Сонуннар

Харбалаахтааҕы ат сүүрдүүтүн түмүгэ

Үлэ-тыыл ветерана, кадровай булчут, соцкуоталаһыылар кыайыылаахтара, “Коммунизм” колхоз, совхоз туруу үлэһитэ Павел Романович Кулаковскай – Лөҥкө сырдык аатыгар анаммыт сааскы ат сүүрдүүтүн кыайыылаахтара уонна призердара.

1-кы сүүрүү. 1600 миэтирэ, ыраас хааннаахтар.

1 миэстэ Нейтрон – 3 саастаах хара тураҕас атыыр, Харбалаах, хаһаайына, тренерэ – Васильев Семен Васильевич.

2 миэстэ Барон – 4 саастаах тураҕас ат, Кыйы, тренерэ Варламов Роман Иванович.

3 миэстэ Верба – 4 саастаах тураҕас биэ, Кыйы, тренерэ Окоемов Иннокентий Егорович.

2-с сүүрүү. 800 миэтирэ, тыйдар.

1 миэстэ Эмчиирэ – 2 саастаах тураҕас биэ, Чөркөөх, хаһаайына, тренерэ Охотин Владимир Михайлович.

2 миэстэ Дьэргэл – 2 саастаах хара тураҕас тый, Туора Күөл, хаһаайына, тренерэ Гуляев Дмитрий Иванович.

3-с сүүрүү. 1200 миэтирэ, тиҥэһэлэр.

1 миэстэ Николина – 3 саастаах кыһыл буулуур биэ, Кыйы, хаһаайына Матвеев Василий Николаевич, тренерэ Окоемов Иннокентий Егорович.

2 миэстэ Красавчик – 3 саастаах сырдык сур атыыр, Кыйы, хаһаайына Никифоров Дмитрий Васильевич, тренерэ Окоемов Иннокентий Егорович.

4-с сүүрүү. 1600 миэтирэ, Хамаандалар.

1 миэстэ Албан – 14 саастаах сиэр ат, Туора-Күөл уонна Баайаҕа холбоһуктаах хамаандата, хаһаайына Иванов Дмитрий Семенович, тренерэ Бояров Андрей Андреевич.

2 миэстэ Сармат – 4 саастаах тураҕас ат, Харбалаах хамаандата, хаһаайына, тренерэ Васильев Василий Васильевич.

3 миэстэ Өрөгөй – 4 саастаах тураҕас ат, Чычымах хамаандата, хаһаайына Чередниченко Александр Александрович, тренерэ Старостин Василий Петрович.

4 миэстэ Бэрэ кыыһа – 6 саастаах тураҕас биэ, Кыйы хамаандата, хаһаайына Матвеев Василий Николаевич, тренерэ Окоемов Иннокентий Егорович.

5-с сүүрүү. 2400 миэтирэ, Хамаандалар.

1 миэстэ Айдаан – 8 саастаах тураҕас ат, Туора Күөл уонна Баайаҕа холбоһуктаах хамаандалара, хаһаайына Иванов Дмитрий Семенович, тренерэ Бояров Андрей Андреевич.

2 миэстэ Кракан – 5 саастаах хара тураҕас ат, Харбалаах хамаандата, хаһаайына, тренерэ Васильев Василий Васильевич.

3 миэстэ Мисси – 5 саастаах кыһыл тураҕас биэ, Кыйы хамаандата, хаһаайына Мордовской Моисей Федорович, тренерэ Окоемов Иннокентий Егорович.

4 миэстэ Элэккэй – 7 саастаах кугас ат, Чычымах хамаандата, хаһаайына Винокуров Арсентий Егорович, тренерэ Старостин Василий Петрович.

6-с сүүрүү. 3200 миэтирэ, Хамаандалар.

1 миэстэ Холку – 6 саастаах кыһыл тураҕас ат, Кыйы хамаандата, хаһаайына Матвеев Василий Николаевич, тренерэ Окоемов Иннокентий Егорович.

2 миэстэ Доҕор – 6 саастаах тураҕас ат, Чычымах хамаандата, хаһаайына Иванов Николай Егорович, тренерэ Старостин Василий Петрович.

3 миэстэ Сёгун – 5 саастаах сиэр ат, Туора Күөл уонна Баайаҕа холбоһуктаах хамаандалара, хаһаайына, тренерэ Гуляев Дмитрий Иванович.

4 миэстэ Мохсоҕол – 7 саастаах тураҕас ат, Харбалаах хамаандата, хаһаайына Васильев Семен Васильевич, тренерэ Васильев Василий Васильевич.

7-с сүүрүү. 2400 миэтирэ, Чииптээхтэр.

1 миэстэ Эрэл – 13 саастаах кугас ураанньыктаах ат, Таатта Дьүлэйэ, Чурапчы хамаандата, хаһаайына, тренерэ Гуляев Дмитрий Иванович.

2 миэстэ Буойун – 11 саастаах тураҕас ат, Чурапчы, хаһаайына Никифоров Дмитрий Дмитриевич, тренерэ Осипов Дмитрий Семенович.

3 миэстэ Чолбон – 6 саастаах хара ат, Чурапчы, хаһаайына Гермогенова Д.Г., тренерэ Осипов Дмитрий Семенович.

