Сахалар, сахалыы итэҕэлбитин ылыныаххайыҥ!
Былыр-былыргыттан хас омук аайы дьону, норуоту куһаҕан дьаллыктан харыстыыр, сиэрдээх буолууга үөрэтэр иитэр үөрэх – Итэҕэл баар буолбута. Христианство, ислам, будда о.д.а., былыргы сахалар эмиэ итэҕэллээх этилэр. Биһиги аан бастакы итэҕэли ылыммыппыт. Хас биирдии саха киһитэ итэҕэйэр Үрүҥ күнү, ыйы, күөх халлааны, сири-уоту…
XVI үйэттэн, нууччалар кэлиэхтэриттэн ылата биһиэхэ күүс өттүнэн христианствоны киллэрэн барбыттара. Ол иһин, ааппыт-суолбут барыта нууччалыы буолбута. Улуус, дэриэбинэ аайы таҥара дьиэлэрэ норуот күүһүнэн тутуллубуттара, баачыкалар, аҕабыыттар баар буолбуттара. Онтон сэбиэскэй былаас бириэмэтигэр таҥара дьиэлэрин барытын көтүрбүппүт, суох оҥорбуппут. Коммунистическай иитиини ылбыппыт, комсомол, хомуньуус буолбуппут. Таҥара, абааһы суох диэн буолбута. Итэҕэлбитин, абыычайбытын умнубуппут, тутуспат буолбуппут. Ол да үрдүнэн кырдьаҕастарбыт абыычайдарын, итэҕэллэрин тутуһаллара.
Эдэр көлүөнэ, норуот итэҕэлгэ наадыйар
Билигин дэриэбинэлэргэ былыргы таҥара дьиэлэрин сөргүтэн, олохтоохтор күүстэринэн оҥоро, сөргүтэ сылдьабыт. Дьокуускайга былыргы хас таҥара дьиэтэ баара барыта оҥоһулунна, ону таһынан кэлии омуктарга мусульманскай мечеттэр. Ситинтэн сиэттэрэн элбэх саха христианствоны ылынан эрэр, ону ааһан эдэр өттүлэрэ мусульманскай итэҕэли уонна арааһынай секталарга киирэн эрэллэр.
Хайа баҕарар киһи омугуттан тутулуга суох үрдүк айыылартан көрдөһөр, арчыланар, бэйэтин харыстанар. Ол иһин биһиги дьоммут бара сатаан атын омуктар итэҕэллэрин ылынан эрэллэр. Ити биһиги омук быһыытынан итэҕэлбит суоҕуттан, мөлтөҕүттэн. Эдэр көлүөнэ, норуот итэҕэлгэ наадыйар. Онон сахалар, биһиги бэйэбит өбүгэлэрбит итэҕэйэн кэлбит итэҕэлбитин ылынар кэм-кэрдии кэллэ дии саныыбын.
Хайа баҕарар киһи үөрдэҕинэ-көттөҕүнэ, хомойдоҕуна-хоргуттаҕына, хомолтотун-үөрүүтүн үллэстэн бэйэтин итэҕэлигэр сүгүрүйэр. Холобур, биһиги, сахалар уоппутун оттон Эһэбитин аһатабыт, христианнар Таҥараттан көрдөһөллөр, мусульманнар Аллахха үҥэллэр…
Итэҕэл диэн – норуоту, эдэр ыччаты куһаҕан дьаллыктан харыстыыр үөрэх биир көрүҥэ. Олох, экономическай формация уларыйдаҕын аайы, уларыйан иһиэ суохтаахпыт, бэйэбит усулуобуйабытыгар, бэйэбит норуоппут сайдыытыгар, абыычайбытыгар сөп түбэһиннэрэн итэҕэл ылыныахпытын наада. Бэйэбит кэлэр кэскилбитигэр, инники ыччаппытыгар куоракка, дэриэбинэлэргэ, улуус киинигэр туох баарый?
