Оҕо сааспын санаатым…
Дмитрий Петрович Коркин турнирын кэмигэр үөһэ эрээккэ доҕотторбун көрөн, хаартыскаҕа түһэрбитим. Өйдөөн көрбүтүм, кинилэр иннилэригэр эрээккэ уоллаттар олороллор, үһүөн тэтэрээттээхтэр, уруучукалаахтар эбит. Ыйыппатаҕым эрээри, сэрэйдэххэ, кинилэр күрэхтэһии хаамыытын суруна, бэлиэтэнэ олороллор быһыылаах.
Оттон мин бу хаартысканы көрөн оҕо сааспын санаатым. Син эмиэ уол буолан, оскуолаҕа сылдьан көҥүл тустуунан дьарыктаммыттаахпын. Оскуолаҕа, зонаҕа уонна оройуоҥҥа үөрэнээччилэр күрэхтэһиилэригэр кыайбыттаахпын.
Оччолорго Бороҕоҥҥо сотору-сотору тустуу күрэхтэһиитэ буолааччы. Улахан дьоҥҥо республика чемпионата, «Урожай» күрэхтэһиитэ, Саха сирин чемпионатын илин эҥэринээҕи зоната… Ону көрбүт дьоллоохпун. Ол күрэхтэһиилэр бары оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр буолааччылар. Санаан да көрдөххө, кулуупка, санаабытын курдук элбэх киһини сатаан батарбаккын. Тустууну киирэн көрүү былдьаһыктаах. Оччоттон-баччаҕа диэри саха дьоно тустууну сүрдээҕин сөбүлүүр.
Дьэ, оннук күрэхтэһиигэ биһигини, тустуунан дьарыктанар оҕолору тренербит Николай Николаевич Рожин анаан испииһэктээн баран, босхо киллэттэрэрэ. Биһиги ыскамыайка миэстэтин былдьаспакка, көбүөр кытыытыгар муостаҕа олорорбут.
Ол киирэн көрөрбүтүгэр тренербит биһиэхэ барыбытыгар сорудахтыыр этэ, бары сурунар кумааҕылаах, харандаастаах кэлэрбит уонна тустуу хаамыытын бэлиэтэнэрбит, ким-кими хайдах кыайбытын, ханнык албаһы оҥорбутун… Үчүгэйэ диэн, билиҥҥи курдук үс көбүөрү кыҥастаспакка, кулууп сыанатыгар тэлгэммит көбүөргэ буолар хапсыһыылары, биири да көтүппэккэ көрөрбүт. Ити ааспыт үйэ 70 сыллар бүтүүлэрэ, 80-с сыллар саҕаланыылара этэ.
Василий Гоголев, Егор Старостин, Михаил Каженкин, Роман Цыпандин, Егор Борисов, Валерий Керемясов, Анатолий Константинов, Максим Васильев, Юрий Андреев, Захар Чукров, Игорь Кудрявцев уо.д.а. курдук саха биллиилээх бөҕөстөрүн тустууларын көрөн сөҕөрбүт-махтайарбыт.
Бу хаартысканы көрөн, билигин саныыбын ээ, арай тренербит биһигини ити күрэхтэһиилэргэ кэпсэтэн сырытыннарбатах уонна сурунарга сорудахтаабатах буоллун, мин бүгүн суруналыыс уонна тустууну сэҥээрээччи буоларым саарбах буолуо… Онон тренербэр Николай Николаевичка махталым муҥура суох. Билигин да тустуу эйгэтигэр баарбын диэн киэн туттабын.
Кэлин билбитим, ити Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тумул оскуолатын үөрэнээччилэрэ, тренер Егор Владимирович Десяткин иитиллээччилэрэ эбит. Маладьыастар! Кинилэр итинник сурунан, тустууга тапталлара күүһүрүө, билиилэрэ-көрүүлэрэ хаҥыа дии саныыбын.
Петр ПАВЛОВ.
Ааптар хаартыската.




Просмотров сегодня : 147