История

Уһуйбут, үөрэппит, такайбыт үтүө дьонум

Киһи олоҕор этэ-сиинэ, өйө-санаата, ис, тас туруга уларыйан иһэр кэрчик кэмнэрдээх буолан, оҕо, борбуй, эдэр, сиппит, мындыр, кырдьар саастар диэн быһа холуйан дьон туругун быһаарабыт. Ол эрэн, биир утах «саки-скифы» диэн билим суругар киирбит өбүгэлэрбит грек омугу кытта эйэлээхтик олорбут кэмнэригэр, ити саха саҕаттан туттуллар тыллары киһи олоҕун кытта дьүөрэлээн, сааһылаан көрдөххө, ортотунан киһи сэттэлии сыл буола-буола уларыйан иһэрин суруйбуттар.

Холобур, 0-7 – оҕо саас, 7-14 – борбуй, 14-21 – ситэр, 21-28 – эдэр, 28-35 – кэлэр-барар, 35-42 – байар-тайар, 42-49 – өйү түстүүр, 49-56 – аҕамсыйар, 56-63 – ахтар-саныыр, 63-70 – мындыр, 70-77 – киһи этэ-сиинэ, өйө-санаата эргиччи тэҥнэһэр, 77-тэн кэлин – ытык саас диэн араартыахха сөп.

Билим суругар гректэр цикллара диэн суруллубут эрээри биһиги ити кэмнэри өйбүтүгэр тута сылдьарбыт өбүгэлэрбит ааттаммыт ахсааннарга сыһыаннаахтарын бэлиэтэ буолуо дии саныыбын. Ити саастар ис өйдөбүллэрин, кинилэр истэригэр баар кэрчик кэмнэри ымпыктаан-чымпыктаан ырыттахха олох бөлөһүөгэ, сыала-соруга, сорук туолан истэҕин аайы санаа туолуута, дуоһуйуу, ол барыта хомуллан дьоллоох олох тахсан кэлэр. Куоттаран истэххинэ санаа түһүүтэ, алдьаныыта, хомойуу, хоргутуу элбиир, харгыстыы барар быһыылаах. Ол остуоруйата туспа. Мин ахтар-саныыр сааһым туолан ааспыт олохпун ырытан кэпсэтэн-ипсэтэн бу сөп эбит диэн санаа кыыма өйбөр иҥэн тулалыыр эйгэбэр сыһыаммын сааһылаан сылдьыбытым туһалаан  билбит-көрбүт, алтыспыт дьоммор махтаныах санаам улааппыт кэмэ эбит.

Киһи тус олоҕун хайдах тэринэрэ ийэбит иһигэр таҥыллар кэммитигэр, кини биһигини кытта иэйэн-куойан оҕолонуон баҕатын сылаас тыыныттан, ыллыыр, таптыыр саҥатыттан, кэпсэтэр эйгэтиттэн мэйиибит сайдыыта ситэр эбит. Мэйии сайдыыта 7-с ыйбытыгар 60%, 9-с ыйбытыгар 70%, ситэн бу Орто Дойдуга олох олорор кыахтанан кэлэр эбиппитин, онтон  үс сааспытыгар диэри Айылҕабыт уһуйан мэйиибит сайдыыта 80 % ситэр эбитин дьоппуон учуонайдара  бу кэлбит үйэ саҥатыгар быһаарбыттара.

Сэттэ сааспытыттан көрбүппүтүн ыйытарбыт элбээн төрөппүттэрбит  оскуолаҕа билии биллэрэ, үөрэттэрэ биэрэллэр, 10 сааспытыттан аҕабыт, убайдарбыт, таайдарбыт илиилэригэр киирэн үлэлии үөрэнэбит. Ситэр сааспытыгар учуутал, тренер, педагог такайыытыгар киирэн инники олохпут идэтин барылын быһааран ыйан биэрэллэринэн сылдьар эбиппит. Ол ыйыы өбүгэлэрбит олоҕу билэн ситиспит ситиһиилэрэ 95 бырыһыаҥҥа тэҥин уһугуннарарын билим быһаарбыт. Биир киһи олоҕу олорон билбит билиитэ баара суоҕа 5 эрэ бырыһыаҥҥа тэҥин суруйбуттар. Ол иһин аҕа, ийэ ууһа, омук диэн арахсар буоллахпыт. Дьэ ити билбиппиттэн сиэттэрэн олохпор холобур буолбут үтүө дьоммор махтанан ахтан-санаан ааһарга холоннум.

