Сонуннар

Илья Васильев – Ылдьаа Хоточчу бирииһигэр

Сахабыт сиригэр ох саанан ытыы сайдыбыта 60 сылыгар уонна ох саанан ытыыга Хаҥалас улууһуттан бастакы ССРС спордун маастара Илья Афанасьевич Васильев – Ылдьаа Хоточчу бирииһигэр  өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турнир сэтинньи 22-24 күннэригэр Покровскайга тэрилиннэ.

Манна 16 хамаандаттан 143 кыттааччы баар. Саамай ыраахтан Муоматтан уонна Өлөөн улуустарыттан итини сэргэ, уруккуттан күүстээх Горнай, Сунтаар, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Хаҥалас, Чурапчы, Кэбээйи, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү уонна Дьокуускай куорат спортивнай оскуолаларын иитиллээччилэрэ күрэхтэстилэр. 4 норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах, 8 Россия спордун маастардара уонна саамай аҕа саастаах  охчут быһыытынан, “Сахаада-спорт” Ассоциация бэрэсидьиэнэ, юридическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр, РСФСР уонна РФ спордун маастара А.Н. Ким-Кимэн бааллар.

Кылаабынай судьуйанан Михаил Алексеев (Покровскай к.) уонна кылаабынай сэкирэтээринэн Валентина Соркомова (Бэрдьигэстээх с.) үлэлээтилэр. Күрэхтэһии арыллыытын сиэрин-туомун Тиит-Эбэттэн алгысчыт Татьяна Сивцева – СайНаара, “Сарыал” Култуура киинин  (дириэктэр М.И. Михайлова) “Утум” үҥкүү ансаамбыла уонна талааннаах, кэскиллээх ырыаһыт Петр Пестерев толордулар.

Илья Афанасьевич Васильев – Ылдьаа Хоточчу

Сүрүн бирииһи туруорбут ох саанан ытыыга ССРС спордун маастара Илья Васильевы билиһиннэрэр хайаан да тоҕоостоох. Бу олус сэмэй, ох саанан ытыыга уһулуччу талааннаах киһи, Сэбиэскэй Сойуус спордун маастарын нуорматын өссө 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан толорбут. Салгыы Илья Афанасьевич кэпсээнин истиэҕиҥ:

