт бэлиэ кэмэ эбит. Оччолорго биһиги, чурапчылар наар инники күөҥҥэ сылдьаммыт «Чурапчы – спорт туоната” диэн ааттаннахпыт, республикаҕа биллэ сырыттахпыт.

Оччолорго республикаҕа биллэр күүстээх спортсменнар тыа оройуоннарыгар олорор буолан, бары да “Урожай” чилиэннэрэ буоллахтара дии. Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан кыттар үгүс күрэҕим «Урожай» күрэхтэһиитэ буолара, Дальнай Восток зоната, Россия да финала – барыта «Урожай» гиэнэ.

Аан бастаан 9-с кылааһы бүтэрбитим кэннэ, волейболга республика «Урожай» хамаандатыгар киллэрэннэр, Дальнай Восток зонатыгар Читаҕа барса сылдьыбытым. Онно сааспын эбэн, телятница диэн хамаандаҕа ылбыттар этэ. Куораттан В.Штоц уонна Дина (араспаанньатын умнубуппун) диэн нуучча кыргыттарын хамаандабытын күүһүрдэн илдьибиттэрэ да, үксүн кыайтаран кэлбиппит (1-кы хаартыскаҕа ол састаап).

Оттон теннискэ 3-4 сылы быһа «Урожай» республикатааҕы күрэхтэрин кыайан, зонаҕа эмиэ бастаан, Россия финалыгар кыттан биирдэ хамаанданан 5-с, биирдиилээҥҥэ мин 4-с буолбуттааҕым. Ол иһин буолуо, миигин, оскуола оҕотун, «Урожай» общество Бочуот кинигэтигэр республика киэн туттар номоххо киирбит спортсменнарын кытта тэҥҥэ киллэрбиттэр эбит. Оччолорго соччо суолта биэрбэтэх быһыылаахпын, кэлин ити суруллубуту көрөн баран, наһаа киэн тутта саныыбын.

Онно улуу тренердэр Коркин Д.П., охчут Стасов П.М., сүүрүк-марафонец Устинов А.И., кылыыһыт Местников П.П., гиревик Кулачиков У., дуобатчыт Аргунова А.И., хайыһардьыт Поповтар уо.д.а. киирбиттэр, хайдахтаах курдук саха спордун аатырдыбыт улуу ааттарый?! Кэлин сылларга маннык кинигэҕэ хайа спортсменнары киллэрбиттэрин билбэппин. Хомойуох иһин, кэпсэнэр Бочуот кинигэтин хантан да була иликтэр. Тэрилтэ үгүстүк уларыйар-тэлэрийэр, көһөр кэмигэр ханна эмэ быраҕыллан хаалбыта дуу, эбэтэр оччотооҕу биир эмэ салайааччы оҕотугар дуу, сиэнигэр дуу хараллан сытара дуу? Көстө илик. Архыыпка туттарбатахтар быһыылаах.

Мин ол кэмнэри санатар остуолга уурар пластиктан оҥоһуллубут вымпел курдук бэлиэнэн наҕараадалаабыттарын харыстаан илдьэ сылдьабын (2-с хаартыска). Маннык бэлиэнэн хас киһи наҕараадаламмытын билбэппин. Улуустар спортивнай музейдарыгар дуу, биирдиилээн ол кэмҥэ наҕараадаламмыт дьоҥҥо дуу, баара буолуо. Тэрийэр хамыыһыйа кимнээх наҕараадаламмыттарын кыайан чопчулаабакка сылдьар. Архыыпка бэрт кэмчи, ол кэмнээҕи докумуону туттарбыт эбиттэр.

Онон бу күннэргэ Е.Ярославскай аатынан республиктааҕы музейга аһыллыбыт быыстапкаҕа бэрт аҕыйах экспонат турбут. Аны күһүн үөрүүлээх мунньахха дылы ситэрэн, бэрт элбэҕи көрдөрүүгэ туруорар баҕалаахтар.

Онон тэрийэр хамыыһыйаны кытта сибээстэһэн, “Урожай” обществотыттан сэдэх наҕараадалаах буоллаххытына биллэрэргитигэр көрдөһөллөр.

Альбина ПОИСЕЕВА, “Урожай” общество бочуоттаах чилиэнэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

836666
Просмотров сегодня : 147