Мартынов Николай Николаевич диэн история учуутала этэ. Ити кэмҥэ саха омугун олоххо сыһыанын, итэҕэлин билиһиннэрэр оскуола программата суох эбит. Ол иһин буолуо бука кини аҕыйах уолаттары дьиэтигэр ыҥыран, ийэтигэр алаадьы астатан, чэйдии чэйдии былыргы сахалар олохторун кэпсиир этэ. Кинигэ уларсан аахтарара. Ол кэпсэтиилэртэн, кинигэлэртэн саха уостарын номохторун, олоҥхолорун боотурдарын, абааһылар адьынаттарын, Тыгын Дархан диэн дьонун көмүскүүргэ туруна сылдьыбыт салайааччы баарын билбиппит. Улаатан да баран учууталбыт дьиэтигэр сылдьар, төрөөбүт күнүн бэлиэтээбит, Дьокуускайга кэлэн биһиэхэ ыалдьыттаан, олохпутун-дьаһахпытын көрөн-истэн, сахалар тустарынан саныыр санаатын үллэстэн барбыт түгэннээх. Кини Ньурба улууһун олохтоохторун былыргыларын-аныгыларын билэр, кэпсиир сир түннүгэ киһи эбит этэ.

Николай Прокопьевич Иванов диэн, сааһын-үйэтин тухары Ньурбаҕа тустуу тренеринэн, оскуола салайааччытынан үлэлээбитэ. Бэйэтэ суоллаах-иистээх буолаары улуу Коркин Д.П. ыҥырыытын ылымматах киһи. Тохсус кылаас уолаттара ситэр сааспыт саҕаланан түүнү-күнү билиммэккэ бэйэ бэйэбитин кытта куодарыһабыт, араас күрэхтэһиилэргэ учууталбыт Револий Герасимович эттэ эрэ барытыгар кыттан иһэбит, эр дьон ыытар уруоктарын: историяны, физиканы, физическэй культураны, үлэ урогын ордорор этибит. Түүҥҥү үҥкүүнү-битиини аһарбаппыт, кулуупка улахан дьон үҥкүүтүгэр саһа-саһа киирэбит, ол сылдьан охсуһан-дайбаһан да ылабыт, кэлэ-бара сатаан уулусса кэрийэбит, дэҥҥэ кистээн арыгыны да амсайан көрөбүт, мүччүргэннээх сырыыларга кииртэлээн тахсабыт, кустаабыта-куобахтаабыта буолан сири-сибиири барыыбыт.

Дьэ ол курдук баспыт хайдах хамсыырынан, туох санаа мэйиибит дуомугар көтөн түһэринэн сырыттахпытына «маастар кэлбит үһү» диэн сурах тарҕанна. Ол саҕана спорт маастара аҕыйах буолан буолуо бука оскуола уолаттара маастары туох эрэ ураты киһи курдук көрөрбүт. Холбут этэ хойдон, бууппут этэ буһан эрэр дьоҥҥо эгэ эрэ дуо, тиийдибит. Кыра соҕус уҥуохтаах буолан баран тэбис тэҥ, киппэ эттээх-сииннээх, киэҥ соҕустук көрбүт, кылгас баттаҕа былыргы грек бөлөһүөктэрин курдук сүүһүн үрдүнэн кырыллыбыта, будьуруйбута бэйэтин дьүһүнүгэр-бодотугар сөрү-сөп көстүүлээх киһи эбит. Тугу да улаханы ыйыталаспата, араспаанньабытын, ааппытын кумааҕыга түргэн баҕайытык туруору буочарынан сурунна уонна миигин батыһыҥ диэтэ.