Биһиги – олохтоох омукпут
Биһиги православнай омуктар буолбатахпыт, тас көрүммүт, тылбыт-өспүт, абыычайбыт барыта атын. Историктар, тыл үөрэхтээхтэрэ этэллэринэн, биһиги түүр омуктарыгар тылбыт-өспүт майгынныыр, ол гынан баран, түүрдэртэн тоҕо эрэ итэҕэллэрин илдьэ кэлбэтэхпит. Бастакы президеммит М.Е. Николаев этиитигэр холбоһобун, биһиги төрүт олохтоох омук буолабыт, кэлии көс бииһин уустара буолбатахпыт. Биһиги туспа итэҕэллээх, туспа сайдыылаах омук буолабыт. Холобур, өбүгэлэрбит олохтообут национальнай көрүммүтүн – кылыыны, хапсаҕайы, мас тардыһыытын, ат сүүрдүүтүн, интеллектуальнай оонньууларбытын, ынахпытын, сылгыбытын о.д.а ылан көрүөҕүҥ. Хайа да омукка суох биһиги көрүммүт курдук кэрэ, кыраһыабай көрүҥнэр. Биһиги олохтоох омук буоларбытын кэрэһэлиир элбэх холобурдартан ити биирдэстэрэ.
Ол иһин аан бастаан киһи-аймах итэҕэйэн кэлбит итэҕэлбитин тенгрианствоны ылыныаҕыҥ. Ити туһунан бастакы олимпийскай чемпиоммут Роман Михайлович Дмитриев этии киллэрбитэ, ону өйүөҕүҥ.
Дьокуускай куоракка Олоҥхо дьиэтэ тутулла сылдьар, дэриэбинэлэргэ Арчы, Олоҥхо дьиэлэрин тутуоҕуҥ. Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар СР Аҕа баһылыга А.С. Николаев хас биирдии улууска олоҥхо дьиэтин тутар буоллаххытына, биэс мөлүйүөн көмө харчы биэрэбин диэн уураах ылыммыта. Хас биирдии саха киһитин үөрдэр, долгутар даҕаны буолуохтаах.
Хаһыакка көрдөххө-аахтахха, бөлөһүөктэрбит тус-туһунан кэпсии сатыыллар. Бары биир уопсай тылга киириэҕиҥ, норуот иннигэр биир сүбэни ылыныаҕыҥ. Кэнэҕэски ыччаттарбытын сахалыы саҥарарга, биир өйгө-санааҕа, сахалыы итэҕэлгэ иитиэҕиҥ.
Итэҕэлин, абыычайын, тылын-өһүн сүтэрбит омук – омук быһыытынан сүтэр, симэлийэр.
Билигин демократия кэмигэр, норуот бэйэтин көрүнэр бириэмэтигэр олохтоох былаас органнара, Ил Түмэн депутаттара, Ил Дархан – саха омуга олохтоох омук, бэйэтэ итэҕэллээх буоларыгар, кэнэҕэски көлүөнэ дьоно араас мөкү дьаллыкка ыллаттарбатыгар, саха омук быһыытынан сүппэтин туһугар биир ньыгыл итэҕэли сокуон быһыытынан ылыныан наада.
Кимтэн, туохтан көмүскэл көрдүүбүт?
Сахалар биир итэҕэллээх буоларбыт туһунан санааларбын хаһыакка, интернеккэ үллэстибиппин, син элбэх киһи аахта. Сорохтор сөбүлэһэллэр, сорохтор тенгрианствоны утараллар. Тенгрианствоны былыр Чингис Хаан ылыммыта, оттон монголлар билигин будданы итэҕэйэллэр. Билигин биһиги ханнык итэҕэли ылынабытый? Биһиэхэ бэйэбитигэр, эппитигэр-хааммытыгар, өйбүтүгэр-санаабытыгар, олохпутугар-дьаһахпытыгар чугас ханнык итэҕэл баарый? Тенгрианствоттан атын, чугас.
