Сонуннар

Илларион Георгиевич аата ааттана туруоҕа

Алтынньы 23 күнүгэр Илларион Георгиевич Федосеев күн сирин көрбүт 75 үбүлүөйдээх тэрээһинэ үрдүк таһымҥа ыытылынна.

Илларионнуун биир кэмҥэ тустубут, алтыспыт, үлэлээбит, оҕолоро, аймах дьоно мустан улуу киһибит памятнигар сибэкки уурууттан саҕаланна. Эдэр тустууктар Чурапчыттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Уус-Алдантан, Амматтан, Намтан, Хатастан, Дьокуускайтан, Өймөкөөнтөн, Тааттаттан барыта 282 тустуук 3 көбүөрүнэн күөн көрүстүлэр, ким бастыҥ буоларын быһаарыстылар. Тэрийээччилэр ыҥырыыларын ылынан киэн туттар киһибит турнирын өйөөн кэлбит хамаандаларга, тренердэргэ Махталбыт муҥура суох.

Күрэспит сүрүн спонсорынан “Саханефтегазбыт” (ген. дириэктэр, Ил Түмэн депутата Виктор Никоевич Лебедев) буолла. 17 ыйааһыҥҥа чемпионнаабыт бөҕөстөр тахсан лот тутан Мэҥэ-Хаҥалас Харатыттан 2016 сыл төрүөх 38 киилэлээх Эльдар Филатов буолла. Виктор Николаевич туруорбут Илларион Георгиевич 75 сааһынан 75.000 тыһыынчаны уу харчынан анал сертификатын илдьэ барда.

Күрэхтэһиибитигэр бирииһинэн көмөлөспүт, куруутун спорду өйүүр салайааччыларбытыгар махтаныахпытын баҕарабыт: “Төлөн” хампааньыйа дириэктэригэр, Ил Түмэн депутатыгар Прокопий Дмитриевич Рахлеевка, Прокопий Дмитриевич ыйааһын аайы бастаабыт оҕолору наҕараадалаата. Куруутун биһигини өйүүр “Айрон” хампааньыйа салайааччытыгар Макар Николаевич Зыряновка, Макар Николаевич хас биирдии миэстэ иһигэр киирбит бөҕөскө 68 устуука юбилейнай анал суруктаах рюкзактары туттарда. Куруутун өйүүр баһылыктарбыт Егор Иннокентьевич Павловка, Егор Владимирович Васильевка, Егор Николаевич Постниковка, Олег Николаевич Ушницкайга.

«Триумф” киин салайааччыларыгар Михаил Дмитриевич Пахомовка, Владимир Александрович Карпенкоҕа, улуус мунньаҕын председателигэр Петр Петрович Максимовка, үөрэх управлениятын салайааччытыгар Иннокентий Иннокентьевич Дягилевка, Үөрэҕирии профсоюһун председателигэр Прокопий Васильевич Борисовка, культура управлениятын салайааччытыгар Изабелла Александровна Сивцеваҕа, “Сарыал” спорт уонна култуура киинин дириэктэригэр Алексей Иннокентьевич Тарасовка, Ветеренария салайааччытыгар Афанасий Владимирович Оконешниковка, Ил Түмэн депутаатыгар Дмитрий Николаевич Поисеевка, социальнай управления салайааччытыгар Михаил Петрович Тарасовка, тыа хаһаайыстыба управлениятын салаайаачытыгар Гаврил Сергеевич Кычкиҥҥа, “Тех ресурс” тэрилтэ салайааччытыгар Иван Ильич Бурмистровка, ДПК салайааччытыгар Иван Федотович Рахлеевка, спорт комитет салайааччытыгар Владимир Владимирович Кривошапкиҥҥа.

Биирдиилээн көмө оҥорбут дьоннорбут: Роман Кузьмич Луковцевка, Гаврил Иванович Каприҥҥа, Михаил Михайлович Соровка, Чурапчытааҕы ДЮСШ дириэктэрэ Александр Романович Неустроевка, Илларион Георгиевич оскуоланы бииргэ бүтэрбит 1968 с. выпустарга, бииргэ үлэлээбит доҕоругар Гаврил Николаевич Варламовка тэрийэр хамыһыйа аатыттан бар дьоммутугар улахан Махталбытын тириэрдэбит.

Илларион Георгиевич Федосеев оҕолоро, аймах дьоно бириис бөҕөтө туруоран анал номинацияларга 3 оҕо 10.000, оҕо спортивнай оскуолатыгар 20.000 уонна “Бастыҥ тренер” диэн номинацияҕа Илларион Георгиевич Федосеев аатын сүгэр оскуола тустууга сүрүн тренеригэр – Егор Дмитриевич Малышевка 75.000 т.солк уу харчынан туттартаатылар.

Илларион Георгиевич Федосеев аатынан Оҕо спорт оскуолатын коллективын аатыттан улахан махталбытын тириэрдэбит улууспут аҕа баһылыгар Айаал Семенович Бурцевка, баһылык бастакы солбуйааччытыгар Руслан Игнатьевич Захаровка, социальнай эйгэҕэ солбуйааччыга Никифор Никифорович Жерготовка.

Туһунан махтал тириэрдиэхпитин баҕарабыт “Айылхаана” түмсүүгэ сылгы кылыттан Тойон сөрүө технологиянан өрүллүбүт 11 спорт көрүҥүн кэрэһэлиир панно бэлэх туттарбыккытыгар.

Тэрээһиммит этэҥҥэ ааспытыттан биһиги сүргэбит көтөҕүллэн өссө да күүскэ үлэлииргэ хамсыырга бэлэммит. Бука бары доруобай буолуҥ!

Егор НОЕНОХОВ, Оҕо спорт оскуолатын дириэктэрэ.

Ытык Күөл, Таатта.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

836666
Просмотров сегодня : 147