История

Улуу тренер Коркин биир бастакы, бастыҥ иитиллээччитэ

Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар Д.П. Коркин Чурапчытааҕы интэринээт-оскуолаҕа нуучча тылын учууталынан үлэлии кэлиэҕиттэн, оҕолорго көҥүл тустуу секциятын үлэлэтэн барбыта. Оччолорго биһиги 5-6 кылаас үөрэнээччилэрэ умсугуйан туран дьарыктанан саҕалаабыппыт. Бастаан дьарыкпыт үксэ оонньуу былаастаах барара, ол оҕолорбутуттан сотору РСФСР, Союз чемпионнара үүнэн тахсыахтара диэн санаа, өйдөбүл даҕаны суоҕа.

Онтон 1964 сыллаахха Дмитрий Петрович аллараа Чурапчы орто оскуолатыгар “Урожай” уобаластааҕы сэбиэтин иһинэн үс отделениелаах спортивнай оскуоланы астарбыта. Онно интэринээт-оскуолаҕа дьарыктаабыт уолаттарын ортотугар Сергей Лыткин уонна мин эмиэ баарбыт. Сергей  миигиттэн биир кылаас үрдүк үөрэнэрэ.

Дьэ онно дьиҥнээх күүстээх дьарыктар саҕаламмыттара, сотору-сотору куоратынан, соҕуруунан күрэхтэһиилэргэ барыы үксээбитэ. Тыыппалаах, үчүгэйдик тустар уолаттар биллэн барбыттара, олор истэригэр Коля Барашков, Станислав Романов, Коля Сивцев, Слава Карпов, Сергей Лыткин, Петя Макаров, Роман Неустроев, Проня Шестаков, о.д.а. бааллара. Бу уолаттар тренербит Дмитрий Петрович бастакы “хараҥаччылара” этилэр. Күрэхтэһиигэ бардахтарын аайы хайаан даҕаны кыайыылаах-хотуулаах кэлэллэрэ.               Сотору олорор интэринээппит дьиэтэ уларыйан, оскуола томторугар көспүтэ. Дьарыкпыт өссө күүһүрэн барбыта уонна бииргэ дьарыктанар уолаттарбытын кытары ыкса билсэн, эн-мин дэһэн барбыппыт, биир оскуолаҕа үөрэнэн, интэринээккэ бииргэ олорон, остолобуойга бииргэ аһаан убай-быраат курдук буолбуппут.

Интэринээккэ уолаттар үс, кыргыттар биир хоһунан олорор этибит. Сергей сүрдээх кэпсээннээх, наар күлэ-үөрэ сылдьар элэккэй майгылааҕа. Сотору-сотору сборга, күрэхтэһиигэ барар буолан аҕыйахта оскуолаҕа көстөрө. Ол гынан Сергей, төһө даҕаны биһигиттэн үөһээ кылааска үөрэннэр, оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, общественнига, спортсмена буолан биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар үчүгэй эрэ өйдөбүлү хаалларбыт эбит. Ити көлүөнэ убайдарбыт оскуола, оройуон күрэхтэһиилэригэр, онтон республика, Россия таһымнаах күрэхтэһиилэргэ куруук миэстэлэһэн, бастаан биһигини үөрдэллэрэ, кыайыыга угуттууллара, инникигэ сирдииллэрэ.

Сергей ити сылларга оҕолорго республика чемпиона, “Урожай” ЦС икки төгүллээх, 1964-65 сыллардааҕы, кыайыылааҕа буолбута, 1965 сыллаахха Бүтүн Сойуус финалыгар тустубута. 1966 сыллаахха улахан дьоҥҥо 63 кг. республика 3-с призера буолбута, 1967 сыллаахха бастакы Куба—РСФСР—ЯАССР международнай матчевай көрсүһүүлэригэр кыттыыны ылбыта.

Санатан эттэххэ, бу Бүтүн Сойуус финалын сборугар Черкесскэй куоракка, ЦС “Урожайыгар” ситиһиилээхтик тустаннар, Россия сборнайын састаабыгар алта уол: Слава Карпов, Коля Кардашевскай, Сергей Лыткин, Петя Макаров, Рома Неустроев уонна Проня Шестаков, бары төрүт Чурапчы ыччаттара киирбиттэрэ. Ол сбор түмүгүнэн 4 уол финалга Дагестаҥҥа, Махачкала куоракка тустубуттара, олортон Слава Карпов чемпион үрдүк аатын ылбыта.