Ньурба бастакы нүөмэрдээх оскуолатын биир дьоҕус кылааһыгар толору маат тэлгээбиттэр. Николай Прокопьевич тренергит кини буолуо диэн кыра оҕолору дьарыктыы сылдьар орто уҥуохтаах, сырдык сирэйдээх эдэр киһини ыйда. Билиһиннэрдэ. Киһибит аата Соломон Кириллович диэн эбит. Сотору соҕус тренербит ханна эрэ баран Николай Прокопьевич бэйэтэ эрчийэр буолла. Стройдатан баран иннибитигэр туран чопчу баҕайытык дьарык сыалын-соругун туруорар, сынньатар кэмигэр сыыһабытын-халтыбытын ыйар, ону хайдах туоратары ылбаҕай, тиийимтиэ баҕайытык быһааран биэрэр. Сорох дьарыкка баскетболлуубут, үксүгэр футболлуур этибит. Оонньуу хаһан баҕарар өрө күүрүүлээх, ыһыылаах-хаһыылаах, эҥин араас көрүдьүөс түгэннэрдээх буолааччы. Тренербит биһигини кытта тэҥҥэ оонньоһор, сотору-сотору биһигиттэн сылтаан күлэн чачыгырайар. Ол күлүүтэ кими эрэ күлүү гынан эҥин буолбатах, бэйэтэ ис иһиттэн, оҕону кытта оҕо курдук сыһыаныттан тахсар күлүү эбит этэ.

Аны тустууну сөргүтэ диэн чугас дэриэбинэлэргэ сылдьабыт. Тренербит тустуу туһунан кэпсиир, биһиги тустан көрдөрөбүт, сорохтор ыллыыллар да быһыылаах этэ. Кини биир ситиһиитэ – биһиги бука бары сүрдээх иллээх этибит, билигин да дэҥ-дуҥ көрсөбүт. Николай Прокопьевич бастакы көлүөнэ үөрэнээччилэрэ: Лука Яковлев, Ян Такыров, Сергей Юдин, Ахмед Дмитриев, Максим Васильев, Игорь Никифоров, Вася Алексеев уо. да. атыттар олохторугар көхтөөх, үлэлэригэр ситиһиилээх дьон буола улааппыттара.

Аны дьарык кэнниттэн инникини ыраҥалаан араас кэпсэтиилэри тэрийэр, ким ханнык күрэхтэһиилэргэ хайдах бэлэмнэниэхтээҕин, спорт маастара диэн аат хайдах ситиһиллэрин, спортивнай форма эҥин диэн араас, биһиги санаан көрбөтөх өйдөбүллэрбитин кэпсиир. Кинини холобур оҥостуохпутуттан ыла сүрүннэнэн, сааһыланан, туох эрэ сыаллаах-соруктаах курдук сылдьар буолбуппут. Ол эрэн хаһан да аһары улахан соругу кимиэхэ эмит туруорбутун өйдөөбөппүн. Этэр этиитэ барыта биһиэхэ сыһыаннаах буолан истэргэ, ылынарга дэбигис. Аны ол кэпсээбитэ олоххо киирэн истэҕин аайы тренербит аата-суола биһиги иннибитигэр улааттар улаатан барбыта.

Тренердэрбит ииппит, үөрэппит оҕолоро үксүбүт биир эйгэҕэ эриллэ-мускулла сырыттахпыт, онон бэйэм тус холобурбар олоҕуран кэпсиим. Бадаҕа, сэтинньи ый саҥатыгар Ньурбачаан диэн дэриэбинэҕэ тустууну кэпсээн, көрдөрөн истэхпитинэ автобуспут киэһэ хойут сир ортотугар алдьанан хаалла. Тренербит «төһө кыайаргытынан түргэнник дьиэҕитигэр тиийиҥ» диэтэ. Биһиги куоталаһа-куоталаһа дьиэбитигэр сүүрүү-хаамыы икки быластаах тиийдибит. Сарсыныгар мин сырдаан, чэпчээн, ис испиттэн үөрэн аҕай уһугуннум. Аска топпоппун, дьарыкка сылаа диэни билбэппин, сарсыарда эрдэ баҕайы уубун толору ханан турабын. Ол курдук биир нэдиэлэ атаҕым төбөтүгэр сырыттым. Тренерим «спортивнай форма» туһунан кэпсээбитэ мин тус бэйэбэр тиийэн кэлбитин эппинэн-сиимминэн оннук билэн турабын. Олоҕум устата ити турукка үстэ эрэ киирбитим. Институтка ити турук өр барбатын, бэккэ гыннар 7-8 эрэ күн киһини өрө күүрдэр эбитин кэпсииллэр этэ.

