История

Солук Боотур

Солук Боотур Борҕоҥҥо, бу Лөгөй сиригэр төрөөбүт киһи эбит. Быйдыга олорбут. Онно халдьаайыга Убаһа Аартыгынан сыыры өрө таҕыстахха өтөҕүн онно билигин да баар. Бэйэтэ алта уол, үс кыыс оҕолооҕо, балай эрэ сылгы уонна ынах сүөһүлээҕэ, олорор сирин илин бас халдьаайытыгар оттуур сирдээҕэ үһү.

Солук Боотур мэлдьи төрөөбүт-үөскээбит Лөгөйүн сиригэр бултуур идэлээх эбит. Былыр манна кыыллартан: киис, саһыл, кырынаас, тииҥ, куобах; көтөрдөртөн: кус, хаас, анды, туруйа; балыктартан: собо, мунду элбэҕэ эбитэ үһү.

Арай биирдэ күһүн кыппай хаар түһэрин кытта, Солук Боотур Быйды илин халдьаайытыттан чугас Мохолу диэн алаас куула тыатыгар бултуу сылдьыбыт. Онно биир киис тиит төргүү мутугар олорорун оҕунан түҥнэри ытан түһэрбит уонна баран, илиитигэр ылан, эргим-ургум тутан, көрө турбут. Ол турдаҕына икки үрүҥ көмүс сырайдаах ыҥыырдаах дьон бу кииһи суоллаан тиийэн кэлбиттэр.

Ити кэлбит дьон, Дьаарбаҥ биэрэгэр олорор, Мэҥэ дьоно эбиттэр. Олортон биирдэстэрэ Оҕо Күрүөйэх диэн киһи эбитэ үһү, ол эппит: «Биһиги бу быраан үрдүттэн ыла эккирэтэн иһэр кыылбыт этэ, ырыарбыппыт кэннэ эн түбэһэн өлөрбүккүн, онон бу кииһи биһиги аҥардаһыахха», — диэн. Онуоха Солук Боотур: «Мин бэйэм бултуур сирбэр өлөрдүм, онон аҥардаспаппын, эһиги хантан кэлбиккитин билбэппин!», — диэбит да, батыйатынан үөһэттэн охсон түһэрбит. Ону Оҕо Күрүөйэх аһаран биэрбит, онтон көрүммүтэ сонун кыратык таарыттарбыт эбит. Ити кэнниттэн Оҕо Күрүөйэхтээх кураанах төннүбүттэр.

Онтон кэлин дьылыгар Солук Боотур бултаабыт түүлээҕин барытын ыырдан Якутскай куоракка киирбит. Кыргыска миинэр Хаста Миҥэ диэн биэтин аара Дьаарбаҥ биэрэгэр мэҥэлэргэ хаалларбыт. Ону Оҕо Күрүөйэх билэн бэйэтин дьонугар эппит: «Солук Боотур биэтин көлүйэн Суола төрдүн күргэтин маһын тыаттан таһыҥ, улаханнык тириппитин кэннэ тиэрбэскэ күөх окко ыытан кэбиһиҥ, оччоҕо уруттаан өлүөҕэ, бэйэтэ сатыы барыаҕа, ону мин дьиэбэр тоһуйуом», — диэн. Итини Оҕо Күрүөйэх дьоно толорбуттар.

Икки хонон баран Солук Боотур куораттан тахсыбыт, онно көрбүтэ биэтэ дыгдайа иһэн турар үһү. Ону бу Оҕо Күрүөйэх дьаһайдаҕа диэн сэрэйбит уонна биэтин ыҥыырдаабыт.  Ыҥыырын кэннигэр ох саатын түргэнник ылар гына игиннэрбит. Онтон быраан аннын диэки айаннаан испит. Суола Оҕо Күрүөйэх олоҕор чугаһаан кэлбит. Дьиэ таһыгар элбэх ыҥыырдаах ат турара үһү. Ону көрөн Солук Боотур тумнубут. Ити истэҕинэ биэтэ итийэн, син балай эрэ айанныыр буолбут, сотору суолугар киирбит.

Солук Боотур быраан аннынан хоту диэки дьиэтигэр баран испит. Ол иһэн көрдөҕүнэ элбэх ыҥыыр аттаах дьон эккирэтэн иһэр эбиттэр. Онно Оҕо Күрүөйэх бастаан иһэрэ үһү. Солук Боотур, ох саатын сулбу тардан ылаат, кинини ытан саайбыт. Ол ытарыгар атын илин атахтара, сиргэ үктэнэ түһүүлэригэр түбэстэҕинэ хара быарга таптардын, оттон өрө көтүүлэригэр түбэстэҕинэ, атын көмөгөйүгэр түстүн дии санаабыт. Онтуката Оҕо Күрүөйэҕи хара быарга түһэн баран, оҕо көхсүн хараҕынан тахсыбыт. Аттан сууллан түспүт. Атын эккирэтэн иһэр дьон бары кэлэ-кэлэ өлбүт киһилэрин аттыгар тохтоон испиттэр.

