Сонуннар

Дойдуга бэриниилээх буолуу оҕо эрдэхтэн иҥэриллэр

// Отвагалар саҥа ситиһиилэрэ

“Сирдээҕи олоххо аналбыт – Очуоһу дабайыы, Ыардары баһыйыы, Тапталы чиэстээһин Саҥаны түстээһин, Суол биһиги доҕорбут, Тыал – биһиги аргыспыт” диэн В.Хон бэрт бэргэнник эппит тыллара олус тоҕоостоох кэмигэр олоробут. 

Бу хоһооҥҥо хоһуллубут түгэннэргэ үтүө санаанан өһүллүбэт өһүөлүү куйахтанар, абыраллаах, көмүскэс санаанан хамсаабат акылааттыы туруулаһар ийэ дойдуга бэриниилээх дьоннор эрэллээх эркин буолаллар. Бу хаачыстыба оҕо эрдэхтэн иитилиннэҕинэ, оҕо эрдэхтэн иҥэрилиннэҕинэ дойдубут көмүскэллээх буоларыгар эрэл санаа өссө күүһүрэр.

Хорсун быһыы-майгы, ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, көмүскүүр-харыстыыр, хараанныыр диэн өйдөбүл хас биирдии киһиэхэ сыһыаннаах. Хатас нэһилиэгэр бу хайысхаҕа барар иитэр-үөрэтэр үлэҕэ биллэр-көстөр хамсаныылардаах түмсүү П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан ХОО иһинэн үлэлиир-хамсыыр “Отвага” кулууп Петр Андреевич Никифоров уонна кини биир санаалаахтарын көмөтүнэн бэрт таһаарыылаахтык, үтүө түмүктээхтик үлэлиир.

Петр Андреевич өр сыллаах үлэтин сааһылаан, наардаан көрдөҕүнэ физкултуура уонна кини салайар куттал суох буолуутун уонна көмүскэллээх буолууга иитэр-үөрэтэр    кабинетын үлэтэ оҕоҕо бэрээдэктээх буолууну, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн тэҥ сайдыыны,  бэйэҕэ эрэллээх буолууну биэрэр.

Кини этэринэн, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах бэйэтин кыанар, сатыыр киһи өйө-санаата киэҥ, чэбдик туруктаах, чөл олохтоох кыраны-кыамматы, кырдьаҕаһы өйүүр-убуур, көмөлөһөр. Кырдьыга да оннук. Бу күннэргэ иитии-үөрэтии, сайыннарыы-үүннэрии  түбүктээх үлэтин түмүктүүр ыйдарыгар үктэнэн туран, баранан биэрбэт араас тэрээһиннэр быыстарыгар бириэмэ булан, суолта биэрэн ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн, чочуйан сүрдээх интэриэһинэй, умсугутуулаах күрэс буолан ааста.

Өссө атыннык көрөр буоллахха манна бааллар түргэннэр-тарҕаннар, дьоһуннар, оргууй-наллаан, сааһылаан-наардаан сылдьааччылар, ырытар, анаарар сатабыллаахтар, үлэттэн үөрүүнү, үүнүүнү-сайдыыны ылааччылар. Тэрээһин буоларын тухары көрөөччү, сыаналааччы, кыттааччы биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ этэргэ дылы тыынардыын тэҥ турукка киирдилэр. Ол курдук, муус устар 20-24 куннэригэр Горнай улууһун киинигэр Бэрдьигэстээххэ регионааҕы байыаннай-патриотическай «Зарница 2.0» оонньуу буолан ааста. Уопсайа 13 хамаанда, 130 кыттааччы 19 көрүҥүнэн кытынна.

Бу күрэхтэһии бу түһүмэҕэр кыттар туһугар хамаандалар хас даҕаны түһүмэҕи бэйэлэрин улуустарыгар, нэһилиэктэригэр ааспыттара, онон этэргэ дылы бастыҥтан бастыҥнар, чулууттан чулуулар мустубуттара.