Республика күрэхтэһиилэригэр кыттан «Динамо» уонна «Спартак» обществолар кыайыылаахтара буоллум, онтон Россия «Спартак» обществотыгар республика аатыттан Нальчик куоракка баран, аһары тото аһаан, финалга икки очконан хотторон үһүс буоллум. Союзка бэлэмнэнэр сборга хааллардылар. Ол саҕана эт тутар сааһым эбит, ыйааһыным 10 киилэттэн ордук эбилиннэ. Дойдубар төнүннүм. Уон кылааһы бүтэрэн үөрэххэ киирии боппуруоһа табыллыбатаҕар Николай Прокопьевич ыҥыран ылан кыра оҕолору эрчийэр үлэҕэ киллэрдэ, Маалыкай диэн нэһилиэккэ соҕотохтуу ыытан секция тэриттэрэн үлэлэттэ. Армияҕа Чита куоракка спорт ротаҕа ыллылар. Онно саха чулуу тустууктара Илларион Федосеев, Семен Макаров, Слава Карпов, Володя Андросов уонна да атын Чурапчыга үөрэммит уолаттар бааллар. Дьарыкка Володя Андросовтан хапсаҕай абылаҥын көрөн сөхтүм. Кинини кытта тустан тугу эмит оҥоруох буолбуккун бэрт кыра хамсаныынан, бэйэҥ хамсаммыт күүскүн туһанан тиэрэ эргитэн таһаарарыттан, бэйэм ону сатаабаппыттан аан бастаан тустуук буолар кыаҕым суоҕун ылыммыт эбиппин. Хап-сах-ай диэн тыллартан ити тустуу тахсыбытын сэрэйэн, ону билэ-көрө сатыыр баҕа үөскээбит.

Армия кэнниттэн кэлэн сельхозтехникаҕа массыына мотуора өрөмүөннүүр үлэҕэ сырыттахпына тренерим ыҥыран ылан эмиэ кыра оҕолорго тренердэттэ. Онтон биир үтүө күн дьиэтигэр ыҥыран кэпсэттэ. «Оҕолорго сыһыаныҥ үчүгэй, тренер буолуоххун сөп быһыылаах. Мин үөрэммит институппар Москваҕа баран үөрэнэн кэл» диэтэ. Бу Союз киин үрдүк үөрэҕин кини 1966 сыллаахха кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит эбит. Учуутал, тренер буолуом диэн санаа хаһан да киирбэтэх киһитэ тренербин истэ үөрэммит майгым өтөн сөбүлэспитим.

Союз киин институтугар биир миэстэҕэ сэттэ араас омук ааттаахтарын кытта күөнтэһэн, Вася Алексеевтыын үөрэххэ киирдибит. Вася тустарын көрөн баран ГЛОЛИФК тренердэрэ тутатына Москва куорат сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэрбиттэрэ. Биһиги Вася имигэһиттэн, былчыҥнара эҥкилэ суох илистибэккэ үлэлииллэриттэн, араас албастары чаҕылхайдык оҥороруттан сөҕөр этибит. Республика күрэхтэһиилэригэр быраатын Гошаны кытта туста киирдэхтэринэ киһи сатаан таба көрбөт холоруга көбүөргэ ытыллар буолара. Вася киһи быһыытынан үтүө майгыта, сылаас сыһыана дьоҥҥо атас-доҕор буолар алыптаах киһи. Тренербит биһиги туохха дьоҕурдаахпытын өтө көрөн, аны санаатахха, үөрэххэ ыытан олохпутун оҥосторбутугар суол-иис аспыт эбит.

