Александр Гурьев чемпионнаата
Беларусь Республикатын гректии-римнии тустууга кубога түмүктэннэ. Бу күрэхтэһиигэ биһиги биир дойдулаахпыт, Амматтан төрүттээх Александр Гурьев 55 киилэҕэ утарсааччыларын барыларын кыайталаан, чемпион үрдүк аатын ылла.
Санатан эттэххэ, Александр – Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетыгар үөрэммитэ. Онно тренердэр Матвей Матвеев, Кирилл Павлов, Рустам Аджи салалталарынан дьарыктаммыта. Онтон 2021 сылтан Беларусь Республикатыгар көспүтэ. Итиэннэ былырыын гректии-римнии тустууга бу дойду спорка маастарын нуорматын толорбута.
Быйыл кыһын олунньу ыйга Лида куоракка ыытыллыбыт Беларусь Республикатын 23-гэр диэри саастаахтарга күрэхтэһиитигэр Александр иккис миэстэни ылбыта. Онно быһаарыылаах киирсиигэ Максим Ступакевичка сабырыйтарбыта.
Үөрүүлээҕэ диэн, бу сырыыга бүтэһик тустууга ити утарсааччытын кыайан, чемпион аатын ылла. Итинэн, уолбут Александр Гурьев сайдан, үүнэн иһэрин көрдөрөр.
Чемпиону уонна кини тренердэрин эҕэрдэлиибит!
«Дьулурҕан».