Ити кэнниттэн Солук Боотур Хаста Миҥэтин айаннатан Быйдыга тиийэн кэлбит. Бэйэтэ тимир ууһа эбитэ үһү, онон уһаммытынан барбыт. Биир сайыҥҥы түүн устата 96 ох харатын (тимир уһугун) оҥорбут, онтон олору oxтopгo олордуталаабыт. Ол барыта бүппүтүн кэннэ, Быйды халдьаайытыгар баар көҥдөй маска көхсүн анньан олорунан  кэбиспит. Ити  курдук кинини тута кэлэр дьону икки хонукка кэтэспит.

Онтон Солук Боотур көрбүтэ соҕуруу диэкиттэн Суотту киһитэ Бөҕө Балтыһах Быйды сыырын сатыы түһэн иһэр эбит. Ол иһэн Солук Боотуру көрөн ыһыытаабыт: «Доҕорум  Солук Боотур, мин бу Бөҕө Балтыһах иһэбин, эйиигин тута иһэллэр, сымнаҕас уурааҕы таһаарыах буолаллар, күн ыраахтааҕы илиитэ уһун, онон син биир тутуохтара, бэрин, сэриилэһимэ!», — диэн. Онно сүүрбэччэ хаһаах Бөҕө Балтыһах кэнниттэн субуруһан  киирэн иһэллэрэ үһү. Ону Солук Боотур, ыта сыһан баран, Бөҕө Балтыһах баарыттан тохтообут. Онон дьэ бэриммит, олорон биэрбит. Хаһаактар кинини, тимир хандалы кэтэрдэн баран, куоракка илдьэ барбыттар.

Куоракка хаһаак тойотторо Солук Боотуру элбэхтик эрэйдээбиттэр уонна биир киһини  иккинэн төлөтөргө уураах таһаарбыттар. Онуоха кини саамай аччыгый, алталаах уолун  уонна орто кыыһын биэрэр буолбут.

Ити оҕолору мэҥэлэр кэлэн ылан барбыттар. Уол мэҥэлэргэ Мэлдьэхси сиригэр уонча  сааһыгар тиийбит. Ол саҕана ынах хомуйа сылдьан мэҥэлэр сыал ыта оонньуур сирдэрин  булан ылбыт. Онно сатанахха, ол  аата, хас да көхөлөөх баҕанаҕа, ох саала ыйанан тураллара үһү. Олортон биир үчүгэйин ылан, кирсин кытаатыннаран баран, оҕу ууран,  сыал ытар хаппыт тииттэрин төрдүнэн дьөлө ытан кэбиспит. Ол кэнниттэн ох саатын, кирсин сымнатан баран, сатанахха ыйаан кэбиспит.

Онтон сотору Оҕо Күрүөйэх дьонуттан ким эрэ сыал ытар мастара оҕунан дьөлө сүүрдүллүбүтүн булбут. Ону мэҥэлэр кэлэ-кэлэ көрүү-истии бөҕө буолбуттар. Бастаан ким ыппытын кыайан билбэтэхтэр, онтон сэһэнньиттэрэ эппит: «Дьэ, бу кыайааччылар кыайбыттар, хотооччулар хоппуттар. Солук Боотур оҕото ыппыт буолуохтаах, онон бу оҕону дьонугар таһаара охсон биэриҥ, улааттаҕына биһиэхэ кутталлаах киһи буолсу», — диэбит. Онон Солук Боотур уолун мэҥэлэр дойдутугар аҕалан биэрбиттэр. Оттон кыыһа Мэлдьэхсигэ эргэ баран, оҕо-уруу төрөтөн, бэрт үчүгэйдик олорбута үһү. Ити кэнниттэн манна кэпсэммит иирээн көнөргө барбыт.

Уус-Алдан оройуонун Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Копырин Фома Егорович кэпсээбитэ. Сааһа 88. И. Г. Березкин суруйбута. 1967 сыл, от ыйын 14  күнэ. Саха сиринээҕи кыраайы үөрэтэр Ем.Ярославскай аатынан музей хомуйууларыттан.

“Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ” кинигэттэн, Якутскай, 1977 с., (хомуйан оҥорооччу И.Г. Березкин), 76-79 стр.

“Дьулурҕан”.

Петр Павлов хаартыскаҕа түһэриитигэр Солук Боотур олохсуйа сылдьыбыт Быйды алааһа. 2022 сыл сайына.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253186
Бүгүн : 44