Аан дойдуга биллэр күрэс түһүлгэтин үрдүк үөрэҕин билимин ылбыппытын быһааран көрүүм. ГЦОЛИФК диэн ааттаах дойду киин үрдүк үөрэҕин кыһатыгар 1973 сылтан 1977 сылга диэри санаабын ууран туран үөрэммитим. Бу институкка ити сылларга спортивнай наука эйгэтигэр биллиилээх учуонайдар үлэлээбиттэрэ, атын сайдыылаах дойду элбэх ыччата кэлэн үөрэнэллэрэ. Дойду олоҕо 1985 сылтан саҕалаан ыһыллыыга барбытыгар элбэх учуонайдарбыт сайдыылаах дойдулар ыҥырыыларынан атын сиргэ барбыттара, ити Институт аан дойдуга биир бастыҥ үрдүк үөрэх таһымын ылбытын туоһулуур. Институт үрдүк таһыма Союз саҕана дойдубут олимпийскай оонньуулар күрэстэрин түһүлгэлэригэр чаҕылхай көрдөрүүлэрэ, бастыҥнар ааттарыгар сылдьара эмиэ туоһу дии саныыбын.

Үөрэхпэр умсугуйбут бэлиэбинэн ааспыт үйэ аҥаарын кэмигэр үөрэппит, такайбыт учууталларбын умнубаппын, ахтабын, саныыбын, үлэбэр холобур оҥостобун. Анатомияҕа наука доктора, профессор Гладышева Анна Андреевна; физиологияҕа наука доктордара, профессордар Коц Яков Михайлович, Золотайко Галина Ивановна; эти-сиини эрчийэр теорияҕа Аан дойдуга бастакы учебнигы суруйбут наука доктора, профессор Матвеев Лев Павлович; былчыҥ араас тутулун үөрэппит, күрэхтэһиигэ ол былчыҥнар хайдах үлэлииллэрин чинчийбит наука доктора, профессор Верхошанскай Юрий Витальевич; антропомаксимологияҕа наука доктора, профессор Кузнецов Владимир Васильевич лекцияларын батыһа сылдьан хаста да истибитим; тустууга дойду тренердэрин баһылыгынан үлэлээбит Дякин Александр Михайлович; классическай тустуу легендата Катулин Алексей Захарович биһигини үөрэппиттэрэ. Үөрэхпитин бүтэрэн, диплом ылар факультеппыт мунньаҕар «Аспирантураҕа хаалыҥ» диэн декаммыт Мороз Анатолий Павлович миэхэ уонна өссө икки уолга этии киллэрбитэ. Мин уол оҕом кыра, кэргэним өссө икки сыл үөрэниэхтээх буолан, аккаастаабытым.

Үөрэҕим кэнниттэн Дьокуускайга баар культпросветучилищеҕа учууталлыыбын, идэбэр соҕотохпун. Ити кэмҥэ Саха государственнай университета эти-сиини эрчийэр идэни сайыннарарга анаан мунньах тэрийдэ. Конференцияҕа мин тылланан ГТО диэн киһи этин-сиинин сайдыытын «быһаарыахтаах» кээмэйэ сыыһа, туттарсар дьон баһыйар үгүстэрэ ити ирдэбили кыайбаттар диэн тыл эттим. Ол мунньах кэнниттэн СГУ преподавателэ, наука кандидата Ирина Александровна Гусева «Биһиэхэ кэлэн үлэлээ, онтон аспирантураҕа барыаҥ» диэн эппитин ылынан, хомсомуол обкомыгар отдел сэбиэдиссэйинэн ыҥырбыттарын аккаастаан, 1979 сыллаахха Кычкин Леонид Николаевич салайар кафедратыгар үлэлии кэлбитим. Билигин санаатахпына, кафедраҕа төһө да араас саастаах дьон үлэлээтэллэр, идэлэригэр бэриниилээх, ыччаты кытта алтыһар кыһаны баһылаабыт, бэйэ бэйэни кытта сүбэлэһэн — амалаһан үлэлииллэрэ мин инники дьылҕабар олук уурбут эбит. Былааҥҥа киллэрэн аспирантураҕа ыыппыттарыгар махтана саныыбын.