Миэнэ барыта соһуччу курдук этэ. I Дьөппөн орто оскуолатыгар VII кылааһы үөрэнэн бүтэрэн баран, Хоточчуга сырыттахпытына, күһүөрү Павел Михайлович Стасов Чурапчыттан кэлэ сылдьан үс оҕону илдьэ барбыта. VIII кылаастан Чурапчы Оҕо спортивнай интэринээт-оскуолатыгар үөрэхпитин саҕалаабыппыт уонна дьарыктанан киирэн барбыппыт. Бастаан утаа дьарыкпыт эт-хаан сайыннарыыта, күүс хачайдааһына этэ. Скакалкалыыбыт, жгут эрэһиинэни тардыалыыбыт. Сыл аҥаара күн аайы оннук, сороҕор хал буолар этим, оҕунан ыттарбаттар. Онтон ох туттарбыттарыгар дьэ интэриэһиргээтим. Дьиэттэн саҥа тэйбит киһи, интэринээт аһын атыҥырыы сылдьыбытым. Эрчиллиибит күҥҥэ 2-лии чаас, эбиэт кэнниттэн буолар. IX кылаастан күүскэ дьарыктанан эбиллэн, соҕуруунан-хотунан күрэхтэһиилэргэ кыттан киирэн барбытым. Бастаан сааһыары, Орджоникидзе куоракка баран күрэхтэспиппит. Онно «Спартак» спортивнай уопсастыба Россияҕа бастыыр иһин оҕолорго күрэхтэһиитигэр соһуччу 3-с миэстэ буолан, бастакы улахан ситиһиим этэ. Оччолорго биһиги кыһын спорт саала иһигэр ытарбыт, онно тиийэн эмискэ таһырдьа ыраах 70 м, 90 м ыраах дистанцияларга күрэхтэһиигэ соһуйуу бөҕө буоллубут. Хата күрэхтэһиигэ эрдэ баран иһэн, Москваҕа манежка аҕыйахта ытан дьарыктаммыппыт. X кылааһы бүтэрэр эксээмэннэрбин туттаран баран, Чита куоракка барбыппыт, ол күрэхтэһиигэо охчут  бүрээт уолаттара, Чита уобалаһыттан Владимир Ешеев баара кинилэрдиин билсибитим. Кини кэлин Европа чөмпүйэнээттэригэр 1982 с. кыһыл  көмүс. 1988 с. үрүҥ көмүс мэтээллэр хаһаайыннарынан, 1987 сыллаахха аан дойду чөмпүйүөнэ, 1988 с. Сеуллааҕы Олимпийскай оонньууларга боруонса призер буолбута. ССРС спордун үтүөлээх маастара. Читабытыгар төннөр буоллахха. Бүтүн Россия ыччаттарга күрэхтэһиитигэр боруонса мэтээли ылбытым. Владимир Ешеев бастаабыта, Саха сириттэн өссө Степан Шадрин диэн бииргэ эрчиллэр уолум иккис миэстэни ылбыта. Ити күрэхтэһиигэ 70 миэтэрэ ыраахха ытыыга рекорд олохтообутум, хойукка дылы турбута. Итиннэ маастарбын кыайан толорботоҕум, салгыы Дагестан өрөспүүбүлүкэтигэр Дербент куоракка тиийэн, «Урожай» Бүтүн Россиятааҕы спортивнай уопсастыба чөмпүйүөнэ буолбутум, ССРС спордун маастарын нуорматын толорбутум. Оскуолабын бүтэрэн баран, биир сыл Чурапчыга оскуола-интэринээккэ тириэньэринэн үлэлээбитим, ол сылдьан Россия куубагар бары ааттаах-суоллаах ох саанан ытааччылары кытта күрэхтэһэн 6 миэстэ иһигэр киирбитим. Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр икки сыл, Чита куоракка «СКА-19» спорт ротаҕа сулууспалаабытым. Ити сылларга Ленин орденнаах Забайкальскай байыаннай уокурук күрэхтэһиитигэр бастаабытым, ол кэнниттэн Молдавияҕа – Кишинёв куоракка ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин чөмпүйэнээтигэр кыттан, 5-с миэстэҕэ тиксибитим. Ити кэнниттэн спортан тэйбитим. Аармыйа кэнниттэн дойдубар төннөн кэлэн «Октябрь 50 сыла» сопхуоска, онтон Тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибигэр оробуочайынан, механизаторынан үлэлээбитим.

Илья Афанасьевич 2016 сыллаахтан  айар талаана арыллан, бастакы хоһооннорун хомуурунньугун кинигэтин 2017 сыллаахха таһааттарбыта. Ити кэмтэн саҕалаан билиҥҥи туругунан 9 кинигэ ааптара. Айылҕаттан айдарыылаах, талааннаах, айар куттаах хомоҕой хоһооннордоох Илья Васильев – Ылдьаа Хоточчу диэн псевдоним ылыммыта. Хаҥалас улууһун айар куттаахтарын «Өлүөнэ долгуннара» түмсүүгэ киирбитэ. 2022 сыллаахтан Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Ылдьаа Хоточчу син-биир спорка курдук, бэргэн тыллаах хомоҕой тыллаах хоһооннор, кинигэлэр ааптардара. Хоһоон айыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрин кыайыылаахтара. Илья Афанасьевич кэргэнинээн, учууталлар учууталлара Надежда Ивановналыын 2 оҕолоохтор, 5 сиэннээхтэр, этэҥҥэ быр-бааччы олороллор.