Дьэ, санаан көрүҥ хас көрүҥҥэ кыттыбыттарын, хас биирдии көрүҥ бэйэтэ туһунан сыаллаах-соруктаах, ис хоһоонноох. Инньэ гынан хамаанда оҕолоро бары дэгиттэр дьоҕурдаахтар, дьулуурдаахтар-тулуурдаахтар. Манна бары биир киһи туһугар, биир киһи барыбыт туһугар диэн өйдөбүл олох күүскэ үлэлиир. Манна түргэн-тарҕан буолуу толкуйдаах, ыксаабат, ыһыллыбат-тоҥуллубат, ыгыллыбат буолууну кытта алтыһар, манна сатыырыҥ-билэриҥ таһынан дойдуга (төрөөбүт улууһуҥ, нэһилиэгиҥ аата, аймах-билэ дьонуҥ), оҥорор дьыалаҕар бэриниилээх буолуу суолтата хас эмит төгүл улаатар.  «Зарница 2.0» хас даҕаны сүһүөҕүнэн барар.

Хатастааҕы “Отвага” кулууп бу күрэхтэһии үс сүһүөҕэр бааллар уонна бары сүһүөҕэр үс миэстэ иһигэр баалларын хайаан даҕаны бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Ол аата ситимнээх, ыраах барар былааннаах, инникигэ эрэллээх торумнардаах үлэ барарын чаҕылхай туоһута. Аны бу үлэҕэ оҕо куруутун байыаннайы, эт-хаан эрчиллиитин, сайдыытын эрэ толкуйдуу сылдьар буолбатах, манна оҕо эргиччи дэгиттэр сайцдыылаах буолуутугар киэҥ көрүүлээх үлэ барар. Холобура, Бэрдьигэстээххэ тиийэн иллэҥ буоллулар даҕаны музейдары көрдүлэр, олоххо көхтөөх, туспа, ураты суоллаах-иистээх дьону көрүстүлэр. Атыннык эттэххэ, өй-санаа өттүнэн эмиэ байдылар, киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин улуустарын устуоруйатын билистилэр, айылҕаҕа сыһыаҥҥа, күннээҕиттэн даҕаны көдьүүстээҕи буларга уһуйулуннулар. Оҕолор ордук мутугу, маһы бэлиэтии көрдөххө хайдах курдук үтүөкэн оҥоһуктар тахсыа Валерий, Антонина Дьячковскайдар дьиэ-кэргэттэр тэлгэһэлэрин иһигэр тэриммит музейдарыгар сылдьан киһи болҕомтолоох, айар-тутар санаалаах буоллаҕына атахпыт анныгар тэбиллэ сылдьартан даҕаны харах халтарыйар кэрэтин оҥоруохха сөбүн көрө-истэ итэҕэйдилэр.

Дьэ уонна нэдиэлэни эрэ кыайбат кэм иһигэр бииргэ буолан түмсэн күрэстэһэн, күөн былдьаһан түмүккэ маннык буолла.

Бастакы миэстэ – П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан ХОО «Отвага» хамаанда,

Иккис миэстэ – А.Н. Осипов аатынан Бэрдьигэстээхтээҕи БОО «Мохсоҕол» хамаанда.

Үһүс миэстэ – В.В. Расторгуев аатынан Амматааҕы ОО «Молот» хамаанда.

П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан ХОО «Отвага» хамаанда сүрүн салайааччыта П.А. Никифоров бу саас Хатас орто оскуолатын  куттал суох буолуутун уонна көмүскэллээх буолууга иитэр-үөрэтэр  анал хоһугар (кабинетыгар) Афганистан сэриитин бэтэрээнигэр, “Хорсун санаатын иһин” диэн буойун-саллаат саамай сыаналанар мэтээлин хаһаайынын, үтүө киһи Никифоров Андрей Петрович аатын иҥэриини ситиспитэ.

Андрей Петрович Петр Андреевич төрөппүт аҕата буолар. Бу үөрүүлээх-долгутуулаах түгэҥҥэ ис сүрэҕиттэн үөрэн-көтөн долгуйан туран: “Аны миигиттэн ирдэнэрэ дьон итэҕэлин түһэн биэрбэккэ ылбыт кирбиилэрбиттэн сүппэккэ салгыы олох устун айан буолар”, — диэбитин дьыаланан дакаастыыр түгэннэр бу курдук салгыы баран иһиэхтэрэ диэн эрэлбитин биллэрэбит.

Наталья РУФОВА.

Хатас

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

655188
Просмотров сегодня : 520