Тренер күнүнэн!
Саха Республикатын Физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин, спортивнай общественность аатыттан уонна тус бэйэбиттэн – Россияҕа Тренер күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Мин санаабар, үрдүк ситиһиилээх спортсмены иитии-такайыы уһуйааччы таһымыттан быһа тутулуктаах. Чуолаан, тренер оҕо спорка маҥнайгы хардыы оҥороругар дьоҕурун сөпкө бэлиэтии көрөрө, ыарахан түгэннэртэн чаҕыйбат уонна араас мэһэйдэр иннилэригэр тохтообокко иннин хоту баран иһэригэр үөрэтэрэ ирдэниллэр.
Тренер аҥардас спорка ситиһиини эрэ буолбакка, оҕо киһи быһыытынан бастыҥ өрүттэрин сайыннарыынан эмиэ дьарыктаныахтаах. Маннык тренердэр баар буоланнар, биһиги ыччаттарбыт Россия уонна норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэргэ өрөспүүбүлүкэлэрин дьоһуннаахтык көрдөрө сылдьаллар.
Күндү тренердэр! Талан ылбыт идэҕитигэр бэриниигит, тулуургут, хас биирдии иитиллээччигэ болҕомтоҕут иһин махталбын биллэрэбин! Үөрэнээччилэргитинэн киэн тутта, кинилэр ситиһиилэринэн кынаттанан туруоруммут сыалларгытын ситиһэн иһин!
Бу кэлэр сэтинньи ыйга саха спортсменнарын норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһиилэргэ кытталлара күүтүллэр. Ол курдук, 15-тэн тахса улахан спортивнай тэрээһин республикабыт иһигэр уонна атын регионнарга, дойдуларга ыытыллыа.
Ый саҕаланыыта Астанаҕа көҥүл тустууга Аан дойду чемпионатыгар Таджикистан, Австралия, Хотугу Македония уонна Беларусь сүүмэрдэммит хамаандаларын иһин киирсэр саха тустуутун оскуолатын иитиллээччилэрин тыҥааһыннаах киирсиилэрин көрүөхпүт. Сэтинньи 24-27 күннэригэр мас-рестлиҥҥэ Хотугу Америка аһаҕас чөмпүйэнээтэ Лас-Вегаска ыытыллыа.
Саха мадьыннара Россия сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар сэтинньи 26-30 күннэригэр Казань куоракка ыытыллар мас-рестлиҥҥа Аан дойду чөмпүйэнээтин мэтээллэрин иһин киирсиэхтэрэ.
Алтынньы 30 – сэтинньи 1 күнүгэр Пензаҕа устудьуоннар ортолоругар мас-рестлиҥҥа Россия чемпионата буолар, бу күннэргэ Саха сиригэр спортсменнары ушу чемпионата күүтэр, онтон сэтинньи 9-16 күннэригэр Улан-Удэ куоракка гиирэ спордугар күрэхтэһии ыытыллыа.
Ый саҕаланыытын чаҕылхай түгэнинэн «GV Gold» хампаанньа бирииһигэр биатлоҥҥа «Ультра-спринт» буолуоҕа. «Алдан» олимпийскай резервэ спортивнай оскуолатын хайыһар стадионугар алтынньы 31 – сэтинньи 1 күннэригэр Россия уонна Беларусь национальнай сүүмэрдэммит хамаандалара күөн көрсүөхтэрэ. Күрэхтэһиигэ аатырбыт спортсменнар да, кэскиллээх юниордар да кыттыахтара. Маны таһынан, сэтинньи 27-30 күннэригэр Бэрдьигэстээххэ кыра калибрдаах бинтиэпкэнэн ытыыга өрөспүүбүлүкэ чемпионатынан түмүктэниэҕэ.
Сэтинньи 6 күнүгэр Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнарга Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын акки ардыларыгар волейболга матчевай көрсүһүүлэрэ буолара күүтүллэр.
Спортивнай халандаарга спорт төрүт көрүҥнэригэр күрэхтэһии ураты миэстэни ылар. Сэтинньи 13-14 күннэригэр хабылыкка уонна хаамыска өрөспүүбүлүкэтээҕи квалификационнай турнир ыытыллыаҕа, сэтинньи 14-15 күннэригэр Дьокуускайга А.А. Никифоров кэриэһигэр хапсаҕай күрэхтэһиитэ буолуоҕа.
Сэтинньи 20-22 күннэригэр Верхоянскайтан төрүттээх бырааттыы Ноговицыннар бириистэригэр улахан хапсаҕай түһүлгэтэ ыытыллыа. Оттон сэтинньи 28-29 күннэригэр республика бастыҥ хапсаҕайдьыттара Таатта улууһугар Владимир Андросов көбүөрүгэр көрсүөхтэрэ.
Сэтинньи 20-22 күннэригэр Дьокуускайга САССР, РСФСР, ССРС үтүөлээх тренерэ Дмитрий Коркин кэриэһигэр көҥүл тустууга аан дойдутааҕы күрэхтэһии ыытыллыаҕа.
Быйыл улуу тренер иитиллээччилэрэ Павел Пинигин, Роман Дмитриев уонна Александр Иванов 1976 сыллаахха Монреальга ыытыллыбыт Олимпийскай оонньууларга өрөгөйдөрүн 50 сылын туолар.
Даҕатан этэр буоллахха, баараҕай спорт тутууларын сайыннарыы, спортсменнары өйөөһүн уонна физическэй култуураны киэҥ араҥаҕа тэнитии «Россия Спорда» государственнай программа чэрчитинэн ыытыллар.
Леонид СПИРИДОНОВ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ.




Просмотров сегодня : 147