Тустуу бүттэ. Тустуу салҕанар
Азия оонньууларыгар бөҕөстөрбүт ситиһиилээхтик кыттыбыттарын дорҕооно ситэ сүтэ илигинэ, аны биһигини саҥа түһүлгэ күүтэр. Ол курдук, алтынньы 6-10 күннэригэр Иордания Амман куоратыгар аҕам саастаахтар спортивнай тустууга аан дойду үрдүнэн бастыыр иһин чемпионаттара саҕаланар.
Хапсыһыыны бастаан гректии-римнии тустааччылар саҕалыыллар. Көҥүл тустууга күрэхтэһии – алтынньы 9 күнүттэн буолар. Ити курдук, тустуу икки көрүҥэр 50 дойдуттан 500-чэкэ бөҕөс кыттара күүтүллэр. Кинилэр, 35-тэн 60-гар диэри саастарынан биэс бөлөххө арахсан күөн көрсүөхтэрэ.
Маннык түһүлгэҕэ саха бөҕөстөрө өрүү ситиһиилээхтик кытталлар. Быйылгы чемпионакка биэс бөҕөспүт кыттар: Андрей Иннокентьев «В» (41-45 саастаахтар), Вячеслав Кривошапкин «А» (35-40), Айаал Павлов «С» (46-50), Алексей Николаев «Д» (51-55), Захар Дьячковскай «Е» (56–60).
Түһүлгэ тосхоло:
Алтынньы 9 күнэ – В уонна Е дивизион
Алтынньы 10 күнэ – С уонна Д дивизион
Алтынньы 11 күнэ – А дивизион.
Хас күн аайы дивизионнар кыайыылаахтара тутатына быһаарыллан, наҕараадаланан иһиэхтэрэ. Ол аата, бөҕөстөр биирдии күн тусталлар.
Санатан эттэххэ, былырыын Венгрияҕа ыытыллыбыт чемпионакка Алексей Николаев 130 киилэҕэ бастакы миэстэни ылан, кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Оттон Андрей Иннокентьев (62 кг) уонна Вадим Данилов (62 кг) – боруонса мэтээллэммиттэрэ.
Петр ПАВЛОВ.




Просмотров сегодня : 147