Дыгын Боотур Вячеслав Дьяконовка
Өбүгэбит үгэһэ
Үйэлэргэ салҕанар
Бөҕө күүстээх, быһый бэрткэ
Дыгын аата бэриллэр,
Эр бэрдэ эрчимнээх
Эрдэттэн эрчиллэн
Күүстээх күрэххэ
Күөн көрсө талыллар,
Улуустар мунньустан
Уолларын көҕүлээн
Ааттаахтыын көрсөргө
Ыһыах күҥҥэ алгыыллар,
Хаҥалас хахайдара
Тыын ылар кэмнэригэр
Эҥсиэли эбэттэн
Эбиллэн киирдилэр
Тааттаттан талыллан
Амматтан ааттанан
Хоһууннар хомуллан
Хотуттан киирдилэр,
Уон икки эр бэрдэ
Дьэ, сэттэ көрүҥҥэ
Уоскуйан ылбакка
Дьоһуннук оонньоотулар
Бииртэн биир кыайыылаах
Үрдэлин ыланнар
Баардаахтар бастыҥнар
Үөрүүнү биллилэр
Бүтэһик биэтэккэ
Бэрт кыра арыттаах
Тахсаннар турдулар,
Таас көтөҕөн хаамтылар
Эҥсиэли эрэлэ
Аҕа суолун салҕааччы
Эрэллээх кыайыыта
Аҕатын, ийэтин долгутта
Кыайыылаах бу сылга
Вячеслав таҕыста,
Бар дьонун уруйа
Киниэхэ ананна
Эҥсиэли эбэбит
Боотура бухатыыр
Ааттанна айхалланна
Дыгын Боотур аатын ылла,
Ньургуммут Боотурбут
Норуот таптала эрэлэ
Алгыстаах суолгунан
Арыаллыы арчылыы
Туруохпут аартыккын!
Николай Карамзин. Мэҥэ Хаҥалас, Павловскай.
26.06.2023 сыл.