Анатолий Константинов тустуутугар. Суотту
Ахсынньы 22 күнүгэр Суоттуга (Уус Алдан) – Саха АССР, РСФСР, ССРС спортарын маастара, Саха сирин үтүөлээх тренерэ, бэтэрээн-маастардарга аан дойду 2 төгүллээх чемпиона, республика 7 төгүллээх кыайыылааҕа, Саха АССР – Монголия, Саха АССР – Украина, Саха АССР – ССРС сүүмэрдэммит хамаандаларын табаарыстыы көрсүһүүлэрин кыайыылааҕа Анатолий Николаевич КОНСТАНТИНОВ төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах көҥүл тустууга республикатааҕы 12-с турнир ыытылынна.
Эһиги бу хаартыскаларга ол тэрээһин түгэннэрин көрөҕүт.
Петр Павлов түһэриилэрэ.