Аспирантура экзаменнарын туттаран дьарыктанар темам хапсаҕай диэн быһаарынан Петр Еремеевич Алексеевы кытта элбэхтик кэпсэтэн, албастарын көрөн, үөрэтэн, санаабын өссө төгүл чиҥэтээри Коркин Дмитрий Петровичка тиийдим. Киһим дьарыгын ыытаары сылдьар эбит, икки чаастан ордук кэмҥэ бүтэрин күүтэн олордум. Киһим дьарыгын ыыта сылдьан миигин одуулуурун көрөбүн, дьарык бүппүтүн кэннэ аргыстаһан автобуска киирдибит.

Ол тухары киһим тугу да саҥарбат, онтон маннык диэтэ: «Биһиэхэ ыарахан боппуруос биир эрэ баар – нагрузка былаана, онон дьарыктан», — диэн баран автобустан тахсан барда. Мин тугу да ыйыппакка оннук туран хааллым. Аспирантураҕа үлэбин Дахновскай Валентин Семенович диэн Союз күрэс түһүлгэтин дьонун үөрэтэр институтун билимин хандьытаата салайбыта. Кини эмиэ «Одна из проблем сборной страны – планирование нагрузки, этим и будем заниматься», — диэн буолла. Онтон билбитим Дмитрий Петрович бу институт тастан сылдьар үлэһиттэрэ эбит.

Аспирантураҕа үөрэнэ сылдьан мин оҥорбут нагрузкам былаанынан Союз эдэрдэргэ сүүмэрдэммит хамаандата, Валерий Михайлович Онопко диэн салайааччылаах, Болгария турнирыгар бэлэмнэнэр кэмигэр, кулун тутар ыйга киһи этин-сиинин сүрүн ситимнэрэ эҥкилэ суох биир тэтимҥэ икки сыл киирэн уон ыйааһыҥҥа уон мэтээли киллэрэн испэр спортивнай форма ситэр ньыматын өйдөөбүппүттэн испэр үөрэбин эрэ. Былаан оҥорбут ньымабыт сүнньэ сүрэх былчыҥа араас тэтимнээх үлэҕэ 18-та уларыйар туругун кардиограмманан көрөн дьарыгы чэпчэтэн, күүркэтэн, эбэтэр сынньатан биэрэр этибит. Ол ньыманы айбыт Завьялов Александр Иванович диэн киһиэхэ мин сыл кэмнэрэ киһиэхэ араастык дьайалларын кэпсээн олоххо киллэрбиппит. Ити үлэм диссертациям сүнньэ буолбута.

Биһиги Роман Михайлович Дмитриевпит ол саҕана Союз сүүмэрдэммит хамаандатыгар үлэлиирэ. Кини мин 18-21 саастаах уолаттары кытта үлэлиирбэр сүбэ-ама биэрбит үтүө киһим. Саха тустуук уолаттарын холобур оҥорон кэпсиирэ, билигин санаатахпына, уһун сындылҕаннаах дьарыктан, күрэхтэһиилэртэн, дьону өтө көрөр дьоҕуруттан киирбит дьиҥ ис, дириҥ билиилээҕин туоһута эбит. Дьиэбэр кэлэн хоноһолоон түүнү быһа кэпсэтэрбит. Үлэм көрдөрүүлэрэ ситиһиилээҕиттэн Союз кылаабынай тренера, икки төгүллээх Олимпийскай ооннуулар кыайыылаахтара Иван Сергеевич Ярыгин «хамаандаҕа үлэлэс» диэн этии киллэрэ сылдьыбыттааҕынан испэр киэн туттабын.