Холобура, күрэхтэһиигэ, эбэтэр эрчиллэр-бэлэмнэнэр түмсүүгэ ыраах дьиэҕиттэн-уоккуттан тэлэһийэ сылдьан ыарахаттарга түбэстэххинэ, үрдүк айыылартан көрдөһүөххүн, көмөлөһүннэриэххин баҕараҕын да, кимтэн хайдах көрдөһүөххүн билбэккин. Олоххо араас буолар, үөрүү-хомолто, кыайыы-хотторуу…
Билигин биһиги эдэр тустууктарбытын куттара-сүрдэрэ (дуухтара), итэҕэллэрэ суох дииллэр. Үөрэппэкэ, итэҕэл ылыммакка сылдьан хантан билиэхтэрэй, айылҕаттан кистэлэҥ күүс бэриллэрин, аҥардас патриотическай санаанан, иитиинэн кыайыахтааххын диэн сылдьаллар. Хантан ис кистэлэҥ күүс кэлэрин билбэттэр. Билигин биһиги спортсменнарбыт итэҕэлгэ борустуой дьоннооҕор ордук наадыйаллар дии саныыбын. Кыайдаҕына үөрэбит, “маладьыас, Сахатын сирин аатырта” диэн хайҕыыбыт, оттон хоттордоҕуна үөҕэбит, кута-сүрэ (дууҕа) суох диибит.
Борустуой киһи ыарахаҥҥа түбэстэҕинэ биирдэ өйдүүр, үөһээ айыылартан айыллыбытын, тутулуктааҕын туһунан, кистэлэҥ күүстэн көрдөһөрүн. Киһи-аймах барыта билэр үрдүк айыылартан айыллыбытын, итэҕэллээҕин, көрдөһөрүн. Арай, биһиэхэ итэҕэл суох уонна хантан дуухтаах буоларый? Кимтэн, ханнык үрдүк айыыттан көрдөһөрүй? Абыычайбытын да үчүгэйдик билбэппит. Мусульманнар күҥҥэ биэстэ намаз оҥостоллор, христианнар таҥараҕа үҥэллэр, ханна да буоллун, кимтэн да куттаммакка, бу дьон итэҕэллэригэр наһаа бэриниилээхтэр, итэҕэллэрин убаастыыллар, итэҕэйэллэр, итэҕэллэринэн киэн тутталлар.
Туораттан көрөн ымсыыра саныыгын, биһиги тугу итэҕэйэбит, хантан көрдөһөбүт, көмүскэнэбит? Христианство библияҕа сурулла сылдьар, мусульманнар кораннарын ааҕаллар. Биһиги тугу ааҕабыт?
Биһиэхэ Тенгрианство чугас
Мин бэйэм историк, тыл үөрэхтээҕэ, таҥара үлэһитэ да буолбатахпын, борустуой оскуола тренерэбин, ол гынан баран, оҕолорбутугар, норуот инники өттүгэр сайдарыгар итэҕэл наада диэн бэйэм баҕа санаабын суруйабын.
Хас биир киһи Үөһээ Айыылартан айыллыбытын, киниттэн көрдөһөрүн билэр буолуохтаах, бу Орто дойдуга таҥара көмөтүнэн кэлбитин, дьоллоохтук, куһаҕан дьаллыкка ылларбакка, айыыны оҥорбокко олоруохтааҕын. Үөһээ айыылар кинини көрө, араҥаччылыы, арчылыы сылдьалларын, киниэхэ күүс-көмө буолалларын этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан бэркэ диэн өйдүүр буолуохтаах.
Уопсайынан, биир ньыгыл итэҕэл ыларбытыгар бириэмэ кэллэ дии саныыбын. Юстиция министерствотыгар икки итэҕэл регистрацияланна: В.А. Кондаков “Аар Айыы итэҕэлэ”, Л.А. Афанасьев-Тэрис “Айыы итэҕэлэ”. Бу итэҕэллэри суруйбут ааптардар биһиги итэҕэлбит тенгрианство биир көрүҥэ дииллэр.
