Крылов-2026: мөлүйүөн кимиэхэ тиксиэй?
«Өрөгөй» күрэс уораҕайыгар Александр Крылов кэриэһигэр көҥүл тустууга Бүтүн Россиятааҕы 5-с турнир бастакы күнэ түмүктэннэ. Ыйааһыннарынан бастакы миэстэ иһин кимнээх киирсиэхтээхтэрэ быһаарылынна.
Санатан эттэххэ, бэһис төгүлүн ыытыллар күрэхтэһиигэ Россия уон регионуттан барыта 133 бөҕөс күөн көрсөр. Сүрүннээн, ааспыт сэттиэлэҕэ Д.П. Коркин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кэлбит бөҕөстөр кытыннылар. Үс көбүөрүнэн сытыы киирсиилэр буоллулар. Сэрэйиллибитин да курдук, быһаарыылаах хапсыһыыга күүстээхтэр таҕыстылар. Эдэрдэртэн Николай Заболоцкайы ааттыахха сөп. Кини быйыл күһүн армияттан кэлэн тустуутун сөргүтээт, бастаан Дьокуускай куорат чемпионатыгар, онтон Е.Д. Кычкин аатынан аһаҕас түһүлгэҕэ ситиһиилээхтик кыттан, мэтээлгэ тиксибитэ. Билигин аны финалга таҕыста.
Ити курдук, Коркин турнирын кыайыылааҕа Игорь Матвеев, ити күрэхтэһиигэ иккистээбит Владимир Бояновскай, Никита Софронов үчүгэй тустуулары көрдөрдүлэр. Быһаарыылаах хапсыһыылар бары тыҥааһыннаах буолуохтара, ол эрэн мин, Капрынов — Бояновскай киирсиилэрин ордук чорботуом этэ. Дьэ, хайалара кыайар?
Билэргит курдук, бу түһүлгэ уратыта, кыайыылаахтар тахсан лотерея тардан, уон киһиттэн биир дьоллоохторо – 1 мөлүйүөн солк. харчынан наҕараадаланар. Бу иннинэ оннук дьоллоох түгэҥҥэ Красноярскайтан Дмитрий Зайнидинов, Бурятияттан Тумэн Бодиев, бэйэбит уолаттарбыт Айсен Потапов уонна Виктор Рассадин сүрүн бириискэ тиксибиттэрэ.
Билиҥҥи туругунан, быһаарыылаах хапсыһыыга тахсыбыттары көрдөххө, кинилэртэн Бодиев уонна Зайнидинов эмиэ чугас курдуктар. Ол эрэн, кинилэр бүтэһик хапсыһыыларга кыайдахтарына…
Быһаарыылаах хапсыһыыга көрсүөхтэрэ:
57 кг Артур Чебодаев (Красноярскай) – Любомир Ашеин (Саха сирэ)
61 кг Лев Павлов – Николай Заболоцкай (иккиэн Саха сирэ)
65 кг Виктор Яковлев – Ньургун Терентьев (иккиэн Саха сирэ)
70 кг Игорь Матвеев (Саха сирэ) – Юра Айрапетян (Красноярскай)
74 кг Константин Капрынов – Владимир Бояновскай (иккиэн Саха сирэ)
79 кг Никита Сучков (Красноярскай) – Тумэн Бодиев (Бурятия)
86 кг Буянто Шадапов (Бурятия) – Азрет Улимбашев (Красноярскай)
92 кг Никита Софронов (Саха сирэ) – Дмитрий Зайнидинов (Красноярскай)
97 уонна 125 кг кыайыылаахтар эргиир систиэмэтинэн сирэй көрсүүлэрин түмүгүнэн быһаарыллыахтара. Манна биһиги Максим Толмачевпут уонна Никита Хабаровпыт балаһыанньалар ордук курдук.
Сарсын күрэхтэһии күнүс 11:00 чааска “санааны уоскутар” киирсиилэринэн саҕаланар. Оттон кыайыылаахтары быһаарар хапсыһыылар 13:00 чаастан буолуохтара.
PS: Бүгүҥҥү сүрүн хапсыһыылар видеоларын «Дьулурҕан» хаһыат телеграмҥа каналыгар t.me/dzulurgan көрүөххүтүн сөп.
Петр ПАВЛОВ.






Просмотров сегодня : 231