1988 сыллаахха үлэбин көмүскээн кэлэн кафедрабар үлэлии сырыттахпына ол саҕана Спорт кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Татаринов Степан Спиридонович ыҥыран ылан Саха сиригэр күрэс түһүлгэтин туох көҕүлүөн сөбүн туһунан хаста да кэпсэтэ сырытта, сорук туруорда. Били хапсаҕайы үөрэтэн учуонай буолуох баҕам күөрэйэн таҕыста. Ол саҕана национальнай оонньууларга бюджеттан үбүлэнэр спорт школалара суохтар этэ, энтузиастар хамнаһа суох үлэлиир этилэр. Учуонайдарбыт да биир-икки этилэр. Степан Спиридоновичка төрүт өбүгэлэрбит боотурдары иитэр ньымаларын судаарыстыба политиката оҥорон ыччаттарга спорт школалары тэрийэн дьарыктыырбыт күрэс түһүлгэтигэр чэгиэн эт-сиин, чэбдик өй-санаа, күрэс көрүҥнэригэр үрдүк ситиһиилэрбит түмүктээх буоллалларыгар олук буолуо этэ диибин.

Степан Спиридонович эппиэтэ маннык буолла: «Араас норуоттары ыҥыран улахан мунньахта тэрийиэххэ, эн миэхэ солбуйар бэрэссэдээтэлинэн кэл», — диэтэ. Оннук Научнай Конференцияны 1990 сыл алтынньы ыйын 24-25 күннэригэр «Национальные игры и состязания в повышении массовости физической культуры населения» диэн ааттаан Саха Сирин Правительствотын көҥүлүнэн тэриллибит мунньахпыт буолла. Ол саҕана «национальнай» диэн тыл бобуулаах курдук буолан Степан Спиридонович былаас дьонуттан көҥүл ылбыта. Конференцияҕа 12 араас куораттартан, дойдулартан идэлээх дьон кыттыбыттара: Москва, Свердловскай, Алма-Ата, Бухара, Хабаровскай, Брест, Ленинград, Кызыл, Киргизия, Улан-Удэ, Узбекистан, Омскай куораттарыттан. Саха Сирин Университетын учуонайдара, улуустартан, нэһилиэктэртэн тэрийээччилэр, учууталлар, тренердэр кэлэн кыттыбыттара. Зал толору этэ.

Тыл этээччилэр национальнай күрэс түһүлгэлэрин көрүҥнэригэр специалистары бэлэмниир ирдэнэрин, оскуола программатыгар киллэрэн төрүт көрүҥнэри үксэтэр, спорт школалары тэрийэр сөптөөҕүн, төрүт көрүҥнэри Россия таһымыгар кэлимсэ таһаарар политика олохтонорун туһунан эппиттэрэ. Ити дьоммут этиилэрин олоххо киллэрэр уустук этэ. Бэйэбит төрүт көрүҥнэрбитигэр учуутал, педагог үөрэхтээх тренердэрбит суохтарын кэриэтэ буолан, спорт национальнай көрүҥнэригэр школалар хойутаан тэриллибиттэрэ. Саха күрэһин түһүлгэтин көрүҥнэригэр наукаҕа сыстыбыт учуонайдарбыт суохтар этэ. Ол иһин мин күрэс түһүлгэтигэр үрдүк үөрэҕи тэрийиэххэйиҥ диэн Михаил Ефимовичтыын кэпсэтэн Вадим Романович Кузьминҥа суругунан этии киллэрбитим 5-6 сыл буолбутун кэннэ 1998 сыллаахха наука уонна үрдүк үөрэх департаменын директора Роман Романович Ноговицын ылынан тэрийбитэ. Чурапчыга тренердэр школаларын тэрийиэххэ диэн эппиппин Россияҕа оннук школалар суохтар диэн ылымматахтара.