Сахалар былыр-былыргыттан оройуонунан арахсабыт. Хас биирдии киһи (бөлөһүөк) тус-туһунан суруйдаҕына уонна оройуон оройуон аайы тус-туһунан итэҕэл ылланнахпытына, бэйэбит да аҕыйах ахсааннаах дьон, аҕыс аҥы барабыт. Онон биир итэҕэли ылыныаҕыҥ. Холобур, биир итэҕэллээхпит эбитэ буоллар, улуустаһыы тахсыа суоҕа этэ. Төрөппүттэр оҕолорун кыра саастарыттан итэҕэлгэ үөрэтэн барыа этилэр. Төрөппүт оҕону иитиигэ оруола улахан уонна эппиэтинэстээх буолуо этэ.
Хайдах саҕалыахха?
Былыр-былыргыттан сахаларга бөлөһүөк дьоннор элбэхтэрэ, норуот инникитин кинилэр түстүүллэрэ. Былыр итэҕэли пророктар, философтар норуокка тарҕаппыттара уонна ылыннарбыттара.
Итэҕэлгэ үлэлиир дьон ким диэн ааттаналларый, туох үөрэхтээхтэрий, ханна ким кинилэри үөрэтэр? Бастатан туран, төрүт култуураны үөрэтэр дьон буолуохтарын сөп. Сыантырга (Дькуускайга), улуустар кииннэригэр, куораттарга, нэһилиэктэргэ. Арчы, Олоҥхо дьиэлэригэр саха абыычайын, итэҕэлин үөрэтиэхтэрин сөп. Кинилэр хантан үптэнэллэр-астаналлар, үлэлиир, олорор дьиэлэрэ-уоттара?..
Бу дьон үөрэх, духовнай, култуурнай, социальнай сайдыы үлэһиттэрэ буолалларын быһыытынан – үөрэх, култуура, социальнай министерстволара үбүлүөхтэрин сөп эбит. Холобура, үөрэх министерствота бу дьон педагог буолалларынан хамнастарын, итэҕэл кинигэлэрин, култуура министерствота бу дьон духовнай култуураҕа сыһыаннаахтарынан, мероприятиеларын тэрийистин, социальнай – дьиэлэрин-уоттарын көрдүҥ. Ону таһынан биллэр-көстөр тэрилтэлэр, дьоммут спонсордаатыннар уонна Ил Дархан норуота итэҕэллээх буоларыгар көмөлөһүөн наада. Кэнэҕэһин ХИФУ саха тылын отделениетын иһинэн анал итэҕэлгэ бэлэмнээх дьону иитэн, үөрэтэн таһаарыан сөп.
Суруллубут биир итэҕэллээхпит эбитэ буоллар, кыра оҕолору төрөппүттэр сахалыы саҥарарга, абыычайга уонна итэҕэлгэ үөрэппитинэн барыахтаахтара, оччоҕо кэлэр көлүөнэ түргэнник итэҕэллэрин ылыныа, итэҕэллэринэн киэн туттуо уонна атын омуктартан итэҕэс сананыа суоҕа.
Бар дьонум, саха дьоно туора турумуоҕуҥ, сомолоһуоҕуҥ, биир өйүнэн-санаанан биир итэҕэли ылыныаҕыҥ! Кэлэр көлүөнэ, эдэр ыччат итэҕэллээх буоларын, норуот быһыытынан симэлийэн сүппэппит туһугар бары бииргэ турунуоҕуҥ!
Николай КРЫЛОВ, СР үтүөлээх тренерэ, РФ үөрэҕин туйгуна, көҥүл тустууга ССРС, хапсаҕайга СР спордун маастара, Уус-Алдан бочуоттаах гражданина.
Дьокуускай.