Хаартыскалар

Саха төрүт көрүҥнэрин көрдөрдүлэр

Москва. Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин Бүтүн Россиятааҕы быыстапкатыгар (ВДНХ) норуоттар икки ардыларынааҕы форумҥа Саха Республикатын бары хайысхаларынан ситиһиилэрин көрдөрөр-иһитиннэрэр быыстапка тэриллиннэ.

Быыстапка-форум иһинэн «Спорт хас биирдиибитигэр» диэн ааттаах анал экспозиция аһаҕас зонатыгар биһиги киэн туттар төрүт көрүҥнэрбит спортсменнара мас тардыһыытыгар уонна хабылыкка, хаамыскаҕа маастар-кылаастары ыыттылар. Манчаары аатынан Республикатааҕы төрүт көрүҥнэр кииннэрин мас тардыһыыга салаатын начальнига Василий Протопопов мадьынылары салайан үлэлэттэ. Россия спордун маастардара Эрчим Баппаҕай, Айсен Атастыров, Владимир Баишев, Саха сирин спордун маастара Василий Захаров, Саха сирин спордун маастарыгар кандидат Артем Ветров үгүс дьон болҕомтотун тардар киирсиилэри көрдөрдүлэр.

Онтон хабылык, хаамыска оонньууларга маастар-кылааһы Саха Республикатын спордун маастардара Андрей Захаров уонна Ая Давыдова ыыттылар.

Надежда БЕЛОЛЮБСКАЯ, Василий ПРОТОПОПОВ хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

169272
Бүгүн : 31