Сахабыт сиригэр ох саанан ытыы спорда төрүттэммитэ 60 сыл буолла

Төрүттээччи Павел Михайлович Стасов… Кини аата 70-80-сылларга Улуу тренер Дмитрий Петрович Коркины кытта тэҥҥэ ааттанара. Иккиэн биир кэмҥэ аатырар Чурапчы оскуола-интэринээтигэр бииргэ үлэлээбиттэрэ. Павел Михайлович тренерскэй олоҕо син эмиэ Дмитрий Петрович Коркин курдук уустуктардаах этэ. Бу кини кимиэхэ да майгыннаабат ураты туспа суола этэ. Ол оннук хатыламмат ураты суоллаах-иистээх тренер буолар. Кини, 25 ССРС уонна Россия спордун маастардарын иитэн бэлэмнээн таһаарбыта. Кини иитиллээччилэрэ 24 төгүл Россия , «Урожай», «Спартак» Киин Сэбиэттэрин чемпионнарынан буолбуттара. 6 төгүл Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх Күүстэрин чемпионнарынан, 27 төгүл Дальнай Восток уонна Сибиир, 70 төгүл Саха сирин кыайыылаахтарынан тахсыбыттара. Павел Михайлович кэргэнэ Тамара Спиридоновна 25 сыл тириэньэр ыстаастаах үрдүк категориялаах тренер этэ.

Хаҥаластааҕы Оҕо спортивнай оскуолатыттан Саха сирин, Россия, Европа чөмпүйүөннэрэ, призердара, ол иһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастардара Павел Мартынов, Айаал Адамов, РФ спордун маастардара Юля Маркова,  Павел Алексеев-Стасов, Владик Васильев, Юлиана Колесова, спорт маастарыгар кандидаттар Сардаана Дьячковская (Адьютантова), Бэргэн Алексеев, Саина Громова, Даниил Винокуров, Тимур Соловьев, Андрей Архипов иитиллэн, үүнэн-сайдан тахсыбыттара уонна ситиһиилээхтик үлэлииллэр, күрэхтэһэллэр. Сахабыт сиригэр ох саанан ытыы спорда төрүттэммитэ 60 сылыгар, оноҕосторо кыырайа көтөн сыалларын табан, дьулурҕатык иннилэрин диэки баран иһэллэр. Оҕунан ытыы  улууспутугар хайдах салаллан-сайдан иһэрэ, быһаччы ох саанан ытыы спордун төрүттээбит, сайыннарбыт Павел Михайлович уонна Тамара Спиридоновна Стасовтар дьоһуннаах олохторун, үлэлэрин, ыра санааларын кыыстара XX үйэ саамай элбэх титуллаах оҕунан ытааччыта  Анна Павловна Алексеева-Стасова, күтүөттэрэ анал үрдүк үөрэхтээх тириэньэр, өрөспүүбүлүкэ элбэх төгүллээх кыайыылааҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэньэрэ Михаил Валериевич Алексеев уонна сиэннэрэ үгүс-элбэх күрэхтэһиилэр чөмпүйүөннэрэ, Россия спордун маастара «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар кыайыылаахтара, Россия бастыыр иһин күрэхтэһии кыайыылааҕа уонна призера  Павел Алексеев-Стасов, спорт маастарыгар кандидат, элбэх төгүллээх оҕолорго Россия күрэхтэһиитин призера Бэргэн Алексеев салгыыр спортивнай олохторугар көстөр. Бүгүҥҥү да күрэхтэһиигэ көрдөххө уолаттар ийэлэрин, аҕаларын кынаттарыттан тахсан, тэрээһин бары ымпыгын-чымпыгын толорон үлэлээн түбүгүрдүлэр, кэскиллээхтэрин көрдөрдүлэр.

Оноҕостор чопчу сыалларын таптылар

Күрэхтэһээччилэр классическай диэн олимпийскай, блочнай диэн олимпийскай көрүҥҥэ киирсибэт көрүҥнэргэ уонна МИКС диэн биирдии эр киһи уонна дьахтар буолан хамаанданан күрэхтэстилэр. Икки күн устата бэрт тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Күрэхтэһии түмүгүн туһунан сүрүннүүр судьуйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэньэрэ, СӨ ох саанан ытыыга ыччаттарга сүрүн тириэньэр Михаил Алексеев маннык иһитиннэрдэ:

