Благовещенскайтан 9 мэтээллээх…
Көҥүл тустууга оҕолорго Благовещенскай куорат аһаҕас түһүлгэтигэр тренердэр А.Н. Тастыгин уонна К.Е. Колесов иитиллээччилэрэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Харатааҕы спортивнай оскуолатын эдэр спортсменнара эриэ-дэхси көрдөрүүлэннилэр.
Ол курдук, 2009-2010 сс. төрөөбүт уолаттарга Андрей Николаев (62 кг) – бастакы, Георгий Устинов (41 кг), Андрей Бадаев (44 кг) – иккис, Харысхал Попов (52 кг) – үһүс миэстэлэри ыллылар.
2011-2011 сс. төрөөбүттэргэ Егор Баишев (50 кг) бастакы, Эрсан Петров (60-тан үөһэ кг) иккис, Вячеслав Осипов (42 кг) үһүс буоллулар.
Онтон 2013 сылга төрөөбүттэргэ Айнар Алексеенко (22 кг) иккис, Арылхан Колесов (26 кг) үһүс миэстэлэннилэр.
Онон биир дойдулаахтарбыт бу күрэхтэһииттэн 9 мэтээли (2 кыһыл көмүс, 4 үрүҥ көмүс уонна 3 боруонса) ылары ситистилэр.
Республика таһыгар бастакы холонууларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыт эдэр бөҕөстөрбүтүн уонна кинилэр тренердэрин эҕэрдэлиибит!
«Дьулурҕан».