1991 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр, Петр Егорович Попов салайар кэмигэр күрэс түһүлгэтин үлэһиттэрин бастакы съеһэ ыытыллыбыта. Сайдыы, сокуон барыллара көрүллүбүттэрэ. Сайдыы концепцията бигэргэммитэ. Сокуоммутун билим доктора Миронов Дмитрий Николаевич, биһиги көрдөһүүбүтүн ылынан, суруйбута. Ол барылы Россия спорт кэмитиэтин үлэһиттэригэр, олимпийскай кэмитиэт солбуйааччы презиниэнигэр Родиченко Владимир Сергеевичка көрдөрөн сөбүлэҥ ылбыппыт. 1992 сыл олунньу ыйын 29 күнүттэн Бирисидьиэммит №74 ыйааҕынан Министерство диэн ааты сүкпүппүт. Россияҕа бастакынан спортивнай үлэ сокуонун Үрдүкү Сүбэ мынньахпыт XVI сессията 1992 сыл ахсынньы ыйын 23 күнүгэр ылыммыта.

1993 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр Бирисидьиэҥҥэ ыҥырдылар. Михаил Ефимович илии тутуһан билистэ. Илиитэ сып сылаас, испэр итэҕэйэр санаа тута киирбитэ. Миигин кытта 15 мүнүүтэ төрөппүттэрбин, үөрэхпин ыйыталаһан баран министерство тэрийэрин туһунан эттэ уонна онно миниистиринэн үлэлээ диэн этии киллэрэн баран илиитин уунна. Мин соһуйан тугу да ыйыппакка илиитин туттум. Бирисидьиэн ыйааҕынан 1993 сыл ыам ыйын 21 күнүттэн министерствобыт аата Республика ыччат дьыалаларыгар, туризм, физическай культура уонна спорт  министерствота диэн ааттаммыта. Мин миниистиринэн анаммытым. Онтон ыла кинини кытта  сүбэтин-аматын ылынан, кини ыйар ыйаахтарыгар кыттыһан, дьаһалларын толорон, бэйэм этии киллэрбит түгэннэрбин ылыммытыттан Айылҕаттан ананан кэлбит Аҕа баһылыкпытын кытта 18 сыл бииргэ үлэлээбит кэммин идэбит ситиһиитин тэрийбит киһибитинэн ааҕабын.

Күрэс түһүлгэтигэр, үөрэппит, билбит идэбэр дьүөрэлээн, үрдүк ситиһиилэри тэрийэр управление тэрийдибит, ол тэрилтэни Баишев Юрий Петрович салайбыта. Араадьыйанан, хаһыатынан, Валерий Пантелеймонович Кочнев суруйбут кинигэтигэр министерство үрдүк таһымҥа тахсар кыахтаах ыччаты хайа баҕарар күрэс түһүлгэтин көрүҥнэригэр өйүө диэн этии оҥорбуппут.

Ол түмүгүнэн 7-8 сыл иһигэр 130-ча ыччат дьон 18-19 спорт көрүҥэр Аан дойду, Европа, Азия күрэстэрин түһүлгэлэрин кыайбыттара: нуучча уонна Аан дойду 100 харахтаах дуобатыгар, кик-боксинҥа, көҥүл тустууга, боксаҕа, самбоҕа, саахымат оонньуутугар, каратэҕа, пауэрлифтинҥа, гиирэ күрэһэр, хайыһарга, чэпчэки атлетикаҕа (ыраах сиргэ сүүрүүгэ, суукканы быһа сүүрүүгэ), дзюдоҕа, сумоҕа, футзалга, футболга, армреслинҥа, слада диэн тустууга. Икки саха дьоно, Птицын Владимир Ильич, Акимов Александр Константинович Аан дойду дуобакка уонна мас тардыһыытын федерацияларын салайан сайыннардылар.

Саханы хааччахтаабатахха, айар итэҕэлигэр олоҕуран сөптөөх үлэ эйгэтин тэрийдэххэ, өссө ханнык таһымҥа тахсыан, тэнийиэн, биллиэн-көстүөн Айбыт Таҥарабыт бэйэтэ билэн эрдэҕэ.

Виктор НОГОВИЦЫН.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

836662
Просмотров сегодня : 141