Солук Боотур суолунан…
Быйды алааска сырыыттан үөскээбит Солук Боотур туһунан санаалар үүйэ-хаайа тутаннар, бу былыргы киһи туһунан өссө элбэҕи билиэхпин баҕардым. Бу сырыыга урукку санаабын, суруйуубун хатылыы барбакка, Солук Боотур туһунан кэлин тугу билбиппин-көрбүппүн билиһиннэрэбин.
Солук Боотур туһунан биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, бэйэтэ Уус Алдантан төрүттээх Иван Георгиевич Березкин «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» диэн кинигэҕэ, сыыстарбат буоллахпына, маҥнайгынан сиһилии суруйбута, билиһиннэрбитэ.
Иван Георгиевич Дьокуускайга, Ем. Ярославскай аатынан республикатааҕы историяны уонна кыраайы үөрэтэр музейга үлэлии сылдьыбытын туһунан билэн, соторутааҕыта, биир үтүө күн музейга тиийэн, тустаах үлэһиттэртэн Солук Боотур туһунан ыйыталастым.
Онуоха археолог Василий Васильевич Попов, ааспыт үйэ 40-с сылларыгар Солук Боотур кистэммит сиригэр хаһыы ыытылла сылдьыбытын уонна ол хаһыыга сыһыаннаах музейга хас да мал баарын эппитэ. Хаһыыны биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, археолог музей научнай үлэһитэ Иван Дмитриевич Новгородов ыыппыт. Маны тэҥэ эмиэ музей эппиэттээх үлэһитэ Александр Прокопьевич Абрамов, Солук Боотурга сыһыаннаах сэдэх экспонаты көрдөрдө – 10 лиитэрэлээх биэдэрэҕэ маарынныыр тимир ылтаһыннарынан иһэрдиллэн оҥоһуллубут улахан иһит. Эргэтэ бэрдиттэн дэлби дьэбиннэрбит, хараарбыт көстүүлээх.
Дьэ мантан сиэттэрэн, музей үлэһиттэрин сүбэлэринэн, И.Д. Новгородов (Уус Алдан киһитэ) ыыппыт хаһыыларын ис хоһоонун билээри, аны Саха сирин национальнай архыыбыгар баар кини анал фондатын кытта билистим.
Бэйэтэ илиитинэн суруйбут боротокуолларын көрдүм, бэлиэтэнним. Онно сурулларынан, Ем. Ярославскай аатынан республикатааҕы кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ Иван Дмитриевич Новгородов, Мүрү ситэтэ суох орто оскуолатын дириэктэрэ Степан Константинович Дьяконов уонна 1-кы Лөгөй нэһилиэгин Ленин аатынан колхоһун чилиэнэ Константин Павлович Дьяконов 1944 сыллаахха бэс ыйын 29 күнүгэр Быйды алаас Кыталыктаах тумулугар үһүйээн быһыытынан, XVII үйэ иккис аҥарыгар олоро сылдьыбыт Солук Боотур кистэммит сирин көрүү туһунан боротокуолга суруллубут. Онно этиллэринэн, хаһааччылар бэйэ-бэйэлэриттэн чугас сытар үс көмүүнү булбуттар. Ол – Солук Боотур уонна кини кыргыттарын көмүүлэрэ буолуохтарын сөп диэн сабаҕалаабыттар. Көмүү, буор үрдүгэр мас оҥоһуулаах, күрүөлээх эҥин буолуон сөп эбит да, барыта эрдэтээҥҥи баһаарга былдьаммыт диэн быһаарбыттар. Арай, көмүүттэн 4-5 миэтэрэ тэйиччи икки сэргэ баарын бэлиэтээбиттэр. Солук Боотур уҥуоҕуттан саха былыргы тимир тоһоҕото көстүбүт. Атын туох да баара ол боротокуолга ыйыллыбатах.
