Сонуннар

Физическэй культура уонна спорт үлэһиттэрин III съеһин чэрчитинэн…

«Өрөгөй» Спорка бэлэмнэнии киинигэр физкультура хамсааһынын 100 сылыгар аналлаах Саха Республикатыгар физическэй культура уонна спорт үлэһиттэрин III съезтэрин чэрчитинэн быыстапка үөрүүлээхтик аһыллыыта буолла.

Бэлиэ түгэҥҥэ СР физическэй культураҕа уонна спорка министрин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, СР физическэй культураҕа уонна маассабай спорка управлениетын начаалынньыга Роман Оконешников, «Өрөгөй» Спорка бэлэмнэнии киинин дириэктэрэ Михаил Пахомов, Саха сирин спорка Албан аатын музейын салайааччыта Михаил Друзьянов кыттыыны ылан, быыстапкаҕа кэлбит дьону эҕэрдэлээтилэр.

Түгэнинэн туһанан “Чэбдик олохтоох нэһилиэк” бырайыак иһинэн “Бастыҥ нэһилиэк” диэн маассабай спорка, чэбдигирдиигэ тэриллибит кэтэхтэн куонкурус бастыҥ үлэлээх нэһилиэктэрин уонна быыстапка кыттыылаахтарын наҕараадалааһын буолла.

Ол курдук, бастакы бөлөххө – Мирнэй улууһун Чуона, Томпо улууһун Мэҥэ Алдан, Хаҥалас улууһун Нөмүгү, Үөһээ Бүлүү улууһун Нам, Нам улууһун Модут, Амма улууһун Абаҕа, Өлүөхүмэ улууһун Дьаархан нэһилиэктэрэ Саха Республикатын физическэй культураҕа уонна спорка министиэристибэтин биһирэбил Махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.

Иккис бөлөххө Тыыллыма (Мэҥэ Хаҥалас), Арыылаах (Сунтаар), Лүүччүгүн (Кэбээйи), Байаҕантай (Уус Алдан), Лөкөчөөн (Бүлүү), Октябрьскай (Горнай), Баппаҕай (Бүлүү) финалистарына ааҕылыннылар.

Онтон үһүс бөлөххө Уус Алдантан 2-с Лөгөй, Орто Халыматтан Мээтискэй, Кэбээйиттэн Сииттэ, Сунтаартан Маар Күөл, Үөһээ Халыматтан Арыылаах, Үөһээ Дьааҥыттан Чөрүмчү нэһилиэктэрэ – эмиэ биһирэбил Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр. Онтон кыайыылаахтар сарсын, съезд үөрүүлээх чааһыгар наҕараадаланыахтара.

Быыстапкаҕа улуустар, тэрилтэлэр спорка ситиһиилэрин көрдөрөр, туоһулуур экспозицияларын туруордулар. Дмитрий Васильевич Сыромятников – Кэрэһиннээх (Мэҥэ Хаҥалас), Иван Иннокентьевич Сивцев (Уус Алдан), уо.д.а. курдук республикаҕа киэҥник биллэр коллекционердар тус быыстапкаларын көрдөрдүлэр.

Барыгытын өссө төгүл Саха сиригэр физкультура хамсааһынын 100 сылынан эҕэрдэлиибит! Ситиһиллибиттэн уоскуйбакка ситиһиилэргэ өссө күүскэ дьулуһарга ыҥырабыт.

«Дьулурҕан».

Петр Павлов хаартыскаҕа түһэриитэ.    

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252730
Бүгүн : 202