Бэҕэһээ күрэхтэһии саҕаланан, классификационнай ытыылар буолбуттара, бүгүн ол түмүгүнэн биирдиилээн уонна хамаанданан ытыыга сиэккэлэргэ арахсыбыттара. Финальнай ытыылар түмүктэннилэр. Эр дьоҥҥо классическай оҕунан ытыыга Чурапчы улууһуттан Долун Божедонов, дьахталларга Россия сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, Сунтаар улууһуттан Рената Гаврильева бастаатылар уонна кыһыл көмүс мэтээли кэттилэр. Блок оҕунан ытыыга эр дьоннорго Бүлүү улууһуттан Богдан Чиряев уонна дьахталларга Хаҥалас улууһуттан Юлия Маркова бастаатылар. Оттон хамаанданан классическай оҕунан ытыыга састаапка 3-түү киһи киирэр. Бэрдьигэстээхтэн олимпийскай эрэллэр спорт оскуолаларыттан Валентин Афанасьев, Михаил Борисов, Прокопий Терехов хамаандалара, дьахталларга Хаҥалас улууһуттан  Татьяна Винокурова, Анджелина Герасимова уонна Юлико Максимова кыайыылаахтарынан буоллулар. Биһиги тэрийээччилэр буоларбыт быһыытынан атын улуустартан кэлбит хамаандаларга уонна спортсменнарга кыттыыны ылбыттарын иһин махтанабыт. Быйыл эрдэттэн былааннааммыт, ох саанан ытыы сайдыбыта  60 сылыгар анааммыт, спорт бэтэрээнэ ССРС спордун маастара Илья Васильевы ыҥыраммыт, кинини чиэстээммит үөрүүлээх түгэни оҥордубут. Бу күрэтэһиибит инникитин үгэс курдук бу кэмҥэ ыытылла туруоҕа, – диэтэ.

Түмүккэ, блок диэн ытыыга бу МИКС диэн хамаандаҕа, хамаандаттан биирдии эр киһини уонна дьахтары туруораллар. Бу көрүҥҥэ биһиги хаҥаластар охчуттарбыт Россия сайыҥҥы чөмпүйэнээтин 2 төгүллээх кыайыылааҕа, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара. Тириэньэр Павел Мартынов уонна Европаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии финалиһа, Россия чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа, спорт маастара Юлия Маркова састааптаах хамаанда түмүк ытыыга финалга 5 очукуо арыттаах 153 очукуону ылан бастаатылар.

Мин билигин Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай Университет физическэй культура уонна спорт институтугар 2-с кууруска үөрэнэбин. Дьүөгэбинээн, Кэбээйиттэн сылдьар Дайаана Винокуровалыын, 2019 сылтан ыла хас биирдии күрэхтэһии ахсын илин-кэлин түсүһэбит. Бу күрэхтэһиигэ классификационнай ытыылар кэннилэриттэн Дайаанаттан 1 очукуонан ордон бастакы миэстэҕэ турбутум. Сахабыт сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар Прибылых Люда, Винокурова Дайаана уонна мин буолан баарбыт. Бу сотору, ахсынньы ый 3 күнүгэр, Читаҕа В.Н. Ешеев бирииһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга көтөбүт, – диэтэ спорт маастара Юлия Маркова.

Икки күннээх күрэхтэһии устата, Хаҥалас  охчуттара ытык сирдэрин аатын түһэн биэрбэтилэр. Биллэн турар, хайа да улуус оҕолоругар, ситиһиилэртэн улахан дьоҥҥо кыайыыларга диэри, сиртэн халлаан ырааҕын курдук ыраах, ыарахан айан күүтэ сытаахтааҕа эбээт. Онуоха диэри охчут оҕолор “биирдэ ат уорҕатыгар, биирдэ ат өрөҕөтүгэр” диэбиттии, төһөлөөх хотторуу хомолтотугар, кыайтарыы кыһыытыгар, өрөгөй үөрүүтүгэр, кыайыы кынатыгар уйдаран-тулуйан тиийиэхтэрэй, оҕолор барахсаттар. Киһи көрө олорон ыксыыр ытыылара буоллулар. Оттон күрэхтэһээччилэрбит ыксаан ыгылыйбат, уолуйан уйуһуйбат, киэҥ былас санаалара татыарыйбат, тимир ньиэрбэлээх дьон курдуктар.

Уйбаан УЙГУУРАП.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253193
Бүгүн : 51