Тустууга тапталы иҥэрбитэ
// Сэтинньи 11 күнүгэр биллиилээх тренер Николай Рожин 75 сааһын туолла
Николай Николаевич Рожины тренерим быһыытынан ахтар буоллахпына, биир түгэнтэн саҕалыахпын баҕарабын.
1998 сыллаахха Красноярскай куоракка Иван Ярыгин аатынан күрэхтэһии кэмигэр көрсөн ыксал быыһыгар кэпсэтэн ааспыппыт. Онно кини бу билиҥҥи көрүүбүнэн-билиибинэн, бастакы хомуурум оҕолоро бааллара буоллар, диэн санаан-ахтан ааспыта.
Ол маннык этэ: Мүрү 8 кылаастаах оскуолатыгар тустууга эрчиллэр этибит. Ону оскуолабыт физкултуураҕа уруогун учууталлара ыытар этилэр. Ол курдук, И.М. Жирков, Л.П. Андросов, В.П. Слепцов, Г.Г. Данилов, С.А. Охлопков, С.М. Татаринов, И.Дорофеев биһиэхэ олук уурдахтара. Кинилэр үлэлэригэр бэриниилээх буолан, ол саҕанааҕы оҕолор бары да спорду интэриэһиргиирбит, дьарыктанарбыт. Биир дьарык кэмигэр Курбуһах интэрнээт-оскуолатын оҕолоро тренердэрин кытта күрэхтэһиигэ баран дуу, кэлэн дуу иһэн дьарыктанан ааспыттара. Олорго кыттыһан, тустуу дьарыга бу эбит дуу диэн, Мүрү оҕолоро сүрдээҕин соһуйбуттаахпыт.
Оҕо сааһым доҕотторо
Түгэнинэн туһанан, оччолорго Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолатыгар тустуунан дьарыктаммыт уолаттары ахтан-санаан аастахха, Слава Свинобоев, Иван, Захар Ильиннар, Петя, Ганя Винокуровтар, Коля Герасимов, Петя Павлов, Игорь Сивцев, Максим Иванов, Миша Старостин, Алеша Барашков, Вася Рублев, Федя, Сергей Дамаскиннар, Миша Сивцев, Руслан Мырсанов, уо.д.а. элбэх этибит. Миша Аммосов кэлин спорт маастара буолбута. Кини быраата Вася, Василий Иванович билигин Уус Алдан улууһун баһылыга.
Ол дьарыкка биир түгэн өйбөр хатанан хаалбыт. Биһиги оскуолабытыттан Мындаабаттан сылдьар Пестряков Сергей уонна Найахыттан дуу, Өспөхтөн дуу төрүттээх Кривошапкин Гоша киирсибиттэрэ. Оҕо санаабар, хабыр хапсыһыы буолбута. Көбүөргэ баппаккалар муостаҕа киирсии салҕаммыта. Гоша айылҕаттан күүстээх уол көтөҕөн таһаарталыырын, биһиги Сергейбит икки өттүтүнэн өттүктэтэлээн түһэртиирин, онно баар оҕолор сүрдээҕин сөҕөн, билигин да өйдүүр буолуохтаахтар. Ол хабыр киирсиини тохтоппокко эрээри, эчэйии тахсыбатын хонтуруоллуу турбут көҥүл тустуу тренерэ Николай Николаевич Рожин этэ. Ол кэннэ табаарыспыт Сергей Пестряков сүтэн хаалбыта. Кэлин билбиппит Курбуһахха дьарыктыы илдьэ барбыт эбиттэр.
// Союз күрэхтэһиитигэр бэлэмнэнэр сборга. Красноярскай кыраай, Шушенское дэриэбинэтэ.
Күүстээх да састаап үлэлээбитэ
Сотору буолан баран, Николай Николаевич Курбуһахтан Бороҕоҥҥо көһөн кэлэн, тустууга оройуон нэһилиэктэртэн оҕолору хомуйан, интэрнээккэ олордон дьарыгын салҕаабыта. Ол оҕолор ортолоругар Чэриктэйтэн бырааттыы Костя, Гриша Васильевтар, Бурнашев Коля, Босиков Ганя, Босиков Толя, Горохов Саша, Лукачевскай Федя, Курбуһахтан Герман, Андрей Христофоровтар, Өспөхтөн Алексей Борисов, Өнөртөн Витя Литвинцев, Тулунаттан Ушницкай Саша, Носов Володя, өссө да атын нэһилиэктэртэн уонна биһиги, Мүрү алаас оҕолоро, тустуунан дьаныардаахтык эрчиллэн барбыппыт.
Ол кэмҥэ эдэр эрчимнээх, күүстэригэр-уохтарыгар сылдьар, саҥа үөрэхтэрин да бүтэрэн кэлбит, көҥүл тустууга бэриниилээх да тренердэр, учууталлар мустан улууһу аатырдыбыттара. Олор истэригэр Николай Николаевич Рожин Бороҕоҥҥо, Окоемов Алексей Николаевич Курбуһахха, Николай Романович Крылов Дүпсүҥҥэ, Анатолий Николаевич Константинов Суоттуга, Николай Николаевич Константинов Сыырдаахха, Иннокентий Михайлович Захаров Өнөргө, уонна да атын тустууга, спорка уһулуччу бэриниилээх, энтузиаст дьоннор бааллар этэ.