Сергей Лыткин хамсатан тустар, кимиилээх, куттаммакка бырахсар бөҕөс этэ. Атаҕар кыанар буолан, олус үчүгэйдик “обвив” приему оҥороро.

Убайдарбыт күрэхтэһиилэртэн кэллэхтэринэ кэпсээннэрин, сонуннарын истээри бүтүннүү кулгаах-харах буоларбыт. Соҕуруу чаастатык сылдьар буоланнар таҥаска, прическаҕа муоданы, онтон даҕаны атын саҥаны, сонуну кинилэр аҕалаллара. Оннооҕор саҥа ырыаны, үҥкүүнү кинилэр билэн кэлэллэрэ, онон оччотооҕу Чурапчы соҕуруу куораттар сайдыыларын түргэнник ылынара.

Сергей ырыаһыт бэрдэ, бэртээхэй тэрийээччи, үөрэҕэр лаппа үчүгэй этэ. Интэринээккэ, кылааһыттан тутулуга суох, уруогу бары бииргэ ааҕарбыт, сарсыҥҥы күҥҥэ бэлэмнэнэрбит. Онно улахан кылаас оҕолоро биһиэхэ сүрдээҕин көмөлөһөр этилэр, ол иһигэр убайбыт Сергей олус кыһаллан үөрэтэрэ, сүбэлиирэ-амалыыра.

Биирдэ уолаттар соҕуруу ситиһиилээхтик тустан кэлбиттэрин кэннэ, куораттан хаһыат корреспондена тахсан, кинилэри көрсөн хайдах тустубуттарын, тугу ситиспиттэрин ыйыталаһан “Эдэр коммунист” хаһыакка улахан, киһи сэҥээрэр ыстатыйатын таһаарбыт этэ. Онно Сергей Лыткин туһунан уустаан-ураннаан, хайдах утарылаһааччыларын “обвив” приемунан үөһэнэн кыыраталаан кыайталаабытын, бэйэтэ ол күрэхтэһиигэ көрөн олорбут киһи курдук суруйбутун биһиги сэҥээрэн аахпыппытын өйдүүбүн.

Сергей оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан тустууга балачча ситиһиилэрдээҕинэн, сэмэйинэн, бэрээдэктээҕинэн уонна үөрэҕэр кыһалларынан Дмитрий Петрович бастыҥ иитиллээччилэриттэн биирдэстэрэ этэ. Ол иһин оскуоланы бүтэрээтин кытары, 1966 сыл күһүнүгэр, үөһээ интэринээт-оскуола аһыллыбытыгар салгыы үчүгэйдик дьарыктаары, бэйэтигэр көмөлөһүннэрээри тренер-воспитателинэн үлэҕэ ылбыта. Ити түгэн элбэҕи этэр дии саныыбын.

Мин эмиэ оскуоланы бүтэрэн баран, совхозка үлэлии тахсыбытым, онтон армия, үрдүк үөрэх. Оннук Сергей биһиги суолбут тус-туспа барбыта.

Сергей морфлокка сулууспалаан, Харьковтааҕы юридическай институту бүтэрэн дойдуга куттал суох буолуутун кэмитиэтин эппиэттээх үлэһитэ буолбута, Нерюнгри кэмитиэтин салайбыта. Сергей Васильевичка, КГБ-га үлэлии сырыттаҕына, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ ааты иҥэрбиттэрэ. Кэлин уонтан тахса сыл Москваҕа АЛРОСА АК экономикатыгар куттал суох буолуутун Управлениятын салайбыта.

2022 сыллаахха соһуччу Чурапчыга быраатынаан Баһылайдыын анаан-минээн спортивнай музейы көрө кэлэ сылдьыбыта, онно көрсүбүппүт. Ити көрсүһүүттэн иккиэн даҕаны олус үөрбүппүт, уруккубутун оҕо сааспытын санаан-ахтан дуоһуйа кэпсэппиппит. Ол, бу санаатахха, тиһэх көрсүһүүбүт эбит…

Онон түмүктээн эттэххэ, Сергей Васильевич Лыткин туһунан үчүгэй эрэ өйдөбүл мин өйбөр-санаабар куруук баар. 

Егор Васильевич ПУДОВ, оскуолаҕа Дмитрий Петрович Коркиҥҥа бииргэ дьарыктаммыт үөлээннээҕэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

836666
Просмотров сегодня : 147