8-с сүүрүү. 7000 миэтирэ, сыарҕалаах аттар Гавриил Иннокентьевич Чабыкин уонна Туос кутурук сырдык ааттарыгар.

1 миэстэ Бэлэс – 6 саастаах көҕөччөр ат, Боробул, хаһаайына Потапов Айтал Григорьевич, тренерэ Потапов Григорий Иванович.

2 миэстэ Атаман – 11 саастаах хара ат, Чөркөөх, хаһаайына, тренерэ Охотин Владимир Михайлович.

3 миэстэ Бэлэх – 9 саастаах сур ат, Харбалаах, хаһаайына, тренарэ Суздалов Спиридон Степанович.

4 миэстэ Байанай – 15 саастаах сиэр ат, Чычымах, хаһаайына, тренерэ Васильев Николай Егорович.

9-с сүүрүү. 1600 миэтирэ, Сылгыһыттар аттара.

1 миэстэ Дьүккүөр – 8 саастаах сиэр ат, Дэбдиргэ, хаһаайына, тренерэ Никифоров Лев Алексеевич.

2 миэстэ Холку Сиэр – 8 саастаах тураҕас ат, Туора Күөл, хаһаайына, тренерэ Гуляев Дмитрий Иванович.

3 миэстэ Ый Суола – 13 саастаах тураҕас ат, Дэбдиргэ, хаһаайына, тренерэ Кривошапкин Гаврил Петрович.

4 миэстэ Мохсоҕол – 10 саастаах тураҕас ат, Харбалаах, хаһаайына, тренерэ Оготоев Василий Коркинович.

5 миэстэ Чаҕыл – 10 саастаах хара ат, Боробул, хаһаайына, тренерэ Никонов Егор Егорович.

10-с сүүрүү. 1600 миэтирэ, Сылгыһыттар аттара.

1 миэстэ Омоллоон – 6 саастаах тураҕас ат, Кыйы, хаһаайына, тренерэ Окоемов Иннокентий Егорович.

2 миэстэ Нохоо – 8 саастаах көҕөччөр ат, Чычымах, хаһаайына Иванов Николай Егорович, тренерэ Старостин Василий Петрович.

3 миэстэ Дабайар – 4 саастаах тураҕас атыыр, Дэбдиргэ, хаһаайына Максимов Федор Прокопьевич, тренерэ Бояров Андрей Андреевич.

Бүгүҥҥү үтүө тэрээһиммитигэр аттары сүүртүлэр:

Туора Күөл уонна Баайаҕа холбоһуктаах хамаандаларын аттарын Неустроев Дмитрий Иванович – Мичикэ.

Кыйы хамаандатын аттарын – Варламов Роман Иванович.

Харбалаах хамаандатын аттарын – Куличкин Анатолий Александрович.

Чычымах хамаандатын аттарын – Чередниченко Александр Александрович.

Маны сэргэ биирдиилээн аттары сүүртүлэр: Охотин Степан Михайлович, Харайданов Ананий Ананьевич, Кривошапкин Гаврил Петрович.

Бука бары кыттыыны ылбыт уонна кыайбыт-хоппут, миэстэлэспит уолаттарбытын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, барҕа махталбытын биллэрэбит.

Ураты махтал күрэхтэһиини тэрийбит, тэрийсибит көхтөөх дьонноох Орто Амма нэһилиэгин олохтоохторугар, олохтоох дьаһалтаҕа, Аҕа баһылык Альберт Иустинович Кулачиковка, Семен Васильевич Васильевка.

Ону таһынан күрэхтэһиигэ бириистэри туруорбут бастыҥ дьоммутугар бука барыгытыгар сиртэн халлааҥҥа дылы барҕа махтал, үгүрү-сүгүрү буолуохтун. Туппуккут тупса, ылсыбыккыт ыпса турдун, кэрэ санаа кэккэлэстин, үтүө санаа үөмэхтэстин, эрэл санаа эҥэрдэстин.

Бүгүҥҥү дьоро күҥҥэ күммүт туран биэрэн Саха омуга төрүкү сөбүлүүр ат сүүрдүүтүн дьоро күнүн дуоһуйа, астына көрдүбүт, тото-хана аһаан, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.

Дөксө төгүл тырымнас уоттардаах, өрүү бастыҥ Харбалаахпыт ыалдьытымсах дьоһун дьонугар барҕа махтал буолуохтун.

Хамаанданан сүүрүүгэ бастакы миэстэни ылары ситистэ: Туора Күөл уонна Баайаҕа сүүмэрдэммит хамаандата 5 очко.

Иккис миэстэни ылары ситистэ: Кыйы хамаандата 8 очко (очко тэҥнэһиитигэр биир бастакы миэстэлээх буолан хаачыстыбанан).

Үһүс миэстэни ылары ситистэ: Харбалаах хамаандата 8 очко (очко тэҥнэһиитигэр хаачыстыбанан быһаарсыыга үһүс миэстэ).

Бары үтүөнү кытта Таатта улууһун ат спордун федерацията.

Күндүүнэ, Е.В. Кондрашова, А.Н. Мосорина хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

166821
Бүгүн : 147