Кинилэр биһигини дьарыктыылларын таһынан, бэйэлэрэ эмиэ эрчиллэн оройуон, өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүүр, холобур буолар сүдү дьон эбиттэр. Билигин санаан, ырытан көрдөххө биһиги, биһиги кэннэ кэлэр да көлүөнэ, спорка ситиһиилэрбит бу дьон билиилэрин-көрүүлэрин толору ууран, ситимнээн, уһулуччу бэриниилээхтик үлэлээбиттэриттэн тахсыбыт буоллаҕа. Николай Николаевич Бороҕоҥҥо оройуон киинигэр үлэлиирин быһыытынан – оройуон, өрөспүүбүлүкэ салалталарын кытта кыайыылаахтык кэпсэтэн, кэлэн-баран үлэ бөҕөтүн оҥорбута.
Гаджиевтыын хабыр хапсыһыы
Николай Николаевич бастакы чаҕылхай ситиһиитэ 1979 дуу, 1980 дуу сыллаахха оҕолорго Бүтүн Россияҕа Сергей Пестряков чемпионнаабыта буолар дии саныыбын. Сергей кэлин улаатан, төһө да атын эйгэҕэ үлэлээбитин иһин, биирдэ эмит алтыһан аастахпытына, кэпсэтиибит тренербит уонна ол кэмнээҕи тустуубут туһунан буолара. Ол кэмҥэ тустар ыйааһыммытыгар Дагестантан сылдьар Гаджиев диэн бөҕөһу кытта Сергей бастакы миэстэни былдьаһа сылдьан, өттүктээн түһэрэн ыраастык кыайан, Россия чемпиона буолбута.
Эһиилигэр Майаҕа сборданан баран, ол ыйааһыҥҥа мин барар чиэскэ тиксэбин. Күрэхтэһии Махачкала куоракка буолбута. Тиийбиппитигэр Гаджиев Сергейи көрдөөн миигин курдат көрөн кээспитэ. Ол сыл икки бөлөххө арааран туһуннарар буолбуттара. Бастакы бөлөххө маҥнайгынан эмиэ Сергей “табаарыһыгар” Гаджиевтыын түбэстим. Тустуубут, санаабар, Сергей уонна Гоша Кривошапкин киирсиилэрин курдук “хабыр хапсыһыы” этэ. Икки хараҕым көҕөрүөхтэригэр дылы. Хапсыһыы кэннэ көбүөргэ судьуйа: “Парень, ты победил”, – диэбитэ. Онтукам 4:3 хотторбут этим. Ону ким кыайбытын-кыайтарбытын Николай Николаевич билэн эрдэҕэ. Ол кэннэ барыларын кыайбытым. Бөлөххө араарбыт буоланнар, аннараа бөлөххө кыайыылааҕын кытта тустубаккабын, 3-с буолабын.
// Иккис эрээккэ ортоку, Роман Михайлович Дмитриев аттыгар – Яков Сыроватскай.
Тренербит бастакы хараҥаччылара
Салгыы эттэххэ, ол бастакы хомуурун оҕолоруттан тустууга таһыччы ситиһиилээх Николай Николаевич иитиллээччитэ Андрей Христофоров буолар. Кини – ССРС уолаттарга уонна ыччаттарга күрэхтэһиитин призера, Саха сирин уолаттарга, ыччаттарга, улахан дьоҥҥо элбэх төгүллээх чемпиона, Монголияҕа ыытыллыбыт “Интернационал” норуоттар икки ардыларынааҕы турнир призера…
Табаарыстарым Андрей Христофоров уонна Сергей Пестряков үрдүк көрдөрүүлэрэ тренербит Николай Николаевич кэлиҥҥи ситиһиилээх үлэтигэр тирэх буолбут буолуохтаах.
Онус кылааһы бүтэрэн баран, мин, Андрей Христофоров уонна тренер В.П. Уваров уолаттара: В.Торговкин, И.Яковлев, В.Захаров (Амма) университекка туттарсан киирбиппит. Онно Николай Николаевич биһигини Тустуу саалатыгар илдьэн, Д.П. Коркиҥҥа туттарбыта. Дьарыкка кытынныннар диэн санааттан. Онно Дмитрий Петрович миигин биирдэ ыҥыран ылан кэпсэппитэ, салгыы эрчиллэрбэр эппитэ. Ситим быстыбакка салҕанан, Д.П. Коркин дьарыктаабыт дьоно Н.Н. Рожин, В.П. Уваров күн бүгүнүгэр диэри салгыы тренеринэн үлэлии сылдьаллар.
Күндүтүк саныыр тренербин өрөгөйдөөх күҥҥүнэн, үбүлүөйгүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Чэгиэн доруобуйаны, эдэрдии эрчими, уһун дьоллоох олоҕу баҕара хаалабын.
Яков СЫРОВАТСКАЙ, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, педагогическай наука кандидата. “Көрбөттөр спортарын федерацията” физкультурнай-спортивнай тэрилтэ Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.
Николай Николаевич Рожин
1949 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэр Уус Алдан оройуонун Чэриктэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Көҥүл тустууга ССРС, хапсаҕайга Саха АССР спортарын маастара, Саха Республикатын үтүөлээх тренерэ, норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа, педагогическай наука кандидата, Д.П. Коркин аатынан Саха Республикатын физическэй култуураҕа уонна спорка эйгэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Уус Алдан улууһун, Чэриктэй нэһилиэгин бочуоттаах гражданина. 53-с сылын тренеринэн үлэлиир.