Акито Мукаида: «Саха тустууктара түгэни мүччү туппаттарыттан сөхтүм»
Сэтинньи ый 20-21 күннэригэр дьоллоох Дьокуускай куораппытыгар өр күүппүт, кэтэспит улуу тириэньэрбит, сахалар киэн тутта ааттыыр киһибит Дмитрий Петрович Коркин аатынан көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир этэҥҥэ түмүктэннэ.
Ол курдук, Япония хамаандатын тириэньэр быһыытынан иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта – Аан дойду, Азия чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа, призёра Кота Такахаси.
Япония хамаандата быйыл Коркин турнирыгар уопут атастаһа диэн бэрт эдэр устудьуон күрэсчиттэрин аҕалбыт, ол састаапка киирбиттэрэ: Исами Такада (57 кг), Тайга Катаока (57 кг), Акито Мукаида (61 кг) уонна Юкия Китадэ (61 кг).
Түгэни туһанан, бүрээт бөҕөһүн Баир Баяндуевы 11:8 ахсаанынан баһыйа туппут, быйылгы Д.П. Коркин турнирын 61 кг муҥутуур кыайыылааҕын — Акито Мукаидалыын кэпсэтэн, интервью ылбытым.

— Акито, бастатан туран, кыайыыгынан өссө төгүл эҕэрдэлиибин! Ааҕааччыларга кыратык бэйэҥ тускунан сырдат уонна Саха сирэ тус бэйэҕэр хайдах эбитий, дьоно-сэргэтэ, кыһыммыт тыйыс тымныытыттан төһө сөхтүҥ?
— Улахан махтал буоллун! Мин аатым Акито Мукаида, 22 саастаахпын. Чиэһинэ эттэхпинэ, Саха сирэ олус тымныытыттан наһаа сөхпүтүм. Ону тэҥэ, биһигини үөрэ-көтө, сылаастык көрсүбүттэригэр махтанабын, астынабын.
— Тустуу көрүҥүнэн хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕыный? Хас сааскыттан саҕалаабыккыный?
— Мин көҥүл тустуунан үс сааспар дьарыктанан саҕалаабытым, бииргэ төрөөбүт эдьиийим Маю Мукаида эмиэ тустуунан дьарыктанара, элбэх кыһыл көмүс мэтээл хаһаайына. Кыра эрдэхпиттэн кинини холобур оҥостон, онтон кынаттанан тустуук, спортсмен буолуохпун баҕарбытым.
— Билигин ханна үөрэнэҕин уонна ким салалтатынан дьарыктанаҕыҥ?
— Билиҥҥи туругунан, Японияҕа Токио куоракка олимпийскай чөмпүйүөннэри, призёрдары таһаарар чааһынай Ниппон диэн спортивнай наука университетыгар үөрэнэбин (Nippon Sport Science University). Университет хамаандатын кытта бары тэҥҥэ эрчиллэбит.
— Тустууга сөбүлээн туттар албаһын ханныгый?
— Сөбүлээн туттар албаһым – биир атахха киирии буолар (high crotch).
— Холобур оҥостор спортсменыҥ дьэ ким буоларый?
— Мин кумирым – олимпийскай чөмпүйүөн Такуто Отогуро. Кини тустуутун истиилин, успуорка ситиһиитин сөҕө, холобур оҥосто көрөбүн.
— Успуорт бу көрүҥэ эйиэхэ тугу биэрэрий?
— Тустууга кыайыы өрөгөйүттэн үөрэрбиттэн, техническэй приём оҥорорбуттан, ол табылларыттан азартанабын, кынаттанабын. Ону тэҥэ, спортсменнар бэйэбит испитигэр сылаас, доҕордуу сыһыан олохтоноро олус бэрт.
— Тустууттан ураты иллэҥ кэмҥэр тугунан өссө дьарыктанаргын сөбүлүүгүнүй?
— Иллэҥ кэммэр баанньыкка (сэнто) сылдьарбын сөбүлүүбүн.
— Саха тустууктарын көрөҥҥүн, тустар истииллэрин, албас оҥороллорун хайдах сыаналаатын?
— Контратакаларын олус сөхтүм, холобура, кэннигэр тахсан баран контрбросок оҥороллорун эҥин. Саха тустууктара утарсааччы күүһүн-уоҕун, атаакатын утары бэйэтигэр туһаналлар эбит. Ону таһынан, туста сылдьаннар табыгастаах кэми, түгэни туһанан, мүччү туппакка утараһалларын, киирсэллэрин уонна тиһэҕэр диэри көмүскэнэллэрин сөҕө көрдүм.
— Инникитигэр бэйэҕэр туох былааннары туруораҕыный?
— Мин сүрүн сыалым-соругум диэн Япония чиэһин кэлэр Лос-Анджелеска буолаары турар Олимпиадаҕа көмүскээһин уонна кыһыл көмүс мэтээли аҕалыы. Оттон чугастааҕы былааным туһунан эттэххэ, сотору Император Кубогар кыттабын, Коркин турнирыгар ылбыт уопуппун туһанан үчүгэйдик кыттыам диэн эрэнэбин.
— Ааҕааччыларга, тустууну сэҥээрээччилэргэ, сүгүрүйээччилэргэ бэйэн баҕа санааҥ. Эһиилги Коркин турнирыгар өссө кэлиэҥ этэ дуо?
— Мин тустар истиилим уопсайынан – агрессивнай, кимэн киириилээх. Онон уоттаах-күөстээх хапсыһыылары көрдөрүөм диэн эрэннэрэбин уонна мин тустуубун, тустар истиилбин өссө даҕаны сөбүлээн көрүөххүт диэн эрэнэбин! Табылыннаҕына, эһиил эмиэ кэлбит киһи диэн санаалаахпын.
— Акито, кэпсэтиигэ кыттыспыккар эйиэхэ улахан махтал буолуохтун! Инникитигэр өссө элбэх кыайыылары-хотуулары баҕарабын, туруоруммут сыалларгын ситиһиэҥ диэн эрэнэбин. Аныгыскы Коркин турнирыгар көрсүөххэ диэри!
Интервьюну ылла Милена АНДРЕЕВА.




Просмотров сегодня : 148