Онтон И.Д. Новгородов архыыбын атын фондатын биир бэлиэтээһинигэр, Солук Боотур көмүллүбүт сирин хаһыыга үҥүү (былыргы буойун сэриигэ туттар сэбэ) көстүбүт. Онно сурулларынан, үҥүү уһугунан үөһэ ууруллубут. Ону археологтар дьиктиргээбиттэр. Тоҕо диэтэргит, сэрии сэбэ хаһан баҕарар өлбүттээх ойоҕоһугар, уһугунан аллараа, ол аата, атаҕын диэки ыйан ууруллуохтаах диэбиттэр. Өссө сороҕор, сэрии сэбин уһуга, өлбүттээҕи кытта тэҥҥэ ууруллар буоллаҕына, уһуга токурутуллар диэни аахпыттаахпын.
Манна даҕатан эттэххэ, бу үҥүү билигин Ем. Ярославскай аатынан республикатааҕы историяны уонна кыраайы үөрэтэр музейга «Протазан Солука Боотура» диэн ааттанан харалла сытар.
Эһиилигэр, 1945 сыллаахха И.Д. Новгородов Солук Боотур уҥуоҕун иккистээн хаһан үөрэтэ сылдьыбытын туһунан туспа боротокуол баар. Ол хаһыыга кинини тэҥэ Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутата Павел Михайлович Павлов уонна Степан Константинович Дьяконов сылдьыспыттар.
Туомтуу тардыы
Биллиилээх археолог И.Д. Новгородов, Солук Боотур көмүүтүн тоҕо иккистээн кэлэн хаһыы оҥорбута быһаарыллан суруллубатах. Сэрэйдэххэ, туох эрэ санааттан, тугу эрэ быһаара, эбии көрдүү сатаан – иккистээн хаспыт, үөрэппит буолуохтаахтар.
Музей үлэһиттэрэ эппиттэринэн, Солук Боотур көмүүтүн хаһыыга протазан (үҥүү) уонна солуур булбуттар диэн этэ гынан баран, И.Д. Новгородов боротокуолугар үҥүү уонна тоһоҕо эрэ суруллар. Солуур туһунан туох да суох.
Мин, Солук Боотур бухатыыр, күүстээх-уохтаах, улахан киһи буолуо дии санааммын, уҥуоҕун хаһыыга – кини кырамтатыттан үрдүгүн, ыйааһынын, быһа холуйан сааһын барытын кээмэйдээн уонна хайдах быһыылаахтык көмүллүбүтүн (туох таҥастаах-саптаах) барытын ырытан специалист дьоннор суруйан хаалларбыт буолуохтаахтар дии санаабытым, И.Д. Новгородов боротокуолугар да, бэлиэтээһиннэригэр даҕаны оннук дааннайдар суохтар. Эбэтэр, ханна эрэ атын докумуоҥҥа баара дуу?
Сэрэйдэххэ, Солук Боотур уҥуоҕун быһа холуйан, үһүйээн быһыытынан сирдэтэн ыйан-кэрдэн биэрээччинэн – олохтоох кырдьаҕас Константин Павлович Дьяконов эбит.
Солук Боотур туһунан сэҥээрии, чинчийии салҕанар…
Биһиги dzulurgan.ru сайтпытыгар Солук Боотур туһунан И.Г. Березкин, Г.В. Ксенофонтов суруйууларын, Быйды алаас туһунан ааптар бэлиэтээһиннэрин булан ааҕыаххытын сөп.
Маннык суруйуулар, чинчийиилэр бастатан туран дьоҥҥо-сэргэҕэ, биир дойдулаахтарыгар уонна эдэр ыччакка ананаллар. Сыллар, хонуктар хотоҕостуу субуллаллар. Кэм кэрдии ааһар, уларыйар. Ол эрэн, история умнуллан-кээһэнэн хаалыа суохтаах. Этэргэ дылы, «ким олорон кэлбит историятын билбэт, ол – кэнэҕэскитэ, кэскилэ суох». Билиҥҥи ыччаттар, оҕолор – улуу өбүгэлэрин, кинилэр олорон ааспыт олохторун, сирдэрин-уоттарын төһө билэллэрий?
Петр ПАВЛОВ.
Хаартыскаҕа: Солук Боотур дойдута – Быйды алаас сайыҥҥы көстүүтэ. Кыталыктаах тумула.
Ааптар түһэриитэ.